Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание молодежи» сиэксийэ аһыллыыта буолла.
Тэрээһин «Вместе к Победе!» өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай- патриотическай пуорум чэрчитинэн ыытылынна. Пуорум национальнай тыыны бөҕөргөтөргө уонна ийэ дойдуну көмүскүүргэ туһуланан олохтору олук уурбут дьоруойдар тустарынан өйдөбүнньүк күнэ буолла. Онно эдэр патриоттар уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Сиэксийэ аһыллыыта саллааттар чиэһигэр биир мүнүүтэттэн сөҥөн турдулар, кинилэр ааттара биллибэккэ хаалбыт, ол гынан баран дьон сүрэҕэр кинилэр хорсун быһыылара өрүү баар.
«Бүгүн биһиги олус суолталаах уонна тыҥааһыннаах тэрээһиннэри кэрэһилээтибит. Мин билэрбинэн, ити курдук, эдэр сааһыгар саллаат доҕотторгун сүтэрэр олус куһаҕан, ыарыылаах. Маннык тэрээһиннэри дьон ахтыыларын араҥаччылыырга элбэхтик ыытыахха нааадалаах. Бастатан туран, биһиги дьоруойдуарбыт тустарынан», — диэн Ыччат уонна социальнай коммуникацияларыгар миниистирин эбээһинэһин толорооччу, Рассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин бэлиэтээтэ.
Эдэр ыччат кэлэктииптэрин уус-уран нүөмэрдэригэр ураты болҕомто уурулунна. Пуорум кыттыылаахтара үөрүүлээх чааһын кэннэ «Якутия с тобой»уопсастыбаннай тэрилтэ маастар- кылаастарыгар сылдьан патриотизм тиэмэтигэр леиэксийэлэри иһиттилэр.
Санатан эттэххэ, Биллибэт саллаат күнэ дойдуга сыл ахсын ахсынньы 3 күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу өйдөбүнньүк күн төрөөбүт дойдутун көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун иһин олоҕун толук уурбут дьоҥҥо ананар.
Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ. 1 ыстакаан -- 240 мл.…
Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…
Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…
Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…
Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…
Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…