Кылтасов Дмитрий Николаевич төрөппүттэригэр ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ удьуор туундара дьоно этилэр.
Дмитрий оскуоланы 1989 сыллаахха Үрүҥ Хайаҕа бүтэрэн баран, Бурятияҕа аармыйаҕа икки сыл сулууспалаабыта. Аармыйаттан кэлэн баран, уонча сыл нефтебаазаҕа операторынан үлэлээбитэ.
Олоҕун аргыһын Марианна Афанасьевнаны көрсөн, түөрт оҕону төрөтөн, Үрүҥ Хайа дьоһун, мааны ыала буолан олороллор. Иккиэн оҕо уһуйаанын тутаах дьоно: Марианна иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн, Миитэрэй харабылынан үлэлииллэр.
Миитэрэй айылҕа киһитэ — сайын Куочаҕа, Үөлэҕэ мотуорунан баран, балыктыыллар, куска-хааска сылдьаллар. Миитэрэй мас ууһа буолан, сайын уонна күһүн доҕотторун кытары элбэх дьиэни туттулар, өрөмүөннээтилэр, түннүктэргэ, күүлэлэргэ оһуор-мандар оҥороллор.
Быраата Ньукуулуун «Байанай ыһыаҕын” сиригэр сэргэлэри ойуулаан, оһуордаан, киэргэтэн туруорбуттара. Бырааһынньыкка былакааттары, киэргэллэри уруһуйдуур буолан, ыҥырыкка сылдьар. Миитэрэй үксүгэр айылҕаны уруһуйдуур. 2008 с. улуустааҕы ыччат бырааһынньыгар Грамотанан бэлиэтэммитэ, Дьиэ кэргэн сылыгар ыытыллыбыт улахан тэрээһиҥҥэ “Көһө сылдьар дьиэ кэргэн” номинацияҕа бастакы миэстэни ылбыттара. Быыстапкаҕа уруһуйдарынан анал дипломунан наҕараадаламмыта. Уруһуйдара үгүс ыал дьиэтигэр ыйанан турара көрүөххэ олус үчүгэй. Кини уруһуйдуурун сэргэ, маһынан, муоһунан кыһан оҥорор, этэрбэс улларар, уһанар мастарыскыайдаах.
Анаабыр улууһугар дьонугар-сэргэтигэр «Миитээс» диэн аатынан биллэн, улуус дьоно этэрбэстэрин уллаттара киниэхэ ыыталлар.
Кылтасовтар оҕолоро — үлэ-үөрэх дьоно. Диана Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэһи бүтэрэн, иитээччи идэтин баһылаата, «Уохтала» үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммыта.
Оксана Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка юрист үөрэҕэр үөрэнэр, успуордунан дьарыктанар: илии-атах оонньуутугар СӨ успуордун маастара.
Давид П.И.Дудкин аатынан сибээс уонна информационнай технология кэллиэһигэр үөрэнэр, уруһуйдуурун сөбүлүүр.
Онтон саамай кыралара Кирилл – 3-с кылаас үөрэнээччитэ.
Ити курдук, Кылтасовтар Анаабырга, ыраах муора кытыытыгар Үрүҥ Хайаҕа чөл олоҕу тутуһан, сүрүн болҕомтолорун оҕо иитиитигэр ууран, үлэни өрө тутан, ону тэҥэ барытыгар талааннаах буолан, дьоһун-мааны ыал буолан олороллоруттан үөрэбит.
Галина БОРИСОВА-ТОЛБООНО
Индексация бүтэһиктээх көрдөрүүтэ инфляция таһымыттан уонна бырабыыталыстыба бүддьүөтүн кыаҕыттан тутулуктаах буолуоҕа. 2025 сылга сыана үрдээһинин…
Тохсунньутааҕы төлөбүр суумата олунньу 10 күнүгэр диэри ааҕыллыаҕа. 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр…
Саха уолаттара Александр Игнатьев уонна Максим Охлопков Харбиҥҥа 36-с төгүлүн ыытыллыбыт Муус оҥоһук аан дойдутааҕы…
Дьокуускай куорат борокуруора 19 саастаах уонна 23 саастаах уолаттар холуобунай дьыалаларынан буруйдуур түмүгү бигэргэттэ. Кинилэр…
2025 сыл олунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаалын суумата 7,3% үрдүөҕэ. Билигин оҕолоро 2020 сыл тохсунньу…
Арассыыйа оскуолаларыгар метапневмовируһунан хааччахтары киллэрэри былааннаабаттарын туһунан РФ үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов иһитиннэрбитин туһунан РИА…