Дьокуускайтан Казаньҥа быһа рейс баар буолла
19.01.2024, 12:09
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Дьокуускайтан Казань куоракка быһа көтөр рейс баар буолуоҕа. Рейстэри муус устар 28 күнүттэн Nordwind авиахампаанньа оҥоруоҕа диэн СӨ тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Дьокуускай аэропуордун көтөр-түһэр балаһатын хапытаалынайдык өрөмүөннээһин түмүгэр, бу маннык рейстэри арыйар кыах үөскээтэ. Бу улахан үлэни бэрэсидьиэн көҕүлээбит «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры» национальнай бырайыак чэрчитинэн оҥорбуттара.
Бастаан Boing 737-800 сөмөлүөттэр, онтон бэс ыйыттан киэҥ фюзеляжтаах Airbus А330-200 сөмөлүөттрэ пассажирдары таһыахтара.
Сөмөлүөттэр нэдиэлэҕэ иккитэ бастайааннай көтүөхтэрэ:
Казань — Дьокуускай хайысхатынан 4-779 рейс — сэрэдэ уонна баскыһыанньа ахсын;
Дьокуускай — Казань хайысхатынан 4-780 рейс — бэнидиэньик уонна чэппиэр ахсын.
Билиэттэри авиахампаанньа саайтыттан, эбэтэр, авиакаассалартан атыылаһыахха сөп. Пассажирдар Казань норуоттар икки ардыларынааҕы аэропуордугар тиийэн, Шереметьево (Москва), Пулково (Санкт-Петербург) аэропуортарга, Сочи, Минеральные Воды, Махачкала куораттарга быһа көтүөхтэрин сөп.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: