Салгыы
Дьокуускайга ыты тутар пууҥҥа миэстэ суоҕа кырдьык дуо?

Дьокуускайга ыты тутар пууҥҥа миэстэ суоҕа кырдьык дуо?

10.10.2022, 17:12
Бөлөххө киир:

Ааҕааччыбыт Анастасия Васильева  Дьокуускайга  байыаннай эпэрээссийэҕэ быстах хомуурга барааччылар ыттарын, куоскаларын  тутар «Помоги выжить» диэн пууҥҥа миэстэ суох диэн сурах төһө оруннааҕын туһунан ыйытта.

Биһиги пуун салайааччыта Екатерина Безрученкоҕа сибээскэ таҕыстыбыт:

— Бу дьаһал тахсыаҕыттан биһиэхэ отучча киһи ыттарын туттараары сибээскэ тахсыбыттара. Күн аайы эрийэллэр. Онуоха биһиги ыттары батарар сирэ суох олоробут. Билиҥҥи туругунан биһиэхэ 1100 ыт иитиллэр. Ыттарбытын сатаан батарбакка сылдьан, эгэ, куоскалары ылыахпыт дуо? Саҥа вольер тутуохпутун үппүт-харчыбыт тиийбэт. Онон суһал байыаннай хомуурга барааччылар ыттарын, куоскаларын аймахтарыгар хаалларыахтарын сөп, — диэтэ.

Бэлиэтээн суруйдахха, биһиги эрэгийиэммитигэр анал пуунтан ыттары көҥүл ыытыы бобуллан турар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: