Дьокуускайга оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөннэр ыытыллаллар

Share

Хапытаалынай өрөмүөн РФ «Үөрэҕи сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн 29, 5 №-дээх оскуолаларга, саха гимназиятыгар ыытыллар.

Сүбэ мунньахха Дьокуускай куорат прокурора Антон Николенко, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, Дьокуускай куорат дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Мария Петрова, «Главстрой» МКУ дириэктэрэ Алексей Варламов, «Оптима-строй», «Вертикаль», «Монтажник» ПК ХЭУо бэдэрээччиттэр, оскуолалар салалталара уонна төрөппүт кэмитиэтэ кыттыыны ыллылар.

«Главстрой» МКУ дириэктэрэ Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, муус устар 4 күнүгэр 29 №-дээх оскуолаҕа саҕаламмыт хапытаалынай өрөмүөҥҥэ матырыйаал барыта ылыллыбыт, үлэ салҕанар.

Төрөппүттэр, сокуоннай бэрэстэбиитэллэр сөбүлэҥнэринэн, бу оскуола 1-8 уонна 10 кылаастарын оҕолорун  тэйиччиттэн олорон үөрэниигэ көһөрбүттэр. Бу эмиэ атын өрөмүөннэнэ турар оскуолаларга курдук. Онон быйыл 9 уонна 11 кылаастары бүтэриэхтээх оҕолор 27 №-дээх оскуола баазатыгар үөрэнэллэр диэн тустаах оскуола салалтата иһитиннэрэр.

Саха гимназияҕа хапытаалынай өрөмүөн муус устар 3 күнүттэн саҕаламмыт. Үлэ кыраапык быһыытынан баран иһэр. Тутуу матырыйааллара атын куораттарга сакаастаммыттар, тырааныспарынан аҕалыыга кыһалҕа суох. Этиллэринэн, ититии ситимин уларыталлар, успуорт саалатыгар вентиляциятын өрөмүөннүүллэр, о.д.а. үлэ ыытыллыахтаах.

Дьокуускай куорат 5 №-дээх оскуолатыгар көтүрүү үлэлэрэ муус устар саҥатыттан саҕаламмыттар. Манна муостатын уларытыахтаахтар, түннүктэрэ саҥардыллыахтаахтар, о.д.а. үлэ элбэҕэ ыйыллар.

Хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар кэмигэр этиллибит бэлиэтээһиннэр, төрөппүттэр кэмитиэттэрин бэрэстэбиитэллэрин этиилэрэ учуоттаналлар. Оскуолалар салалталарын, сакаасчыттары, бэдэрээччиттэри кытары хардарыта сибээс олохтоммут уонна хонтуруол ыытыллар.

Өрөмүөн үлэлэрэ кыраапык быһыытынан баран иһэллэрин куорат баһылыга иһитиннэрдэ.

«Сүрүннээн үлэ хаамыыта үчүгэйдик баран иһэр. Наадалаах матырыйааллар сакаастаммыттар, сорох оскуолаларга атыылаһыллыбыттар уонна аҕалыллыбыттар. Атырдьах ыйын 1 күнүгэр үөрэх тэрилтэлэригэр сүрүн үлэни бүтэрэллэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбын. Маны сэргэ, федеральнай бырагырааманан, быйыл 13 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар кыахтаах. Маннык тэтиминэн бардахпытына, 2024 уонна 2025 сылларга, биһиги Дьокуускайга бары оскуолалары өрөмүөннүүр кыахтанабыт«, — диир Евгений Григорьев.

Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago