Дьокуускайга үс игирэ уол күн сирин көрдө
12.05.2023, 18:09
М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ Национальнай киинин перинатальнай киинин хаартыската.
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, ыам ыйын 11 күнүгэр, Дьокуускайга М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ Национальнай киинин перинатальнай киинигэр Саха сиригэр быйыл бастакы үс игирэ оҕо төрөөтө. Арассыыйа бастыҥ акушера Сергей Баринов эпэрээссийэлээн, үс уол оҕо күн сирин көрдө. Бу туһунан СИА-ҕа перинатальнай киин дириэктэрэ Татьяна Павлова иһитиннэрдэ.
«Уолаттар 1680, 1600 уонна 1580 грамм ыйааһыннаахтар. Билигин кэмин иннинэ төрөөбүт оҕолор реанимацияларыгар бааллар. Кинилэр 33-34 нэдиэлэлэригэр төрөөтүлэр», — диэн Татьяна Павлова иһитиннэрэр.
Ааспыт сылга бу кииҥҥэ биэстэ үс игирэ төрөөбүтэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: