Салгыы
Дьолооҥҥо – амфибия-сөмөлүөтүнэн

Дьолооҥҥо – амфибия-сөмөлүөтүнэн

27.08.2023, 19:00
Кордоҥҥа Дьолоон үрэххэ амфибия-сөмөлүөт экипаһын кытта Аллайыаха олохтооҕо, уопсастыбаннай эколог Юрий Рожин (хаҥастан бастакы). Хаартыска Аллайыахатааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтиттэн
Бөлөххө киир:

Бу ааспыт субуотаҕа Аллайыахаҕа “Кыталык” национальнай пааркаттан А.Н.Северцов аатынан Экология уонна эволюция проблемаларын институтун Көтөрдөрү биһилэхтээһин киинин учуонайдара көтөн бардылар.

Ол курдук, ыстаарсай научнай сотрудник Софья Розенфельд уонна биолог, бу киин сотруднига, амфибия сөмөлүөт пилота  Георгий Киртаев Черскэйтэн кэлбиттэр. Учуонайдар куһу-хааһы, кубалары, хаастыҥы көтөрдөрү үөрэтиинэн дьарыктаналлар.

Анаадырга күнтэн-дьылтан тутулуктанан биир ый олорон, олус тардыллыбыттар. Дьиҥэ, Вайгач арыытыгар тиийиэхтээх эбиттэр.

Бу сырыыларыгар кинилэр кыталыктар маҥан буолан ыраахтан көстөллөрүн кэпсииллэр. Овцебыктар туундара устун барытыгар мэччийэ сылдьалларын, сорохтор абына-табына тарҕаммыттар. Көппүт сирдэринэн тыатааҕылары көрбөтөхтөр. Салгыы Индигир устун көтөн, Хаандыганан Дьокуускайга кэлиэхтээхтэр. Софья  “Сонор суола”  балаһабытыгар хаастар эмиэ ыал курдук олохтоохторун туһунан интэриэһинэй суруйуутун үгүс булчут сэргээн аахпыта.

Хаартыска Аллайыахатааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: