Дьокуускайтан байыаннай дьайыы хонуутугар 12 массыына ыыттылар

Share

Саха сирин нэһилиэктэрин тутаах тэрилтэлэрэ анал байыаннай дьайыы хонуутугар 12 массыына ыыттылар.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — Саха сирин Бырабыыталыстыбатын  Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Федотов бэлиэтээбитинэн, маннык аахсыйалар Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ Кыайыы өрөгөйүн чугаһатарга бэлэмин көрдөрөр.

«Биһиги оҕолорбут уонна РФ Оборуона министиэристибэтэ биир дойдулаах байыаннай сулууспалаахтарга Саха сирин дьоно-сэргэтэ көмө, өйөбүл оҥороллорун олус сыаналыыллар. Кыайыыны чугаһатар туһугар норуот түмсүүлээҕэ арылхайдык көстөр. Бу биһиги норуоппут күүһэ», — диэтэ Андрей Федотов.

Норуодунай фронт Саха сиринээҕи исполкомун салайааччыта Олег Маклашов иһитиннэрбитинэн, тиэхиньикэ Нерюнгрига тиийиэҕэ, ол кэннэ тимир суолунан Ростов-на-Дону куоракка диэри айанныаҕа уонна байыаннай дьайыы хонуутугар тиэрдилиэҕэ.

«Бүгүн биһиги барыта 12 массыынаны ыытабыт. Бу барыта ситэриилээх былаас уорганнарын, биирдиилээн дьонтон, тэрилтэлэртэн, нэһилиэктэртэн уонна федеральнай уорганнартан хомуллубут тиэхиньикэ. Массыыналар биир дойдулаах байыастарбытыгар быһаччы тиэрдиллиэхтэрэ», — диэн кини иһитиннэрдэ.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күөл үрдүнэн канаатынан хаамта!

Таалай күөл кытылыгар, муостатыгар ыы-быччары киһи муһунна. Бары цииркэ артыыһа канаатынан хаамарын долгуйа кэтэһэллэр. Бастаан…

4 часа ago
  • Сонуннар

Элбэх оҕолоох ыаллар 1-тан 11 кылааска диэри үөрэнэр оҕолоругар босхо бырайыастарын туһунан

Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин сиригэр уопсай үөрэх тэрилтэлэригэр 1-тан 11 кылааска диэри үөрэнэр элбэх оҕолоох…

4 часа ago
  • Сонуннар

Уустук кэмҥэ БАМ саннын тоһуйан биэрдэ

Арассыыйаны Чуумпу акыйааҥҥа таһаарыахтаах тимир суол тутуута 1974 сыллаахха саҕаламмыта. Байкал - Амур магистралын уһуна…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыл аҥаарыгар 5 тыһыынча ыал «100 сыл оҕолоро» хапытаалы туһаммыт

Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн, ону тэҥэ Оҕо саас сылын алта…

5 часов ago
  • "Азия оҕолоро"
  • Сонуннар
  • Спорт

Кураш күрэхтэһиитин бастакы күнэ — тыҥааһыннаах

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Эллэй Боотур муус дыбарыаһыгар "Азия оҕолоро" VIII оонньуулар чэрчитинэн кураш тустуу бастакы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

БАМ — ХХ үйэ саамай далааһыннаах бырайыактарыттан биирдэстэрэ

50 сыл анараа өттүгэр Бүтүн Сойуустааҕы ыччат хамсааһына - БАМ тутуута саҕаламмыта. От ыйын 4…

5 часов ago