Дьокуускайга ыт ороспуонньуктары тутарга көмөлөстө

Share
Дьокуускайга Фараон диэн ыт ороспуонньуктааһыҥҥа уорбаланар дьону тутарга көмөлөстө диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Олунньу 27 күнүгэр киэһэ 22:00 чаас саҕана Билибин уулуссатыгар баар маҕаһыыҥҥа икки эр киһи киирэн харчы уорбуттара биллибит. Бу дьон сирэйдэригэр мааска кэтэн баран бородуукта атыылыыр маҕаһыыҥҥа киирэн, атыыһыкка быһаҕынан уонна биэрэстээх боллуонунан куттаан туран каассаттан харчыны ылбыттар.

Каассаҕа баар алта тыһыынчаттан тахса солкуобайы уоран баран саспыттар.

Силиэстийэлиир-суһал бөлөххө полиция хапытаана кинолог Иннокентий Яковлев Фараон диэн ытын кытта бааллар. Полицейскай ыт сыты ылаат, 900-чэ миэтэрэ тэйиччи турар элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ сүүрбүт. Бу дьиэ биир кыбартыыратыттан уорбаланааччылары булбуттар.

Эрдэ сууттана сылдьыбыт 39 саастаах киһиэхэ уонна кини 30 саастаах доҕорун туппуттар. Быһылаан тула холуобунай дьыала тэрилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

11 часов ago