Дьокуускайтан Ньурбаҕа «Кыайыы уота» айаннаата

Share

Ньурбаҕа атырдьах ыйын 28 күнүгэр, Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит күнүн иннинэ, бэлиэ түгэн буолла.

Дьокуускай куорат Кыайыы болуоссатын мэҥэ уотуттан Ньурбаҕа диэри «Кыайыы уота» айаҥҥа турунна. Ньурбаҕа «Кыайыы Уота» тиийдэҕинэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойу, майор Н.Н.Чусовской төрөөбүт нэһилиэгиттэн — Антоновкаттан балаҕан ыйын 3 күнүттэн саҕалаан Ньурба улууһун бары нэһилиэктэрин кэрийиэхтэрэ.

«Улуу Кыайыыны уоттаах сэрии толоонугар уонна тыылга уһансыбыт аҕа көлүөнэ дьоруойдуу хорсун быһыытын үйэтитэн, кинилэр холобурдарыгар оҕону-ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитэр хабаннаах үгүс үлэ ыытыллыаҕа. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!»,  — диэн Ньурба улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин ТГ-ханаала иһитиннэрэр.

Санаттахха, тэрээһин Кыайыы 80 сылын көрсө «Кыайыы уотун эстафетата» диэн патриотическай аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар. Саха сирин бары муниципальнай тэриллиилэригэр ыытыллар эстафетаны көҕүлээччинэн Ил Дархана Айсен Николаев буолар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

13 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago