Дьокуускайга үлэ ырыынагар аналлаах эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы пуорум саҕаланна

Share

Алтынньы 24-25 күннэригэр Дьокуускайга  “Рынок труда Дальнего Востока и Арктики. Вызовы и возможности” пуорум ыытыллар.

Пуорумҥа былаас, билим бэрэстэбиитэллэрэ, үлэни биэрээччилэр уонна уопсастыбаннас кытынна. Пуорум Уһук Илиҥҥи эрэгийиэннэргэ уонна Арктикаҕа үлэ ырыынагын уратыларыгар уонна каадырынан хааччыллыы кыһалҕаларыгар ананар.

Икки күн устата биэс былаһааккаҕа РФ Үлэҕэ министиэристибэтин, Уһук Илин уонна Арктика  сайдыытын корпорациятын, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук 11 эрэгийиэнин дэлэгээттэрэ кытталлар.

Пуорум бастакы күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов бэлиэтээн эппитинэн, дойду сайдыыта бэлэмнээх каадырдара суох кыаллыбат.

Каадыр тиийбэт боппуруоһун быһаарарга үлэ ырыынагын сөпкө барыллааһын, хас биирдии салааҕа үлэни биэрээччилэр наадыйыыларыгар сөп түбэһиннэрэн каадырдары бэлэмнээһин биллэр оруолу ылаллар. Билиҥҥитэ үгүс эрэгийиэннэргэ бэлиэтэнэр көстүү, ол эбэтэр  үлэттэн үлэҕэ көһүү боппуруоһа сүрүн тиэмэнэн буолар. Тоҕо диэтэххэ, бу көстүү дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын  тэтимигэр улахан оруоллаах. Пуорум кыттыылаахтара бу уонна да атын боппуруостары быһаарарга былаас уорганнарын, билим уопсастыбаларын, тустаах тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннас күүһүн түмэр наадатын ыйдылар.

Икки күннээх тэрээһин түмүгэр пуорум кыттыылаахтара резолюция ылыныахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

47 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

5 часов ago