Салгыы
Дьокуускайтан байыаннай дьайыы хонуутугар 12 массыына ыыттылар

Дьокуускайтан байыаннай дьайыы хонуутугар 12 массыына ыыттылар

Ааптар:
27.06.2024, 15:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сирин нэһилиэктэрин тутаах тэрилтэлэрэ анал байыаннай дьайыы хонуутугар 12 массыына ыыттылар.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — Саха сирин Бырабыыталыстыбатын  Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Федотов бэлиэтээбитинэн, маннык аахсыйалар Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ Кыайыы өрөгөйүн чугаһатарга бэлэмин көрдөрөр.

«Биһиги оҕолорбут уонна РФ Оборуона министиэристибэтэ биир дойдулаах байыаннай сулууспалаахтарга Саха сирин дьоно-сэргэтэ көмө, өйөбүл оҥороллорун олус сыаналыыллар. Кыайыыны чугаһатар туһугар норуот түмсүүлээҕэ арылхайдык көстөр. Бу биһиги норуоппут күүһэ», — диэтэ Андрей Федотов.

Норуодунай фронт Саха сиринээҕи исполкомун салайааччыта Олег Маклашов иһитиннэрбитинэн, тиэхиньикэ Нерюнгрига тиийиэҕэ, ол кэннэ тимир суолунан Ростов-на-Дону куоракка диэри айанныаҕа уонна байыаннай дьайыы хонуутугар тиэрдилиэҕэ.

«Бүгүн биһиги барыта 12 массыынаны ыытабыт. Бу барыта ситэриилээх былаас уорганнарын, биирдиилээн дьонтон, тэрилтэлэртэн, нэһилиэктэртэн уонна федеральнай уорганнартан хомуллубут тиэхиньикэ. Массыыналар биир дойдулаах байыастарбытыгар быһаччы тиэрдиллиэхтэрэ», — диэн кини иһитиннэрдэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 июля
  • 25°C
  • Ощущается: 25°Влажность: 50% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: