Салгыы
Дьокуускайга арыгыны атыылыыр 60 «туочука» сабыллыан сөп (ВИДЕО)

Дьокуускайга арыгыны атыылыыр 60 «туочука» сабыллыан сөп (ВИДЕО)

Ааптар:
04.12.2022, 19:15
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка арыгыны атыылыыр 60-тан тахса бар уонна «туочука»  сабыллыахтарын сөбүн туһунан киин куорат мээрэ  Евгений Григорьев телеграм-канаалыгар иһитиннэрдэ. 

Санатар буоллахха, бу ааһан эрэр нэдиэлэҕэ Ил Түмэн дьокутааттара  аһыы утаҕы хааччахтыыр  сокуону бастакы ааҕыытыгар ылыммыттара. Сокуон бырайыагар атыылыыр сир иэнин 75 кв.м. диэри улаатыннараллыахтааҕа ыйыллар. Оччотугар итирдэр утаҕы атыылыыр 490 уопсастыбаннай аһыыр сир баарыттан 63-һэ хааччахтааһыҥҥа түбэһэр эбит. Аны итинтэн тоҕуһа көҥүлэ (лицензията) суох, оттон хаалбыттар «сымыйа кафелар» атыылыыр сирдэрин иэнэ 10 кв.м, онон хааччахтааһын бэрээдэктээһиҥҥэ көдьүүһэ улаатыа этэ.

«Ити сокуон олоххо киирдэҕинэ, быһа барыллаан ааҕыынан, арыгы атыылыырынан дьарыктанар 50 «туочука»  ырыынактан туоруур», — диэн Евгений Григорьев эппит.

Сокуон киирдэҕинэ,  Дьокуускай куоракка ханнык бардар уонна туочукалар сабыллалларын бу ссылканан киирэн көрүҥ.

Салгыы видео-устууга мээр Евгений Григорьев этиитин истиҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: