Дьокуускайга үөрэх дьылын көрсө үөрэх тэрилтэлэрин туттарыы түмүктэнэн эрэр

Share

Үгэс быһыытынан, үөрэх тэрилтэлэрин туттарыы хаамыыта оскуолалар, уһуйааннар уонна атын да тэрилтэлэр оҕолору көрсөргө бэлэмнэрин туоһулуур.  

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын үөрэҕин управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мирослав Афанасьев бэлиэтээбитинэн, үөрэх тэрилтэлэрин тутуу кэмигэр исписэлиистэр болҕомтолорун дьиэ, кылаастар, успуорт саалаларын туруктарыгар, ону тэҥэ, тэрил, үөрэх матырыйаала баарыгар-суоҕугар уураллар. Итини сэргэ, хамыыһыйа өрөмүөн хаачыстыбатын көрөр, санитарнай нуорманы уонна баһаарынай, антитеррористическай куттал суох буолуутун ирдэбилин толорууну бэрэбиэркэлиир.

“Сайын устата, былаан быһыытынан, өрөмүөн үлэтэ 19 уһуйааҥҥа, 16 оскуолаҕа, ону сэргэ, сынньалаҥ уонна доруобуйаны бөҕөргөтөр сайыҥҥы лааҕырдарга барда. Тирэх тиэхиньиическэй коммуникацияны өрөмүөннээһиҥҥэ ууруллубута: канализация, оттук, уотунан хааччыйыы ситимэ. Сүрүн үлэ номнуо бүттэ эбэтэр түмүктэнэн эрэр. Атырдьах ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, 2024-2025 үөрэх дьылыгар 109 эбийиэги туттубут, итинтэн 51 –  оскуола, 58 — уһуйаан”, – диэн Мирослав Афанасьев иһитиннэрдэ.

Быйыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай куораттааҕы лиссиэйгэ модульнай успуорт саалатын үлэҕэ киллэрэр былааннанар.

Атырдьах ыйын 10 күнүттэн балаҕан ыйын 8 күнүгэр диэри, Хомсомуол болуоссатыгар үгэскэ кубулуйбут оскуола баһаара үлэлиэҕэ. Бу туһунан Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын саайта сырдатар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

54 секунды ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Мииринэйгэ эр киһи уокка оҕустарда

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьирээ суруксут, тыл ууһа

Бу күннэргэ биир дойдулааҕым, Учууталым диэн улахан буукубаттан суруйар, ытыктыыр-сүгүрүйэр киһим Баһылай Сэмэнэбис Сүөдэрэп-Сэмээр Баһылай…

1 час ago