Дьокуускайга «Сылаас күһүн» аахсыйа саҕаланна

Дьокуускайга «Сылаас күһүн» аахсыйа саҕаланна

18.09.2023, 13:00
Хаартыска СӨ Баһылыгын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Дьокуускай куоракка байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр «Сылаас күһүн» патриотическай аахсыйа саҕаланна. Бу туһунан Дьокуускай куоракка баар Биир кэлим сүрүннүүр киин суһал ыстаабын салайааччыта Георгий Куркутов иһитиннэрдэ.

«Саха сирэ эйигин кытары!» уопсастыбаннай хамсааһын тутар пууна уонна Биир кэлим сүрүннүүр киин кыттыһан «Сылаас күһүн» патриотическай ааксыйаны саҕалаатыбыт. Балаҕан ыйын 18 күнүттэн алтынньа 10 күнүгэр диэри волонтердар Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарбытыгар сылаас таҥаһы хомуйан, баһыылкалаан ыытыахтара. Байыастар наскыны, бэрчээккини, балаклаваны, термобельену уонна атын даҕаны сылаас таҥаһы кытары дьиэлэрин сылааһын билиэхтэрэ. Биир дойдулаахтарбытыгар тус бэйэлэригэр ааттаан-суоллаан өйдөбүнньүк малы ыытыахха сөп. Ол байыас ис туругун бөҕөргөтөрө саарбаҕа суох. Биһиги уопсастыбанньыктарбытыгар уонна мэлдьи көмөлөһөр дьоҥҥо махталбытын тириэрдэбит. Бу даҕаны сырыыга байыастарыбытыгар баһыылка хомуйарга биһиги аахсыйабытын өйүөхтэрэ диэн эрэллээхпин», – диэтэ Георгий Куркутов.

Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар сылаас таҥаһы хомуйуу маннык аадырыска ыытыллар: Дьокуускай куорат, Орджоникидзе, уул., 10, 2-с этээс, киирии аан хаҥас өттүгэр баар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: