Бу чааска РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков «Үлэ кыбартаала» Технопаарка үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттыыны ылар.
Алексей Чекунков эҕэрдэ тылыгар Саха сирин салалтатыгар Уһук Илин уокуругар бастыҥ уопуту тарҕатан, кыахтаах ыччаттары, урбаанньыттары түмэр киини тутан олоххо киллэрбиттэригэр махтал тылларын анаата уонна бу пааркаттан кынат үүннэрэн өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыытын түстүүр бырайыактар үүнэн тахсалларыгар эрэнэрин эттэ.
Ил Дархан Айсен Николаев РФ бырабыыталыстыбатыгар бу сүүнэ улахан тутуу олоххо киирэригэр болҕомтотун, дьоһуннаах өйөбүлүн иһин махтал тылын бастыҥын эттэ. «Бу пааркаҕа резиденниэн баҕалаах ыччат үгүс. Онон сотору кэминэн өссө биир «Үлэ кыбартаалын» тутар толкуйга киириэхпит диэн эрэнэбин», — диэн санаатын үллэһиннэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Саамай үөрүүлээх уонна долгутуулаах «Үлэ кыбаартала» аһыллар бэлиэтэ «Күөх уот» баттанна! Ситиһиилээх аартыктан, «Үлэ кыбаартала»! Бу маннык сырдык «Күөх уот» эн уораҕайгар ыччаттарбытыгар умайа турдун!
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…