Дьол Кыыма: «Саха буойуннарыгар…»
18.10.2022, 18:55
Бөлөххө киир:
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут алтыс кыттааччыта Сунтаартан Зинаида Федотова-Дьол Кыыма:
Саха буойуннарыгар…
Хабыр да, суоһар да сурахтан
Хотугу мин дойдум айманар,
Хойдубут былыты быыһынан
Хомпоруун хотойдор көттүлэр.
Сарсыҥҥы көҥүлбүт иннигэр,
Саргылаах олохпут туһугар,
Сахалыы саадаҕы курданан
Саалаахтан самнымаҥ, Эрэттэр!
Өһөхтөөх өстөөх үөн кэриэтэ
Сиринэн сыһылла сыыллымаҥ,
Хотуулаах хотой кыыл бастыҥа
Үөһэттэн уотунан курбуулаа!
Тирэнэр тиһилик тирэхпит,
Тиһиктээх күннэргэ хаххабыт,
Эрэнэр эрэллээх эркиммит,
Эн саха уолаҕын – БООТУРБУТ!!!
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: