Дьокуускайтан Харбиҥҥа быһа рейс бэс ыйын 22 күнүттэн сөргүтүллүөн сөп
Быйыл киин куорат аэропордун көтөр-түһэр балаһата саҥардыллан оҥоһуллар үлэтэ саҕаламмытынан, Дьокуускай — Харбин хайысханан рейстэр быстах кэмҥэ тохтоон тураллар. СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Диана Степанова иһитиннэрбитинэн, Кытайга быһа көтүү бэс ыйын 22 күнүттэн сөргүтүллүөн сөп.
«Барыллааһын быһыытынан Кытайга рейстэр бэс ыйын 22 күнүттэн сөргүтүллүөхтэрэ диэн этэллэр. Урукку курдук быһа көтүү баар буолуоҕа», — диэн Диана Степанова социальнай ситимнэргэ быһа эпиир кэмигэр эттэ.
Санатан суруйдахха, быйыл муус устар 6 күнүттэн “Якутия” хампаанньа Дьокуускай-Харбин рейсин сөргүппүтэ. Пандемия саҕаланыаҕыттан, Кытай кыраныыссатын сабан олорбута. Билигин Кытай кыраныыссатын аһан, визалары биэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: