Дьокуускайга «Юнармия» хамсааһын сүлүөтэ саҕаланна
Дьокуускайга кадеттар лицей-интэринээттэригэр “Юнармия” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын IX патриотическай сүлүөтэ саҕаланна.
Тэрээһиҥҥэ 14 улуустан, куорат уокуругуттан 140 оскуола үөрэнээччитэ кыттар.
“Сүлүөт байыаннай-патриотическай оонньуу, күрэхтэһии эрэ курдук ис хоһоонноох буолбакка, бэйэ-бэйэҕитин кытта билсии, уопут атастаһыы быһыытынан барыаҕа. Бу тэрээһин өйгүтүгэр-санааҕытыгар өр кэмҥэ хаалыаҕа. Сүлүөт кэмигэр ылбыт үөрүйэхтэргит инникитин идэҕитин талыыга көмөлөөх буолуоҕа», — диэн СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистири бастакы солбуйааччы Надежда Мохначевская бэлиэтээтэ.
Тэрээһин ыытылларын устата “Юнармия” чилиэннэрэ бэйэлэрин сатабылларын, кыахтарын уонна дьулуурдарын араас күрэхтэһиилэргэ, турнирдарга көрдөрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: