Салгыы
Дьокуускайга «Звезднай» хаҥкылыыр сирдэниэ

Дьокуускайга «Звезднай» хаҥкылыыр сирдэниэ

Ааптар:
14.08.2023, 18:00
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга «Звезднай» түөлбэни оҥоруу, тупсарыы тиһиктээхтик салҕанар. Манна ыам ыйын бүтүүтүгэр  сабыылаах хаҥкылыыр сири оҥорон саҕалаабыттара.

Бу саҥа спортивнай эбийиэк «Успуорт-олох нуорумата» федеральнай бырайыак тэрээһиннэрин олоххо киллэриинэн ыытыллар. СӨ Тутууга министиэристибэтиттэн иһитиннэрбиттэринэн, тутууну 2024 сылга сэтинньигэ түмүктээн туттарар былааннаахтар. Тутууну «АЭБ Капитал» хампаанньа ыытар. Эбийиэк иэнэ 5 тыһ кв.м. тахса.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Манна хоккейдыыр сир, керлиҥҥа саала, душтаах, таҥас уларыттар хостоох успуорт саалата баар буолаллар. Ону сэргэ, тириэньэрдэр уонна инструкторда хосторо, эрчиллэр саала, уо.д.а. былааннаналлар. Манна симиэнэҕэ 50 киһи хаҥкынан сүүрэр, 210 киһиэхэ тиийэ көрөөччү киирэр кыахтаныа диэн этиллэр.

Билиҥҥитэ эбийиэги тутууга 20 киһи үлэлиир.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: