Орто дойдуну аҕыс сарадахтаах үрүҥ күн сандаарар күлүмүнэн сырдатар, сылытар. Ол ахсын от-мас көҕөрө чэлгийэр, дьыл кэмин бары кэрэтин оһуордуу таҥнар, симэнэр. Иэгэйэр икки атахтаах ол кэрэттэн умсугуйан сир-дойду саҥа тыллыыта үрүҥ күнүгэр үҥэн, үөрбүт дьолун биллэрэн, айылҕа барахсаҥҥа махтанара. Ол саҕаттан үҥэр күннээх кэрэкэ дойдуга оҕо саас чаҕаара туойар, күн сарадахтарын күлүмэ буолан, орто дойдуну киэргэтэ сылытар.
Ол сандаарар күн кыырпаҕын хомуйан ылан дьон сүрэҕэр иҥэрбит дьол чаҕылыйар уоттарын, Өксөкүлээх Өлөксөй доҕордоһуу туонатыгар «Дьол» диэн ааттаах хатыламмат кэрэ түһүлгэҕэ көрдүм. Аан дойду бары үҥкүүһүттэрэ мустубуттар дуу диэххэ айылаах, араас дойду кэрэ үҥкүүлэрэ бииртэн биир дьэрэкээн уотунан, муусуканан доҕуһуоллатан киһи сүргэтин көтөхтө. Дьол диэн чахчы бу буоллаҕа. Үҥкүүһүттэр имигэстик хамсанан, сибэкки дьөрбөтө да буоллулар, Алтай истиэбинэн, Кытай куйаарынан, Индия толооннорунан, Хоту дойду хаардаах муус дойдутунан барытынан эргитэн аҕаллылар.
Киһи аймах күннэтэ дьол диэни көрдүүр, дьолго тардыһар. Онтон бу киэһэ дьол араас көрүҥүн, хамсаныытын, үҥкүү кутун-сүрүн биир тыынынан киһи астына көрөр дьоһун түһүлгэтэ буолла. Бу баараҕай үлэни бар дьонноругар анаан ис сүрэхтэриттэн бэлэхтээбит дьоммут Зоя уонна Афанасий Соловьевтар буоллулар. Афанасий Соловьев эдэр сааһыттан үҥкүү таҥаратыгар бүттүүн бэриммит, отуттан тахса сыл билиитин, талаанын биэрбит киһи буолар. Улуу тоҕойдордоох Уус Алдан Дүпсүнүттэн төрүттээх ыччат киһи, күн бүгүн үҥкүү улахан түһүлгэтин 60 сааһын көрсө, бар дьонугар бэлэхтээтэ.
Бу сыллар усталаах-туораларыгар төһөлөөх элбэх оҕо-ыччат дьону уһуйан, улахан да дьону үөрэтэн кэлбитин үлэтигэр уонна айылҕа биэрбит дьоҕурун бэлиэтин барҕа суруктар, туйгун ааттара кэрэһэлииллэр. Олоҕун доҕоро Зоя Михайловна Афанасий үҥкүүлүүр дьолугар аҥар кыната буолан тэҥҥэ үҥкүүлэһэн, көрөөччү кутун туттарар үгүс түһүлгэлэригэр иккиэн тэҥҥэ үҥкүүлээн кэллэхтэрэ. Бу икки киһи үҥкүүлүүр дьылҕалара хаһан, хайдах, хантан саҕаламмытай?
Киһи дьоло диэн тугуй? Киһи бу орто туруу дойдуга айыллан, иитиллэн, билии ылан бу маны барытын баһылаан, бар дьонугар махталлаах буолуута ол дьол дии саныыбын…
Ааспыт үйэ, ааспыт 80-с сылларыгар, оччотооҕуга эдэркээн уол сүрэҕин баҕатынан үҥкүү училищетыгар талаһан үөрэнэ кэлбитэ. Бииртэн биир үөрэҕи утаппыттыы баһылаан, үҥкүү диэн кэрэтин билэн инникилээх үҥкүүһүт чочуллан тахсыбыта. Уолчаан оччоттон үҥкүүгэ улахан дьоҕурдааҕын үтүө талааннаах педагог-учуутал, уһуйааччы Клавдия Иннокентьевна Охотина бэлиэтии көрөн уһуйбут үлэтэ, үөрэтиитэ бу бачча улахан түһүлгэни, аан дойдуга тиийэ далааһыннаах кэрэни таһаардаҕа. Үтүө учуутал үөрэппит, такайбыт үйэлээх үлэтэ, бар дьоҥҥо Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга биллэр талааннаах үҥкүүһүтү үөрэтэн таһаарбытыгар Саха сирин дьоно, оҕолоро, төрөппүттэр, бука бары үҥкүү салайааччылара Клавдия Иннокентьевнаҕа нөрүөн-нөргүйэбит! Быйылгы сыл Үлэ киһитин уонна Педагог-уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн үтөкэн киһиэхэ Клавдия Иннокентьевнаҕа тус олоҕор дьолу, чэгиэн буолууну баҕарабыт. Кини уһуйбут оҕолоро олоҕу өрүү уруйдуу, киэргэтэ, дьолу бэлэхтии сырыттыннар диибит!
Талаан, дьоҕур бэриллибит да буоллар, син биир кини чочуллуохтаах, кырыыланыахтаах. Афанасий Афанасьевич салгыы Илин Сибиирдээҕи Култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай академиятын ситиһиилээхтик бүтэрэн икки кынатын далааһынынан үҥкүү кэрэ эйгэтигэр кыахтаахтык көппүтэ. Оччоттон баччаҕа диэри араас үрдүк таһымнаах түһүлгэлэргэ кытынна ини, кыттыбата ини. Афанасий Афанасьевич 1983 сыллаахха Саха сирин Судаарыстыбаннай үҥкүү тыйаатырын артыыһа, сцена маастара, хореограф-туруорааччы аатын ылан, сүрдээх эриэккэс испэктээктэрин көрөөччү биһирии ылыммыта. Араас омук дойдулар үҥкүүлэрин, көрөөччү көрөн олорон Саха сиригэр олорор буолбакка, Колумбияҕа, Кытайга, Индияҕа, Аргентинаҕа, Калмыкияҕа курдук дойдуларга көтөн кэлэрдии итэҕэтиилээтик толоруллар үҥкүүлэрин киһи ааҕан сиппэт буоллаҕа. Афанасий Афанасьевич хас биирдии үҥкүүтэ ис куттаах тыыннаах, сүҥкэн улахан үлэттэн, санааттан, утуйар ууну умнан туран айыллыбыттара көстөр. Үҥкүү хас биирдии хамсаныытыгар иэйии, нарын таптал, хас биирдии сир-дойду ураты тыынын эйгэтин көрөөччүгэ тиэрдии, бу сэттэ көлөһүн тохтор баараҕай үлэтэ. Маны көрөөччү ылынымыан, өйдөөмүөн хайдах да сатаммат.
Сүрэхтээх уонна бар дьонугар, талбыт идэтигэр бэриниилээх буолуу бу ураты кыах, ураты таптал, көрөөччүгэ ураты суолта биэрии диибин.
Үҥкүү эйгэтигэр кэргэнниилэр биир түһүлгэҕэ, биир кэнсиэргэ, биир үҥкүүгэ тахсыылара бу бэйэтэ эмиэ туохха да тэҥнэммэт кэрэ буолар. Афанасий уонна Зоя Соловьевтар хас сылдьыбыт кэнсиэрдээбит сирдэригэр хабыллар ытыс тыаһын бэлэхтэтэллэр. Дохсун ытыс тыаһа бу артыыстарга, ырыаһыттарга, үҥкүүһүттэргэ көрөөччү үрдүкү сыанабыла. Кэргэннии Соловьевтар үҥкүүлэрин биирдэ көрбүт киһи умнубат. Кэргэнниилэр түөрт сольнай тус бэйэлэрэ туруорбут испэктээктэрэ көрөөччүгэ умнуллубат түгэни бэлэхтээбиттэрэ.
Үҥкүү хамсаныыларын эрэ билии буолбакка, көрөөччү кутун тугунан тутары билэр маастарыстыбалаах ураты үҥкүүһүт, кэнсиэрдэрэ чахчы кырыыламмыт алмаастыы кылбачыйа оонньуур. Толору үҥкүү тэтимин туппут, баһылаабыт үҥкүүһүттэр бу сатабылларын аны, үүнэр кэнчээригэ тиэрдэллэрэ, үөрэтэллэрэ хайҕаллаах.
Кэргэннии Соловьевтар сүрэхтэрин баҕатынан, үҥкүү илбистээх далааһынынан 2013 с. «Саха сирин бриллианнара» оҕо үҥкүүлүүр бастыҥ бөлөҕүн тэрийбиттэрэ. Чахчы биир киһи олорор үйэтигэр хатыламмат үлэ. Бу кырачаан дьоннору үҥкүү диэн үрдүкү айыылар биэрбит алгыстаах дьоҕурдарын мээнэ киһи иҥэрбэт. Оҕо уйан кута кэрэни кэрэхсиир, сэҥээрэр сааһыттан үҥкүү диэн дьиктилээхэй остуоруйа дойдутугар айан курдук, хас биирдии оҕону сиэтэн киллэрдилэр. Оҕо кыра сааһыттан маннык кэрэ баарын билэ улаатара, бу уопсастыбаҕа, бу оҕо олоҕор хаһан да умнуллубат, ону ааһан олоҕун устатын тухары сорох оҕо аргыс оҥостор идэтигэр оҕону кыратыттан уһуйуу бу улахан сатабыл. Хас биирдии үҥкүү туруорааччы кутун-сүрүн иэйиитэ, олоҕу таһымнаан көрүүтэ, айылҕаны ис эйгэтинэн ылыныыта, бука барыта үҥкүү хамсаныытыгар кистэммит кылаат буолар. Аан дойду араас таһымнаахтарын барыларын сөхтөрбүт “Саха сирин брилианнара” бөлөх үҥкүү араас дэгэтин көрдөрөн, көрөөччүлэр куттарын туталлара мэлдьэх буолбатах. Араас үрдүкү хайҕабылы, билиниини ылбыт оҕолор чыҥха атыннык, барыга бары ситиһиилээхтик үөрэнэллэр, уйулҕалара сайдар, ураты тыыннанар. Ол курдук көрөөччү биһирээбит спектакллара, үҥкүүлэрэ-«Куйаар остуоруйата», «Остуоруйалаах кинигэ», «Олоҥхо дойдутун саҥа дьыллааҕы остуоруйата», ону сэргэ 50-н тахса аан дойду араас үҥкүүтүн оҕолорго үөрэппиттэрэ.
Дьэ, бу маннык сүҥкэннээхэй дириҥ, чаҕылхай таһымнаах үлэни ыытыы, тэрийии күүһү-сэниэни ылар бөҕө буоллаҕа. Маннык үлэлээх эйгэҕэ киһи күн аҥара дуу, эбэтэр таһынан эрэ ылынан, буолуохтаах курдук сыһыаннаһыы суоҕун, олунньу 3 күнүгэр ыытыллыбыт «Дьол» түһүлгэтигэр эҕэрдэлии кэлбит, Афанасий уонна Зоя Соловьевтар биир идэлээхтэрэ эппит үтүө тыллара туоһулуур. Биирдии үҥкүү туруоруута үгүс сэниэни, сылбаны, сынньалаҥа суох үлэни эрэйэр. Онуоха Афанасий сүрэҕин аҥара, олоҕун доҕоро тэҥҥэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолбута көстөр. Дьол диэн баар буоллаҕына толору буолуохтааҕын бу дьиэ кэргэн, дьоллоох түһүлгэтигэр кэлбит көрөөччү дуоһуйа сынньаммыт кэнсиэригэр, үҥкүү киэһээтинэн туоһулаатылар. Бу үгүс үҥкүү таҥаһа-саба табыллыыта, хас биирдии төрөппүттүүн кэпсэтии үлэтэ, оҕо үөрэн дьолломмут хараҕа кырдьык тугунан да кэмнэммэт дьол.
Афанасий Афанасьев бу сыллар тухары ылларан үлэлээбит тыйаатырдарыгар, оҕону иитэр уһуйааныгар ылыан ылбыт ааттара — бастыҥ салайааччы-тэрийээччи, бастыҥ үҥкүүһүт, бастыҥ кэргэн, аҕа, бастыҥ доҕор, бастыҥ үөрэнээччи. Бу дьиэ кэргэн бары ааттаммыт ситиһиилэрин суруйдахха олоҥхолуу тойуктаан үс күннээх-түүн бичиктиэххэ сөп.
Афанасий, Зоя Соловьевтар чахчы да үҥкүүгэ үҥпүт, куттарын туттарбыт үҥкүүһүттэр, төрөөбүт сахаларын сиригэр тапталларын, туруорбут үҥкүүлэринэн билэбит: «Дьол тааһа», «Оһуокай», «Битии», «Быйаҥ», «Муора тойуга», «Хотугу норуоттар үҥкүүлэрэ», «Кырдал кыргыттара», «Сайын», «Илгэ үҥкүүтэ» буолаллар. Онтон сылдьыбыт, айаннаабыт дойдулара — Арассыыйа үгүс куораттарытан саҕалаан Бурятия, Румыния, ГДР, МНР, Англия, Франция, Испания, Бельгия, Соҕуруу Корея, Швеция, Польша, Америка, Канада уо.д.а. куораттар, дойдулар.
Бу күннэргэ тапталлаах, сүдү талааннаах үҥкүүһүппүт 60-н сааһын туолла. Уус Алдан Бочуоттаах олохтооҕо аатын сүктэ. Күн бүгүн Афанасий Афанасьевич РФ үтүөлээх артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, 2012 с. Оҕо ускуустубатын оскуолатын хореография салаатын учуутала, бастыҥтан бастыҥ “Саха сирин бриллианнара” уонна “Алгыстаах доҕордоһуу” үҥкүү бөлөхтөрүн тэрийээччитэ, салайааччыта.
Үтүө мааны кэргэннии үҥкүүһүт Зоя, Афанасий Соловьевтарга бу үтүө, бэлиэ күҥҥүтүгэр сирдээҕи дьол сардаҥата өрүү тыга, сыдьаайа турарыгар, аар айылҕа чэгиэн туругунан өссө да айа-тута сылдьаргытыгар баҕарабыт! Үҥкүү таҥаралаах кэрэ дьоммут үтүө үлэҕит үйэлэргэ ааттаннын, дьон сайар махталын ыла туруҥ!
Афанасий, Зоя Соловьевтарга
(анабыл)
Үҥкүү кэрэ иэйиитигэр куустарбыт,
Үҥкүү таҥаралаах үҥкүүһүт,
Үс үйэ тухары аата ааттаныа,
Үйэлээх аартыга ыҥыра туруо!
Кыталыктары көтүтэр дайыы,
Кэрэ хамсаныы, көтүү
Көрөөччү кутун арыйыы,
Кэхтибэт кэрэҕэ тиэрдии!
Үҥкүү кистэлэҥин билбит,
Үтүөлээх үҥкүүһүттэрбитигэр,
Дьол кыыма толору буоллун,
Дьон махтала алгыстыы туруохтун!
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына. ааптар хаартыскалара
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…