Дьокуускайга үлэ ырыынагар аналлаах эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы пуорум саҕаланна
Алтынньы 24-25 күннэригэр Дьокуускайга “Рынок труда Дальнего Востока и Арктики. Вызовы и возможности” пуорум ыытыллар.
Пуорумҥа былаас, билим бэрэстэбиитэллэрэ, үлэни биэрээччилэр уонна уопсастыбаннас кытынна. Пуорум Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ уонна Арктикаҕа үлэ ырыынагын уратыларыгар уонна каадырынан хааччыллыы кыһалҕаларыгар ананар.
Икки күн устата биэс былаһааккаҕа РФ Үлэҕэ министиэристибэтин, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук 11 эрэгийиэнин дэлэгээттэрэ кытталлар.
Пуорум бастакы күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов бэлиэтээн эппитинэн, дойду сайдыыта бэлэмнээх каадырдара суох кыаллыбат.
Каадыр тиийбэт боппуруоһун быһаарарга үлэ ырыынагын сөпкө барыллааһын, хас биирдии салааҕа үлэни биэрээччилэр наадыйыыларыгар сөп түбэһиннэрэн каадырдары бэлэмнээһин биллэр оруолу ылаллар. Билиҥҥитэ үгүс эрэгийиэннэргэ бэлиэтэнэр көстүү, ол эбэтэр үлэттэн үлэҕэ көһүү боппуруоһа сүрүн тиэмэнэн буолар. Тоҕо диэтэххэ, бу көстүү дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тэтимигэр улахан оруоллаах. Пуорум кыттыылаахтара бу уонна да атын боппуруостары быһаарарга былаас уорганнарын, билим уопсастыбаларын, тустаах тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннас күүһүн түмэр наадатын ыйдылар.
Икки күннээх тэрээһин түмүгэр пуорум кыттыылаахтара резолюция ылыныахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: