Бу ааспыт субуотаҕа Аллайыахаҕа “Кыталык” национальнай пааркаттан А.Н.Северцов аатынан Экология уонна эволюция проблемаларын институтун Көтөрдөрү биһилэхтээһин киинин учуонайдара көтөн бардылар.
Ол курдук, ыстаарсай научнай сотрудник Софья Розенфельд уонна биолог, бу киин сотруднига, амфибия сөмөлүөт пилота Георгий Киртаев Черскэйтэн кэлбиттэр. Учуонайдар куһу-хааһы, кубалары, хаастыҥы көтөрдөрү үөрэтиинэн дьарыктаналлар.
Анаадырга күнтэн-дьылтан тутулуктанан биир ый олорон, олус тардыллыбыттар. Дьиҥэ, Вайгач арыытыгар тиийиэхтээх эбиттэр.
Бу сырыыларыгар кинилэр кыталыктар маҥан буолан ыраахтан көстөллөрүн кэпсииллэр. Овцебыктар туундара устун барытыгар мэччийэ сылдьалларын, сорохтор абына-табына тарҕаммыттар. Көппүт сирдэринэн тыатааҕылары көрбөтөхтөр. Салгыы Индигир устун көтөн, Хаандыганан Дьокуускайга кэлиэхтээхтэр. Софья “Сонор суола” балаһабытыгар хаастар эмиэ ыал курдук олохтоохторун туһунан интэриэһинэй суруйуутун үгүс булчут сэргээн аахпыта.
Хаартыска Аллайыахатааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтиттэн
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…