Дьокуускайга «Чарующий Север» быыстапка аһылынна
Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 9 күнүгэр, «Үргэл» арт-галерея дьиэтигэр аан дойдутааҕы төрүт олохтоох норуоттар күннэригэр аналлаах «Чарующий Север» быыстапка аһылынна.
Бу бырааһынньык биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олус улахан суолталаах. Былыр-былыргыттан тыйыс килиимэттээх Саха сиригэр Хотугу төрүт олохтоох омуктар бэрэстэбиитэллэрэ айылҕаны кытта алтыһан эйэ-дэмнээхтик олороллор. Кинилэр – Уһук хоту сир историческай нэһилиэстибэтин, төрүт култууратын, үгэс буолбут салааларын, төрүт тылларын-өстөрүн уонна былыргы үгэстэрин илдьэ сылдьааччыларынан буолаллар. Быыстапкаҕа идэтийбит уонна уруһуйдуур дьоҕурдаах худуоһунньуктар, норуот маастардара уонна муосчуттар үлэлэрэ турда.
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева ааттыттан, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уопсастыбаннай өйөбүл ыстаабын салайааччытын солбуйааччы Саргылана Неустроева худуоһунньуктарга айымньылаах үлэни уонна ситиһиилэри баҕаран туран наҕараадалары туттарда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: