Дьокуускайтан чугас күөл түгэҕиттэн водолазтар эр киһи өлүгүн таһаардылар
Бүгүн, от ыйын 31 күнүгэр, Харыялаах күөл түгэҕиттэн водолазтар эр киһи өлүгүн таһаардылар.
Өлбүт киһи илимин көрө тахсан баран дьиэтигэр төннүбэтэх. Быыһыыр сулууспа иһитиннэрэринэн, биригээдэ Өлүөнэ өрүс арыытыгар оттуур эбит да, ардах түһэн үлэ тохтотуллубут. Эр дьонтон биирдэстэрэ сарсыарда илим үппүт уонна киэһэлик илимин көрө айаннаабыт. Бу кэмҥэ күүстээх тыал түспүт. Кэлин отчуттар ааһан иһэн киэһэти күөл үрдүгэр кураанах оҥочону көрбүттэр. Сүтүктээх киһи тыраахтырын күөл кытылыгар туруорбут.
Бүгүн быһылаан буолбут сиригэр Саха сиринээҕи быыһыыр сулууспа көрдүүр-быыһыыр подразделениетын водолазтара таҕыстылар. 50 саастаах эр киһи өлүгүн күөл кытылыттан отучча миэтэрэ тэйиччи күөл түгэҕэр булбуттар. «Ууга сылдьыы, куттал суох буолуутун быраабылатын тутуһуҥ. Ууга тахсаргытыгар жилеттары кэтиҥ», — диэн быыһааччылар ыҥыраллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: