Дьокуускайга ыытыллар Бүлүү улууһун күннэрэ Бүлүү 390 сылыгар уонна Степан Аржаков үбүлүөйүгэр ананнылар
Дьокуускайга Бүлүү улууһун күннэрин түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла. Тэрээһин Бүлүү 390 сылыгар уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна.
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан бэлиэ даатанан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов эҕэрдэлээтэ. Степан Максимович Аржаков өрөспүүбүлүкэ төрүттэниитигэр төһүү буолбут саха норуотун биир уһулуччулаах уола буоларын бэлиэтээтэ.
“Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар Бүлүү улууһугар, Дьокуускайга уонна Москваҕа кини олоҕор, үлэтигэр аналлаах кэккэ тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Бүлүү куорат төрүттэммитэ 390 уонна Степан Аржаков 125 сылларыгар аналлаах Бүлүү улууһун күннэрэ Дьокуускайга тэриллибитэ суолталаах. Өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас куората Бүлүү – Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах. Быйаҥнаах Бүлүү сирэ былыр-былыргыттан талааннаах, хорсун ыччаты иитэн таһаарар. Кинилэр кэккэлэригэр – сахалартан бастакы композитор Марк Жирков, Аҕа дойду Улуу сэриитин Дьоруойдара Николай Кондаков, Алексей Миронов, Николай Степанов о.д.а. Саха сирин уһулуччулаах судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, Бүлүү улууһуттан төрүттээх Гаврил Иосифович Чиряев 100 сылын туолуута эһиил өрөспүүбүлүкэ олоҕор бэлиэ түгэнинэн буолуоҕа” – диэн Георгий Михайлов эттэ.
Бүлүү улууһун күннэрин иитинэн эбии ситэриллэн-хоторуллан хаттаан күн сирин көрбүт “Степан Аржаков” хаартысканан альбом сүрэхтэниитэ, Саха тыйаатырыгар уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа буолла. Манна 2024 сыллааҕы Степан Аржаков аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын аатын биллэрдилэр.
Саха сирин олохтоохторо Степан Максимович Аржаков төрөөбүт күнүгэр Эргэ куоракка кини пааматынньыгар сибэкки уурбуттара, суруйааччы Дмитрий Наумов пьесатынан өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр судаарыстыбаннай, бэлиитичэскэй диэйэтэлигэр аналлаах “Над вечным покоем” испэктээк премьерата буолбута.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: