Дьокуускайтан Магадаҥҥа диэри «Национальная трасса Колыма» туристическай эспэдииссийэ саҕаланна
Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ «Легенда Арктики открывает новые горизонты Якутии и Магаданской области» диэн пресс-кэмпириэнсийэ буолла.
Арктика уонна Уһук Илин амбассадора, эспиэр, эспэдииссийэ салайааччыта Богдан Булычев салалтатынан хамаанда суруналыыстарга «Национальная трасса Колыма» туристическай маршрут туһунан кэпсээтилэр. Пресс-кэмпириэнсийэ кэнниттэн хамаанда Дьокуускай куораттан Магадаҥҥа диэри айаҥҥа турунна.
Кини Уһук Илин федеральнай уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтэ, Уһук Илин эрэгийиэннэрин бырабыыталыстыбаларын таһымыгар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлистибэтэ өйүүллэрин бэлиэтээтэ.
«Бүгүн биһиги бу бырайыагы саҕалыыбыт уонна олоххо киллэрэбит. Биһиги сүрүн сорукпутунан үс таһаарыыны устуохпут. Бастакы таһаарыы Саха сирин, иккиһэ Магадан уонна үсүһэ федеральнай таһымҥа тахсар икки эрэгийиэннэр туризмын сайыннарыытын тустарынан уопсай киинэ буолуоҕа», — диэн Богдан Булычев бэлиэтээтэ.
Дьокуускайтан Магадаҥҥа диэри айаҥҥа Богдан Булычев салалтатынан Ярославль куораттан фотограф Александр Коваль, видеооператор уонна монтаж режиссера Антон Голиков, ону тэҥэ Дьокуускайтан блогер Мирлан Туркменов, ону тэҥэ Саха сириттэн Андрей Корх кытталлар. Сиһилии манна аах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: