Дьокуускайтан Витус Беринг суолунан эспэдииссийэ саҕаланна
Бүгүн, кулун тутар 25 күнүттэн, Дьокуускайтан Витус Беринг суолунан эспэдииссийэ саҕаланна.
Маршрут 10 хонук устата Уус Маайа улууһунан Хабаровскай кыраайга диэри ааһыаҕа. Эспэдииссийэ састаабыгар Арассыыйатааҕы ЫБММ сулууспатын, Нуучча географическай уопсастыбатын исписэлиистэрэ, СӨ Ил Дарханын, Бырабыыталыстыбатын дьаһалталарыттан бэрэстэбиитэллэр уонна «Хотун Тент» үлэһиттэрэ киирэллэр.
Кыттааччылар 2023 с. ахсынньытыгар Саха сирин ЫБММ сулууспатыгар бэриллибит икки «Бурлак» вездеходунан айаннаатылар. Эспэдииссийэни Арассыыйатааҕы ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетын Дьокуускайдааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээтин начаалынньыга Валерий Комаров салайар.
«Инники бу тиэхиньикэ көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ. Эспэдииссийэ маршрута уустук: кыһыҥҥы суолунан, тайҕанан уонна суола-ииһэ суох сирдэринэн ааһар», — диэн эттэ Валерий Валентинович.
«Бурлак» вездеход 2,8 л кээмэйдээх дизельнэй мотуордаах, алта көлүөһэлээх, электрическэй лебедкалаах. Тиэхиньикэ үрдүгэ – 3,20 миэтэрэ, уһуна – 7 миэтэрэ, кэтитэ – 2,90 миэтэрэ. Муҥутаан 50 км/ч түргэнник айанныыр. Массыына уунан айанныан сөп. Кабинаҕа 7 киһи холкутук олоруон сөп. Киһи олороругар тиэхиньикэҕэ наадалаах барыта баар.
«Быыһыыр сулууспа үлэһиттэригэр бу тиэхиньикэни Уһук Хоту сир усулуобуйатыгар тургутууну аһардарга бэртээхэй кыах бэрилиннэ. Кыттааччылар бары туруоруллубут соруктары толоруохтара диэн эрэнэбин», — диэн Валерий Комаров эттэ диэн ЫБММ Саха сиринээҕи пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Витус Ионассен Беринг (1681-1741) — муоранан устааччы, Арассыыйа флотун офицера. Муора силбэһиитинэн Чукотка уонна Аляска икки ардынан ааспыт (кэлин Беринг силбэһиитэ), Хотугу Америкаҕа тиийбит уонна Алеут арыыларыттан хаһы да арыйбыт. Беринг аатынан арыы, муора силбэһиитэ уонна Чуумпу акыйаан хотугу өттүгэр баар байҕал ааттаммыттара, кинини чиэстээн өссө Командор арыылара ааттарын ылбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: