Дьокуускайга үс эдэр ыччат киинэ аһылынна
Саха сирин киин куоратыгар ахсынньы 16 күнүгэр хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн Волонтердары кытта үлэлэһэр киин, Психологическай көмө киинэ уонна «Подросток» ассоциация аанын арыйдылар.
Бу Саха сирэ «Регион для молодых» федеральнай куонкуруска кыайыытынан ситиһилиннэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар суруйда. Федеральнай бүддьүөттэн өрөмүөн үлэтин үбүлээһиҥҥэ уопсайа 98 мөлүйүөн үп-харчы көрүллүбүтэ.
«Биһиэхэ Саха сиригэр дьиҥ-чахчы күүстээх уонна эппиэттээх ыччат түмсүүтэ баар. Бу төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин уонна дойдуга дьиҥнээх туһаны оҥорор улахан аармыйа дьонунан буолаллар. Билигин үгүс байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаммыт волонтердар аахсыйалара ордук сыаналанар. Бу үтүө дьыалаҕа кыттыһар хас биирдии киһиэхэ ис сүрэхпиттэн махтанабын!» ,- диэн Айсен Николаев эттэ.
«Саҥа киэҥ сирдэри арыйыы саҥа бырайыактары олоххо киирэллэригэр улахан төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин. Эдэр эрчимнээх, күүстээх идиэйэлэрдээх сирдэринэн үтүө үөскүүр!»,- диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: