Дьокуускайга «Острог — 2024» устудьуоннар этэрээттэрин бырайыактара салҕанар
Көхтөөх ыччаттар Дьокуускай сирин-уотун тупсарарга, өрө тардарга үлэлэһэллэр.
Устудьуоннар этэрээттэрэ уонтан тахса улахан субуотунньукка кытыннылар. Кинилэр күүстэринэн 350 куб. бөх-сах ыраастаммыт. Маны сэргэ, «Азия оҕолоро» оонньуулар кэмнэригэр куоракка бэрээдэги көрбүтэ-истибитэ.
Строительнай уокурук баһылыга Андрей Петров ыччаттар улахан көмөлөөхтөрүн бэлиэтиир.
«Үлэҕэ-хамнаска көхтөөхтөр. Кинилэр көмөлөрүнэн сибэккилэр иһиттэрэ, күрүөлэр кырааскаланнылар, уопсастыбаннай миэстэлэри өрө тартылар«, — диэн бэлиэтиир Андрей Петров.
Устудьуоннар этэрээттэрэ Строительнай уокурукка 120 кв.м. тротуар билиитэлэри өрөмүөннээтилэр, бөх-сах хомуйдулар. От ыйын саҥатыттан 15-кэ диэри үлэлииллэр диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: