Айаннар, айаннар, ыраахтан сыыйылла тыргыллар ыраах айан суоллара, аттыгар сэлэлии сырсар үрүҥ субалаах, сааскылыы сырдаабыт хатыҥ чараҥ барахсан. Араас үтүө айаннарга айар суолум айаннатар. Онтон биирдэрэ олус кэрэхсэбиллээх айан буолар.
Кулун тутар 22-24 күннэригэр Дьокуускай-Үөһээ Бүлүү-Мэйик суолларынан айаннаан сырыттыбыт. Хас биирдии айан ураты кэрэлээх, хас биирдии суол айанньыты хайаан да тугунан эмэ угуйар, үөрэтэр аналлаах.
Эбэҥки бэйиэтэ, худуоһунньуга, фольклориһа Дмитрий Нестерович Апросимов олорон, үлэлээн ааспыт дойдута — Үөһээ Бүлүү улууһун Мэйик нэһилиэгэ. Биэстии сыл буола-буола ыытыллар эбэҥки бэйэтин айар үлэтин уонна бу улуустарга үлэлээбит кэмнэрин туһунан сүрдээх үчүгэй тэрээһиннэр ыытыллан үгүс дьон-сэргэ сэҥээриитин ылаллар. Мин аан бастаан бэйиэт 90 сааһын көрсө дойдутугар Күпкэ уонна Эдьээҥҥэ 2019 с. айаннаһан турабын.
Д.Н.Апросимов айымньыларыгар айбытын-суруйбутун курдук, кэрэ дойдута, онно олорор, үлэлиир дьоно-сэргэтэ айан дэлэгээссийэлэрин сүрдээх эриэккэстик көрсөн тураллар. Ол айан туһунан сырдатан турабын. Онтон быйыл бэйиэт 95 сааһын көрсө айаммыт саҥа аргыстарынан, саҥа ааттары ааттатар тэрээһиннэринэн эмиэ ураты сүүрүктээх буолла. Ол туһунан ааҕааччыларга сырдатыым. Сахалыы суруйар эбэҥки бэйиэтэ төрөөбүтэ 95 сылын көрсөр улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин дьоллоох Дьокуускай туонатытттан, улуу Ойуунускай убайбыт анал түмэлигэр кулун тутар 12 күнүттэн саҕаламмыта.
“Иккистээн эргийбэт
Эдэркээн саастарбар,
Дьол-соргу биһигэ
Дьокуускай куораппар,
Ичигэс салгыннаах
Иһийбит киэһээбэр…”
(Доҕорбор. 1958 с.)
Бу үөрүүлээх ураты сэһэн, кэпсэтии дьоро киэһэтигэр бүгүҥҥү күҥҥэ баар аҕам саастаах норуодунай суруйааччыларбыт Андрей Кривошапкин, Николай Лугинов, Дмитрий Наумов уонна Николай Курилов, Прокопий Ксенофонтов, поэтесса Саргылана Гольдерова-Саргы Куо, бэйиэт Любовь Горохова-Сүүмэх, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева, Арктика уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар сайдыыларыгар миниистири солбуйааччы Михаил Погодаев, Саха сирин эбэҥкилэрин Ассоциациятын салайааччыта, ф.н.д. Александр Варламов, бэйиэт уолаттара, аймахтара кыттыыны ылбыттара. Дмитрий Апросимов олоҕун, айар үлэтин ырытыыны бэрэпиэссэр, ф.н.д. Варвара Окорокова оҥорбута.
Бу дьоро киэһэҕэ бэйиэт уолаттара ааспыт сылларга аҕаларын туһунан ыыппыт тэрээһиннэрин устубут видеослайдаларын көрдөрбүттэрин кэлбит ыалдьыттар, суруйааччылар олус сэҥээрдилэр. Бу видеослайдаҕа оччотооҕу тэрээһиннэргэ кыттыыны ылбыт суруйааччылар Петр Тобуроков, Андрей Кривошапкин, Сэмэн Руфов, Николай Калитин, Николай Курилов, Василий Босяк, Степан Дадаскинов, учуонайдар Анна Николаевна Мыреева, Галина Варламова-Кэптукэ о.д.а. бары олус истиҥ ахтыы оҥорбуттара үйэтитиллибит. Маннык ахтыы киэһэлэр, көрсүһүүлэр суолталара истээччигэ эрэ буолбакка, ахтыы санаатын сырдатааччыга, туһуламмыт киһи аатын үйэтитиигэ сүҥкэн оруоллааах. Бу ураты киэһэҕэ мустубут суруйааччылар бэйэлэрин эдэр кэмнээҕи саастарын санаан, ону сэргэ эбэҥки поэтын майгытын, ураты айар дьоҕурун сиһилии кэпсээтилэр, ол ааспыт сыллары санаан доуһуйа сэһэргэстилэр.
ххх
Салгыы бэйиэт кэргэнин дойдутугар Үөһээ Бүлүү-Мэйик суолунан айаҥҥа туруннубут.
“Мин ыраах Дьааҥы булчута,
Эн кыыскын таптаан ылларбытым-
Ойуур курдук саҥата суох сөҥ бэйэм,
Аар Хатыҥы көҕөрдө тылламмытым!..
Үөһээ Бүлүү,
Үөһээ Бүлүү! “
(“Үөһээ Бүлүү, быраһаай» 1974 с.)
Куораттан Үөһээ Бүлүү айаныгар анаан ыҥырыллан сырыттылар: бэйиэт бииргэ төрөөбүт балта, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, “Бочуот знага” уордьан кавалера Антонина Нестеровна Апросимова; бэйиэт тастыҥ балта, СӨ нэһилиэнньэтин көмүскэлин үтүөлээх үлэһитэ Куличкина Александра Гаврильевна; Дмитрий Апросимовы тыыннааҕар көрбүт, Үөһээ Бүлүүгэ “Чэчир” литературнай түмсүүгэ бииргэ дьарыктаммыт киһитэ, СӨ суруналыыстарын чилиэнэ, Өймөкөөн улуууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Н.М.Заболоцкай-Чысхаан аатынан бириэмийэ лауреата, уонтан тахса кинигэ ааптара, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Прокопий Николаевич Ксенофонтов; суруналыыс, СӨ сойууһун чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун ситэриилээх сүбэтин чилиэнэ Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына.
Кинилэри кытта эбэҥки норуотун култууратын, ырыатын-тойугун Арассыыйа араас муннуктарыгар, Саха сирин араас улуустарыгар төрөөбүт тылынан саҥаран, ыллаан-туойан тарҕата сылдьар, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайката, ытык саастаах Галина Степановна Керегяева, РФ уонна СӨ ОДьХ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ эбэҥкилэрин ассоциациятын чилиэнэ, тоҥ балыгы кыһарга Саха сирин уонна Арассыыйа чөмпүйүөнэ Гаврил Михайлович Толстоухов бу айаны олус киэргэттилэр. Ырыа айааччылар уонна баянистар, аккордионистар, гармонистар ассоциацияларын чилиэнэ, хоһоонньут, оһуохайдьыт, алгысчыт Аскалон Лукич Егоров- Өркөн Дьол уонна бэйиэт икки уола Александр, Андрей Апросимовтар буолан айаннаатыбыт. Александр, Андрей иккиэн оҕону, ыччаты иитии, үөрэтии эйгэтигэр үлэлииллэр. Дэлэгээссийэ састаабыттан көрдөххө, бэйиэт литэрэтииринэй нэһилиэстибэтин эйгэтин сырдатыыга сылдьыбыт суруйааччылар, бэйиэт эбэҥки чулуу норуотун уола буоларын туоһулуур хотугу норуоттар ассоциацияларын чилиэннэрэ уонна ааспыт сылларга Мэйиккэ үлэлии сылдьыбыт, Үөһээ Бүлүү Намын олохтооҕо оһуохайдьыт, ырыаһыт сылдьыспыта айан сыалын-соругун ураты тыыннаатылар. Онтон эдьиийдэрэ Александра Гаврильевна Куличкина бэйиэт олоҕун, үлэтин ымпыгын-чымпыгын олус дириҥник улуус дьонугар-сэргэтигэр сырдатта. Дэлэгээссийэни улахан уол Александр Дмитриевич иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта.
Кулун тутар 22 күнүттэн куораттан айаннаан тиийэн, сарсыарда 9 чааска Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата үөрүүлээх түгэҥҥэ көрсөн, долган, нанай, эбээн сыдьаан дьоннорун кытта көрсүһэн, эҕэрдэлэһэн айаннаан кэлбит дэлэгээссийэҕэ үбүлүөйдээх тэрээһин хаамыыларын билиһиннэриинэн көрсүһүү саҕаланна. Онтон салгыы олохтоох ас-үөл атыытын киин түһүлгэтигэр мустубут олохтоохторго уонна эбэҥки талааннаах бэйиэтэ, уруһуйдьут Д.Н.Апросимов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан, Үөһээ Бүлүү улууһугар Хотугу норуоттар күннэрин иитинэн ыытыллар “Строганина-2024” тоҥ балыгы астааһын күрэҕэ бастакытын бу улууска ыытыллар тэрээһинэ саҕаланна. Бу тэрээһин хотугу төрүт ас уратытын тарҕатыы, балыгы тоҥнуу астааһын үгэһин көрдөрүү уонна дойдуга Дьиэ кэргэн суолтатын үрдэтиигэ сыалланна. Кыайыылаахтарга бүлүүдэ уран көстүүтэ, кыһыллыбыт балык бүлүүдэҕэ ууруллуутун үрдүгэ сыаналанна. Кыайыылаахтарга ини-бии Апросимовтар ааттарыттан саха быһаҕа, Добун сурук, кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ туоһу суруктар, өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.
Дьэ, ол кэнниттэн истиҥ иһирэх сэһэргэһиини Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ тэрийдилэр. Бу көрсүһүүгэ хоһоону таптаан ааҕааччылар түмсүүлэрин кыттыылаахтара бэйиэт Д.Н. Апросимов хоһооннорун ааҕан, кинини билэр олохтоохтор бэйиэт туһунан олус үтүө сырдык ахтыыларын уонна кэлбит дэлэгээссийэ санааларын иһиттибит.
Салгыы Үөһээ Бүлүүттэн Мэйиккэ туруннубут. Төһө да айан уһунун иһин, биһиги сылайбакка, хайдах эрэ кынаттаах бухатыырдыы чэпчэкитик үөрэ-көтө көтөллөнөн, сэһэн-сэппэн буолан, Мэйик үтүө сиригэр тиийбиппитин билбэккэ хааллыбыт. Чахчы бэйиэт хоһуйбут, тапталлаах кэргэнин, оҕолорун ийэлэрин дойдута чаҕылыйа сандаара түстэ. Улахан уол Александр киинэ түспүт дойдутугар кэлэн долгуйда, уолаттар төрөппүттэрэ олорон, үлэлээн ааспыт сирдэрэ намыын хаар оһуорунан ийэлии имэрийэрдии сылаастык көрүстэ. Дэлэҕэ бэйиэт бэйэтэ маннык хоһуйуо дуо:
“Халлааҥҥа үмүөрэр
Сулустуун имнэнсэн,
Мэйигим көй-уота
Мичиҥниир, көс сиртэн.
Мэйиилээх хараҕар
Билбэтэх дьоннорун
Мэйигим эйгэтэ
Бэл тардар олуһун”.
( “Мэйигим көй-уота” 1969 с.)
Мэйиккэ төһө да киэһэ хойутуу тиийбиппит иһин, олохтоох дьаһалта, кулууп, оскуола, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ олус долгуйа, тэрээһиннээхтик көрүстүлэр.
Екатерина уонна Дмитрий Апросимовтар билсибит түгэннэрин бэйиэт хоһооннорунан тэттик моно-спектакль оҥорон көрдөрбүттэрэ, бэйиэт хоһооннорун аахпыттара сүрдээх үчүгэйдик иһилиннэ,туруорулунна. Ол кэнниттэн хас биирдии дэлэгээссийэ кыттыылааҕа бэйиэт Д.Н.Апросимов туһунан санаатын, кини олоҕуттан, айымньытыттан көрөөччүлэргэ кэпсээн, эбэҥки олоҕуттан ырыа ыллаан аастылар. Онтон салҕыы оскуола оҕолоро хотугу үҥкүүнү олус үчүгэйдик толорон ыалдьыттар куттарын туттулар. Өссө киһи биир сэҥээрэрэ баар, бэйиэт хоһооннорун ааҕыыга дьиэ кэргэн күрэһин биллэрбиттэр. Онно биэс кыттааччы ыал, оҕо ийэтинээн, аҕатынаан бэйиэт хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕыыга күрэстэстилэр. Бары кыттыбыт хоһоон аахпыт дьиэ кэргэттэргэ бэйиэт оҕолорун аатыттан сыаналаах бириистэри кытта махтал суруктар туттарылыннылар. Бэйиэт олорон, үлэлээн ааспыт Мэйигин дьоно, оҕолоро кини хоһооннорун ааҕаллар, кини худуоһунньугун сүрдээҕин билэллэр эбит. Оҕолор бэйиэт хоһоонноругар ойуулаабыт уруһуйдарынан бэрт үчүгэй быыстапка туруоруллубут. Онно эмиэ кыттыбыт оҕолор харчынан бириис, диплом туттулар. Бу түгэҥҥэ бэйиэт хоһооно дуорааннанан иһиллэригэр, хотугу үҥкүү дьиэрэйэригэр, хайдах эрэ санаабар бэйиэт кэлэн истэ олорорунуу буолла, “күөх килбиэн кыраайым, көй дирбиэн олоҕум…” диир курдуга.
Түмүккэ, оҕолор үөрэн чэмэлиспит харахтара, сөҕө-махтайа истибит көрөөччүлэр уонна бэйиэт дорҕоонноох аатын Мэйик нэһилиэгэ умнубат, Мэйик нэһилиэгэ бэйиэт аатын үйэтитэр диэн туоһуулуур.
Ити курдук салгыы айаннаан иһэбит. Дьэ, онтон бэйиэт хоһоонун ыллыгын батыһардыы аны Дмитрий Апросимов төлкөлөөх төрөөбүт дойдутугар Уус Майаҕа айаны туттубут. Айаммыт саҕаланыаҕыттан куораттан хойуу хаар кыыдамнаата уонна Уус Майаҕа тиийиибитигэр эмиэ хаарынан көрүстэ.
Бэйиэт чахчы да бэркэ дойдутун хаарын хоһуйбут эбит.
“Алмаастыы чап-чаҕылыҥнас,
Мичээр курдук уп-ууллаҕас,
Оҕо иминии ып-ыраас —
Ол иһэллэр хойдон аҕай,
Хаар тырымнас лыахчааннара,
Хаар лыҥкынас ырыалара….”
( “Маҥнайгы хаар туһунан ырыа”)
ххх
Кулун тутар 29 күнүгэр Уус-Майа оройуона биир дойдулаахтарын, эбэҥки поэтын төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтээтэ. Бэйиэт киинэ түспүт кэрэ сирэ, үлэлээбит, алтыспыт дьоно-сэргэтэ, олоҕун сибэккилэрэ оҕолоро улааппыт сирэ Күп, Эдьээн буоллаҕа. Биһиги бу айаммытыгар бэйиэт орто уола Филипп Дмитриевич барсыбыта. Кини реставратор, мас ууһа дьоҕурдаах эмиэ биир ураты талааннаах, кэпсээннээх хоһоонньут буолар.
БэйиэтД.Н.Апросимов Эдьээнин туһунан хоһуйуутугар:
“Кыраман сыллартан,
Кыырт быһый үөскээбит
Эһэни да кытта
Эрдээхтик киирсибит
Эр хорсун булчуттаах,
Эдьээним уоттара… “
( “Эдьээним уоттара”) эбэтэр:
“Таптыыбын Эдьээним Хомустаах ккүөлүгэр,
Былыттыы халыйан ааһар кус түһэрин.
Күһүҥҥү сарсыарда айгыстар туманын,
Сипсиэр тыал саҕахха үүрэрин.. “
( “Күһүн Эдьээммэр”)
Бэйиэт бу хоһоонноро олус лирическэйдэр, киһини курдары тардар ураты дьикти абылыыр күүстээхтэр. Ол бэйиэт дойдутун олус таптыырыттан, кэрэтин кыраҕы хараҕынан эрэ буолбакка, бүтүн сүрэҕин-кутун абылаппыт тапталынан айыллыбыт, дьиҥ баарынан суруллубут олус үтүөкэн айымньылар. Хомойуох иһин, бу Уус Майаҕа айаннныыр дэлэгээссийэ Күпкэ, Эдьээҥҥэ тиийбэтибит. Бу кэмҥэ тибии тибэн, суол суох буолан, Уус Майаҕа үлэлээбит сиригэр Петропавловскайга сылдьан, оскуола оҕолорун уонна учууталлары кытта көрсүһэн аастыбыт. Туох да мээнэҕэ буолбат бу сиргэ. Онон аны кэлэр биэс сылынан бэйиэт төрөөбүт сирэ-дойдута анаан көрсүөҕэ диэн эрэниллэр. Уус Майа улууһугар икки сыллааҕыта бэйиэт айар үлэтин кэрэһэлиир түмэлэ, төрөөбүт сириттэн көһөрүллэн, саҥалыы медийнай гына оҥоһуллан, бэйиэт Д.Н.Апросимов аатынан литературнай түмэл аатын ылан, дьон-сэргэ, олохтоохтор, кэлэр-барар ыалдьыттар сэҥээрэн көрөр, хотугу улуус эбэҥки поэтын айар үлэтин кытта билсэр кыахтаннылар.
Бу дэлэгээссийэҕэ кыттыыны ылллылар: СӨ норуодунай суруйааччыта Д.Ф.Наумов, СӨ суруйааччылара, поэтесса Саргылана Гольдерова, Любовь Горохова-Сүүмэх, бэйиэт балта Антонина Апросимова, сиэн балта, тиэхиньиичэскэй наука доктора Марина Соколова, Александра Куличкина уонна бэйиэт үс уола.
Уус Майаҕа сарсыардаттан оҕону эбии дьарыктыыр кииҥҥэ көрсүһүү сыалын-соругун сэһэргиир кэпсэтиилэр, бэйиэт Уус Майаҕа олоҕун, үлэтин уонна айаммыт туһунан сырдатыыны балта А.Г.Куличкина кэпсээтэ, суруйааччы Д.Наумов кинигэтин бэлэхтээтэ, Саргылана Гольдерова хоһоонун аахта, Любовь Горохова-Сүүмэх бэйэтин саҥа кинигэлэрин оҕолорго бэлэх уунна. Ити курдук, салгыы Петропавловскай оскуолатыгар сырытыннардылар уонна бэйиэт аатынан түмэли көрүү буолла. Киэһэ бэйиэт өрөгөйдөөх сааһын бэлиэтиир олохтоохтору кытта көрсүһүү буолла.
Түмүккэ, эбэҥки норуотун “Дэвэй-дэйэ” үҥкүүтүн бэйиэт улахан уола Александр Апросимов толордо. Талааннаах, уһулуччу дьоҕурдаах эбэҥки бэйиэтэ Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сыла быйыл буолла. Олус эдэригэр, баара суоҕа 53 сааһыгар ыарахан ыарыыттан бу сиртэн туораабыт бэйиэт күнүн-дьылын ыксата син добуоччу истээх, таһымнаах айымньылары суруйан хаалларбыт. Хас биирдии айымньыта туох да омуна суох бэйиэт олоҕун кэрэ түгэннэрин, санаарҕабылын, ардыгар дьонтон хомойуутун, ол эрээри өрүү кэрэ, таптал күүһүгэр эрэнэрин этэр хоһоонноруттан киһи уйадыйар…
Өссө биир олус үтүө айан түмүктэннэ. Ол эрээри, бэйиэт айымньылара өссө да саҥа арыйыылары, саҥа көрдөөһүннэри, саҥа ааҕааччыларын күүтэллэр. Бэйиэт тыыннаах — лоскуй хоһоонноругар, кэрэни кэрэһэлиир кэпсээннэригэр, кыайар-хотор күүстээх номохторугар.
“Сүрэҕим иэйиинэн умайан,
Сүүһүм, бэл эдэрбэр мыччыстан,
Тыл рудатыттан чаҕыл кыымы
Тырымната уот сахтарбын —
Туолуо этэ мин баҕам».
( “Туолуо этэ”)
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…