Салгыы
Дьоллоох оҕо саас эйгэтэ

Дьоллоох оҕо саас эйгэтэ

01.06.2024, 15:00
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 2024 сыл Ил Дархан ыйааҕынан, Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Бу Арассыыйаҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылын ситэрэн-хоторон биэрэр. Онон бу сыл устата оҕолорго, хат дьахталларга, дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт араас тэрээһиннэр буолуохтара, сокуон өттүгэр уларыйыылар киириэхтэрэ.

Кэнники кэмҥэ судаарыстыба өттүттэн демография, социальнай эйгэ боппуруостарыгар улахан болҕомто ууруллар. Тоҕо диэтэр, бу социальнай хайысхалаах бэлиитикэ демографияны, төрөөһүнү өрө көтөҕөр, киһи олоҕун хаачыстыбатын тупсарар, үйэтин уһатар сыаллаах.

2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ «О статусе многодетной семьи в Республике Саха (Якутия)» диэн эрэгийиэннээҕи сокуон ылыллыбыта. Маны тэҥэ, «Об охране семьи, материнства, отцовства и детства в Республике Саха (Якутия)» диэн сокуон эбии көмө миэрэлэрин олохтуур.

Оҕо төрөөһүнэ

Саха сиригэр оҕо төрөөһүнүн элбэтэр сорук турар, онуоха кэлим үлэ ыытыллар. Ол түмүгэр Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр, эбиллиигэ Уһук Илин уокуругар 1‑кы миэстэлээх, Арассыыйаҕа 7‑с миэстэни ылар.

Элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллэ турар. 2020 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 31 562 элбэх оҕолоох ыал баар эбит буоллаҕына, 2023 сылга 34 230 ыал баар. Кинилэртэн үс оҕолоох ыал саамай элбэх эбит — 68%. Өссө биири бэлиэтээн этиэххэ сөп — элбэх оҕолоох ыаллартан 53,8%-ра тыа сиригэр, 46,2% — куораттарга олороллор.

Саха сиригэр бүгүҥҥү туругунан, 264,4 тыһыынча оҕо (134,9 тыһыынча уол, 129,4 тыһыынча кыыс) баар. Ол эбэтэр, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин чиэппэриттэн ордук. Дьэ, бу оҕолор аны 20–30 сылынан үлэлиир-хамсыыр, төрүүр-ууһуур, өрөспүүбүлүкэни салайар, олоҕу хамсатар дьон буолуохтара. Онон, кинилэр доруобуйаларыттан, хайдах өйдөөх-санаалаах дьон буолан тахсалларыттан биһиги инникибит тутулуктаах.

Кинилэртэн 66 348 оҕо уһуйааҥҥа сылдьар, 153 044 оҕо орто оскуолаҕа үөрэнэр. 3 сааһын туолбут оҕо уһуйааҥҥа хабылларын, уочараты суох гынар туһугар кэнники кэмҥэ үгүс үлэ ыытылынна, элбэх уһуйаан дьиэтэ тутулунна.

Саҥа оскуолалар, уһуйааннар

2018–2023 сылларга барыта 9 тыһыынча кэриҥэ миэстэлээх 77 уһуйаан тутуллубута. Дьокуускайы социальнай-экэнэмиичэскэй сайыннарыы кэлим былаанын быһыытынан, 2030 сылга диэри киин куоракка өссө 12 оскуоланы уонна 18 уһуйааны тутуохтара.

2018–2022 сылларга 22 улууска уонна Дьокуускайга барыта 10,2 тыһыынча миэстэлээх 48 оскуола тутуллубута. Бэрэсидьиэн көҕүлээбит “Үөрэҕирии” национальнай бырайыагынан, 2023 сылга 14 оскуола тутуллубута, 2024 сыл бүтүөр диэри өссө 16 саҥа оскуола тутуллан, үлэҕэ киириэҕэ.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 746 уһуйаан, 633 оскуола үлэлиир.

Ханнык улуустарга оскуолалар тутуллуохтарай?

Быйыл Дьокуускайга 5 оскуола тутуллан киириэхтээх. Таатта Ытык Күөлүгэр 450 миэстэлээх оскуола, 100 миэстэлээх интэринээт тутуллуоҕа. Амма сэлиэнньэтигэр 360 үөрэнээччигэ анаммыт, 100 миэстэлээх интэринээттээх оскуола, Мииринэйгэ 1‑кы №-дээх оскуола иккис куорпуһа тутуллуохтара.

Кыра нэһилиэктэргэ эмиэ тутуллаллар. Быйыл Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр 150 миэстэлээх, Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар 165 миэстэлээх, Нам Тумулугар 150 миэстэлээх, Өлүөхүмэ улууһун Заречнай бөһүөлэгэр 60 миэстэлээх оскуолалар, Дьааҥы Сайдыытыгар 80 уонна 40 миэстэлээх, Ньурба улууһун Үөдэйигэр 10 уонна 25 миэстэлээх оскуола-уһуйааннар тутуллан киириэхтэрэ.

Сунтаарга 450 миэстэлээх лиссиэй дьиэтин, Нам сэлиэнньэтигэр 450 миэстэлээх оскуоланы тутуу болдьоҕун эһиилгигэ көһөрүөхтэрин сөп.

Манна эбэн эттэххэ, кыра бөһүөлэктэргэ оҕо аҕыйах.

Кылаастарга 2–3 эрэ оҕо үөрэнэр. Нэһилиэккэ оҕо төрөөбөт, эдэр ыал олохсуйбат буоллаҕына, оскуола, уһуйаан сарбыйыыга түбэһэр, дьон көһөн барар, онон тыа сирэ эстэр аакка барар. Онон эдэр ыалы олохсутар, оҕо ахсаанын элбэтэр туһунан боппуруоһу сытыытык туруоруохха, тугу эрэ тобулуохха наада.

Сайыҥҥы сынньалаҥ

Оҕо 73,2%-на эбии үөрэхтээһин дьарыгар хабыллар. Үөрэх, наука министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, былырыын 115,5 тыһыынча оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрээһиннээхтик атаарбыт. Ол иһигэр: 50 096 оҕо — өрөспүүбүлүкэ иһигэр, 10 812 оҕо — Саха сирин тас өттүгэр. 54 642 оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар куруһуоктарга, эспэдииссийэлэргэ, экскурсияларга, похуоттарга сылдьыбыт.

Барыта 534 лааҕыр үлэлээбит, ол иһигэр: 420 — күнүскү лааҕыр, 38 — үлэ, сынньалаҥ лааҕыра (2740 оҕону хаппыт), 30 — балааккалаах лааҕыр (1322 оҕо).

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар оҕолоругар ураты болҕомто ууруллар. Былырыын 1395 оҕо “Сосновый Бор”, “Сир уустара”, “Энергетик”, “Связист”, “Кэскил”, о. д.а. лааҕырдарга сынньаммыт.

Александра Уарова, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай педиатра:

— 2023 сылга кыра оҕо өлүүтэ 1000 тыыннаах оҕо төрөөбүтүттэн, 4,1 көрдөрүүттэн 3,1‑гэ диэри түстэ. Бу Уһук Илиҥҥэ намыһах көрдөрүү. Ону тэҥэ, олус кыра ыйааһыннаах (500–999 кыраам) төрөөбүт оҕолор тыыннаах хаалаллара 6,2%, кыра ыйааһыннаах оҕолор (1000–1499 кыраам) тыыннаах хаалаллара 2,5% үрдээтэ.

Педиатрияҕа эрдэттэн сэрэтэр хайысханы, аныгы инновационнай ньымалардаах реабилитация сулууспаларын, паллиативнай көмөнү сайыннарабыт.

Улаатан эрэр оҕолор кэнэҕэски төрүүр-ууһуур доруобуйаларыгар ураты болҕомто ууруллар. Үөрэнээччилэр сөпкө аһыылларыгар туһуламмыт эрэгийиэннээҕи бырайыак оҥоһуллубута. Оҕолор уойалларын тохтотор соруктаах бырайыак оҥоһулла сылдьар.

Быйыл саахардаах диабеты утары охсуһарга эрэгийиэннээҕи бырагыраама бигэргэниэҕэ. Диабеттаах оҕолор бары ирдэнэр мэдиссиинэ тэриллэринэн уонна эминэн хааччыллыахтара.

Өрөспүүбүлүкэҕэ педиатр быраастарынан хааччыллыы — 98%. Былырыыҥҥыттан хаанынан бэриллэр 36 ыарыыны чинчийэргэ неонатальнай скрининг диэн ыытыллар, бу төрүөҕүттэн ыарыылаах оҕону булан, эрдэттэн эмтииргэ көмөлөөх. Бу чинчийии оҕо өлүүтүн, инбэлииккэ тахсыытын аҕыйатар. Маны тэҥэ, кыһыл оҕо кулгааҕа истибэт буолуутун эрдэттэн булар аудиологическай скрининг ыытыллар.

6 оҕо биригээдэтэ тэриллэн, ыраах сытар Арктика улуустарыгар баран үлэлээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: