Дьокуускайга Ырыа күнүгэр  үбү-харчыны хомуйуу кэнсиэртэрэ тэриллиэхтэрэ

Дьокуускайга Ырыа күнүгэр  үбү-харчыны хомуйуу кэнсиэртэрэ тэриллиэхтэрэ

Ааптар:
20.05.2024, 21:30
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:

Ырыа күнүгэр аналлаах кэнсиэртэр оптуорунньукка, ыам ыйын 21 күнүгэр, Саха сирин бары куораттарыгар уонна сэлиэнньэлэригэр ыытыллыахтара.

Кэнсиэртэргэ ырыалары Саха сирин норуоттарын тылларынан толоруохтара. Оттон Дьокуускайга халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ анаан үп-харчы хомуйуута тэриллиэҕэ.

«Сарсын-сарсын сарсыарда…» кэнсиэр Дьокуускай куорат Доҕордоһуу болуоссатыгар киэһэ 19.00 чаастан ыытыллыаҕа. Тэрийээччилэр чуолкайдыылларынан, кэнсиэр чэрчитинэн Саха сиригэр халаан уутуттан эмсэҕэлээбит гражданнарга дьиэлэрин-уоттарын чөлүгэр түһэриигэ, аадырыстаах көмөнү оҥорууга үп-харчы хомуйуута тэриллиэҕэ.

С.А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылыгар уонна Оһуохай күнүгэр анаммыт кэнсиэргэ «Туймаада» судаарыстыбаннай вокальнай ансаамбыла, Ю.Платонов аатынан СӨ Эстрадатын тыйаатырын артыыстара, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатыра, М.Жиркова аатынан Саха муусукаҕа кэллиэс устудьуоннара, А. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһэ, СӨ ырыаларын ааптардарын Сойууһа, о.д.а кыттыахтара.

Ону сэргэ П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар  Г.М. Кривошапкин аатынан судаарыстыбаннай филармония симфоническай сезонун сабыытыгар анаммыт «Муустаах муора» кэнсиэр буолуоҕа.

Санаттахха, Ырыа күнэ Саха сиригэр 2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан ырыаҕа уһуйуу уонна култуура суолтатын билинии соругунан тэриллибитэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: