Дьокуускайга ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын хааччахтыыр боппуруостары дьүүллэстилэр
Бэҕэһээ Дьокуускай куорат иһигэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын хааччахтыыр туһунан боппуруоһу Уопсастыбаннай истиилэргэ дьүүллэстилэр.
Дьокуускай куорат Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов иһитиннэрбитинэн, 3,5 туоннаттан улахан ыйааһыннаах таһаҕаһы таһар тиэхиньикэҕэ сырыы схемата маннык хайысханан оҥоһуллубут: 50 лет Советской Армии уул. – Б. Чижика уул. – Хабаров уул. – Чернышевскай уул. – Покровскай тракт уонна төттөрү хайысхаҕа; Покровскай тракт – Автодорожнай уул. – Красильников уул. – Лермонтов уул. – Петровскай уул. – Хатыҥ-Үрэх шоссета – Бүлүү трага уонна төттөрү хайысханан; Бүлүү трага – Объездной шоссе – Окружной шоссе – Автострада 50 лет Октября – Можайскай уул. – Марха мкр. Экспериментальнай уул. уонна төттөрү хайысханан.
«Өскөтүн ыарахан уйуктаах таһаҕаһы таһар тырааныспар атын суолунан сылдьара наадалаах буоллаҕына, айанныыр хайысхатын ыйан туран, «Росдормониторинг» ФКУ сайтын нөҥүө сайабылыанньа биэриэхтээх. Салгыы маршрут биһиэхэ сөбүлэһиигэ кэлэр», — диэтэ Василий Амбросов.
Василий Амбросов ону тэҥэ Дьокуускай куорат суолларыгар, ол иһигэр Эргэ Покровскай тракт, Птицевод, Н. Антонов, Бабушкин, Очиченко, Р. Зорге, Речниктэр уулуссаларыгар, хаартыска уонна видео камералары туруоруу үлэтин хаамыытын туһунан кэпсээтэ. Кэлэр сыл сааһыгар ыарахан уйуктаах таһаҕаһы таһар тиэхиньикэлэр сырыыларыгар хааччахтааһыҥҥа былааннаах үлэни ыытыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: