Дьулус бүгүн тренажернайга эрчиллэн эрдэ бүттэ. Тахсаары туран тымныы уунан сууммут буолан, этэ-сиинэ хаһааҥҥытааҕар да чэбдигирбит, хамсанара-имсэнэрэ эрчимирбит. Сиэссийэлэр бүтэннэр, бэйэтэ да өрө көтөҕүллэн сылдьар.
Сотору саас кэлиэ. Сандал сааһы кытары, баҕар, таптал иэйиитигэр куустарыа. Тымныы кыһынтан уһуктан, котуокка хаҥкылыы кэлэр кыргыттар хаһааҥҥытааҕар да кэрэтийэллэрин Дьулус бэлиэтии көрөөччү. Ааспыт сайын үп-үрүҥ спортивнай көстүүмнээх, хотугу тугут оҕотун курдук чоҕулуччу көрбүт кыысчааны кытары билсиэн баҕарбыта кыаллыбатаҕа. «Баҕар, бу саас эмиэ котуокка кэлиэ. Ол аайы чугаһаан билсэр киһи буолуом ээ» диэн номнуо үһүс кууруска үөрэнэр Дьулус эрэллээхтик санана истэ. Оптуобус тохтобулугар чугаһаата.
Оптуобуһун күүтэ туран, уулусса нөҥүө туох эрэ хараара сытарын бэлиэтии көрдө. «Суол ортотугар туох куулун бырахпыттара эбитэ буолла?» дии санаабыта хамсаан ыларга дылы гынна. Аттынан дьон аалыҥнастылар да, бары тумнан аастылар. Күрүлүүр күнүс ким да тохтоон абыраабата. Биир дьахтар чугаһаан өҥөйөн көрдө да, сапсыйан баран ааһа турда. Сотору буолаат, оҕолор баар буола түстүлэр. Кинилэр туохтан эрэ күлсэ-күлсэ сытар «куул» диэки үмүөрүстүлэр. Онуоха киһи илиитэ күөрэс гынан иһэн, налыйан хаалла. Сытар «куул» киһи буоларын Дьулус дьэ өйдөөтө.
5-с нүөмэрдээх оптуобуһа бу күлтэллэн кэллэ. Уол санаата батарбата, тоҕо эрэ сүрэҕэ тиҥиргэччи тэбиэлээтэ. Толкуйдуу барбакка, уулусса нөҥүө сүүрдэ. Чугаһаатын кытары кыра уолаттар «бич» сытарын туһунан үҥсэ тоһуйдулар.
Көмөлөһүү
Дьулус сытар киһини тардыалаан көрбүтэ, эр киһи буолан биэрдэ. Айаҕыттан арыгы дьааттаах сыта аҥылыс гына түстэ. Ол эрэн, сытар киһи таҥаһа-саба хоп курдук, бич да, бомж да буолбатахха дылы. «Төһө да итиригин иһин, кини киһи эбээт, ким эрэ убайа дуу, аҕата дуу иэдээҥҥэ түбэспитэ буолуо» дии санаата эдэр киһи. Киһитин тардыалаһан көрдө, анарааҥҥыта турумаары дьирээлэһэр, төттөрү охтон иһэр. «Дьон сүрэҕэ тааһырбыта тоҕо бэрдэй! Ким да көмөлөһө сатаабата сүрүн» диэн Дьулус абатыйан ылла. Аттыгар ааһан иһэр эдэр уолаттары күүскэ үөгүлээн тохтотто. Уолаттардыын өйөөн, киһилэрин аттынааҕы ыскаамыйаҕа олортулар.
– Подъезтан тахсан истэхпинэ, кимнээх эрэ кэннибиттэн кэлэн төбөҕө саайдылар. Дьиэм диэки бара сатаатым да, кыаммакка охтубуппун быһыылаах, – диэн, арыгы испитин кистии сатыырдыы, аргыый аҕай сыыйан саҥарда. Саҥатыттан сылыктаатахха, маннааҕы буолбатах эбит, хайдах эрэ хотулуу ыллаан саҥарар.
Биллибэт киһи бэргэһэтин устан көрбүтэ, төбөтүгэр онор-манан кыа хаан бөлөнөҕө баар. Дьулус ону көрөөт, киһититтэн ыйыта да барбакка, суотабайынан «суһал көмөнү» ыҥырда.
Дьолго, «суһал көмө» массыыната ыраахтан ыйылаабытынан бу тиийэн кэллэ. Массыына иһиттэн быраас таҥастаах уолаттар ойон түстүлэр. Эмсэҕэлээбит сордооҕу кыратык көрө түһээт, наһыылкаҕа сытыардылар. Дьулус мух-мах буола турдаҕына, кини кимин ыйыттылар, суотабайын нүөмэрин суруннулар. Массыына барбытын кэннэ көмөлөспүт уолаттартар биирдэрэ чугаһаата уонна:
– Ити баҕас сыыһа гынныҥ, убай. Билигин полицияттан араҕыаҥ суоҕа. Да ну, киһини быыһаатыҥ уонна туох наада? Атаҕыҥ тилэҕин көрдөрүөхтээх этиҥ, – Дьулуһу санныттан таптайан баран, өс саҕа туттан ааһа турда.
Дьулус онно эрэ кыһаллыбата, тоҕо эрэ массыына көстүбэт буолуор диэри турбут сиригэр тэпсэҥнии турда.
Соһуччу түгэн
Биир күн, буоларын курдук, Дьулус үөрэҕэр бараары тэринэ сырыттаҕына, төлөпүөнэ тыаһаата. Билбэт нүөмэрэ таҕыста.
– Үтүө күнүнэн, Дьулус! Хайдах сылдьаҕын? Мин Нил Ивановичпын. Эн миигин быыһаабытыҥ. Көрсүөхпүтүн наада, – диэн сөҥ куолас түргэн үлүгэрдик субурутан кэбистэ.
– Ээ, өйдөөтүм, – дии-дии уол, муодарҕаатаҕына буоларын курдук, кэтэҕин тарбанна.
– Бүгүн эн үөрэнэр сиргэр тиийэ сылдьыам, – диэтэ анараа киһи.
Арай киэһэлик аудиторияттан тахсан истэҕинэ, төлөпүөнэ тырылыы түстэ. «Незнакомец Нил» диэн бэтиэхэлэнэ санаан суруна охсубута экраҥҥа тахсан кэллэ.
– Мин бу холлга күүтэн турабын. Сиэркилэ таһыгар чугаһаа, – диэтэ маарыҥҥы куолас.
Уол көрсүһүүнү умнубутуттан бэйэтэ да бэркиһээтэ. Сарсыарда аайы баттаҕын, таҥаһын-сабын көрүнэн киирэр улахан сиэркилэлэрин таһыгар чугаһаата. Оҕолортон тэйиччи соҕус биир билбэт киһитэ турарын бэлиэтии көрдө.
– Нил Ивановичкын дуо? Үтүө күнүнэн, – диэн илии тутуста.
– Эдэр киһи, эн миигин олоххо иккистээн төнүннэрбиккэр махтаныах тустаахпын. Чаас аҥаара курдук дөйөн сыппыппын. Ол тухары биир да киһи чугаһаабатах. Бука арыгыһыт сордоох сыттар сыттын диэтэхтэрэ. Эн тохтооботоҕуҥ буоллар, хайдах буолуом биллибэт үһү. Биир ыйы быһа балыыһаҕа сыттым, коматтан нэһиилэ таҕыстым, – диэтэ Нил Иванович.
– Өр да сыппыккын.., – диэн Дьулус саҥа таһаарда уонна туох да суолталааҕы булан эппэтэ. Билбэт, саастаах киһитэ киниэхэ махтана, сүгүрүйэ турара табыгаһа суохха дылы.
– Дьылҕа Хаан баарыгар итэҕэйиэхпин баҕаран сылдьабын уонна алҕас эрэ буолбатыгар үрдүк айыылартан көрдөһөн да биэрдим. Дьулус, миигин араспаанньаҥ интэриэһиргэтэр. Хайа улуускунуй? Аҕаҥ хантан төрүттээҕий? – ыксаабыттыы кутан-симэн кэбистэ.
– Кэбээйибин, Старков Дьулуспун. Аҕабын билбэппин. Мин төрөөбүт сылбар өлбүт үһү. Ийэлээхпин эрэ, – Дьулус үөрэнэрин тухары сүүстэ хатылыырга күһэллибит этиитин бу сырыыга эмиэ кыбыстыбыттыы эттэ.
Нил Иванович саҥарбакка биир сири тобулу одуулаан турда.
– Ийэҥ аата Раиса дуо?
– Эн ону хантан билэҕин?
– Дьулус, барыах, сэһэргэһиэх. Массыынабар тахсан олоруох, – диэн Нил Иванович уолу санныттан кууста. – Дьэ, дьикти да буолар эбит. Бачча сааспар диэри манныкка эрэ түбэһиэм диэбэтэҕим. Сатана, биирдэ итирэн охтубутум барыбытыгар туһалаах буолла дуу, тугуй?! Дьулус, эн бу күнтэн ыла абаҕаланныҥ уонна эһээлэнниҥ быһыылаах, – уолу бэйэтигэр ыга тардан, күүскэ кууһан ылла.
Дьулус тугу да өйдөөбөтө. Бу киһи ыарахан эпэрээссийэ кэнниттэн өйө хамсаан ылбыт дуу диэн дьааххана санаата. Кырдьык, олох барахсан соһуччу түгэннэри аҕалар буолар эбит! Саҥа билсибит Нил Ивановиһын кэпсээниттэн Дьулус Старков олоҕо барыта тиэрэ эргийиэх сибикилэннэ.
Дьулус төрөппүт аҕата Ньукулай Муоматтан төрүттээҕин ийэтин кэпсээниттэн билэрэ. Нил Иванович бигэргэтэринэн, Ньукулай аҕатын кытары улаханнык кыыһырсан баран, Дьокуускай куоракка «дьол көрдүү» баран хаалбыт. Ол аньыыта онон. Төрөппүттэригэр эргиллэн көрбөтөх. Кэлин сурах хоту истибиттэрэ, ханна эрэ Анаабырга баахтаҕа үлэлээн баран, сулумах дьахтары көрсөн ыал буолбут. Рая диэн көнө-көрсүө майгылаах дьахтар төрөөбүт дойдутугар Кэбээйигэ баран олохсуйбуттарын, уол оҕоломмуттарын истибиттэр. Кэлин кыра бырааттара Куола уордайбыта уҕараатаҕа диэн, көрдөөн, ирдэһэн көрбүттэр да, ууга тааһы бырахпыттыы сүппүт. Аҕалара санаа баттыгаһын уйбакка, хас да сылтан бэттэх суорҕан-тэллэх киһитэ буолбут.
Дьулус истибэтэҕин истэн, саҥа аймаҕын тонолуппакка көрөн олордо.
– Чэ, буоллун даҕаны. Ол эрэн соһуччута бэрт. Мин киэһэ ийэбэр төлөпүөннүү сылдьыам. Барыым дуу, – уопсайыгар барарын көҥүллүүрүгэр көрдөстө.
– Сөп-сөп, Дьулус. Мин эппиппин ийэҥ бигэргэтиэ. Көрөөр да истээр. Сотору көрсүөхпүт, – диэтэ уонна массыынатын аанын тыастаахтык сапта.
Чугастык билсиһии
Төрөппүт аҕата суох, тулаайах кэриэтэ иитиллибит Дьулус куорат биир мааны дьиэтигэр альбом көрө олорор. Саһарбыт хаартыскаларга аҕатын оҕо, эдэр эрдэҕинээҕи мөссүөнэ элбэҕии-иин. Дьулус айбыт аҕатыгар майгынныыр да эбит.
– Тиэрэ түһэр, умса сытыар, аҕаҥ аҕаҕынан сылдьаҕын, доҕоор, – Нил Иванович үөрбүтүн биллэрэн, сотору-сотору уолга чугаһыыр. – Ийэҥ да бииргэ төрөөбүттэрэ суохтар эбит. Эн аны соҕотох буолбатаххын, уолчааныам. Аҕамсыйан эрэ да буоллар, абаҕалааххын, иннэ кылгаабыт да буоллар эһээлээххин.
Дьулус куттаммыттыы туттан хоско киирбитэ, киэҥ ороҥҥо уҥуохтаах-тириитэ эрэ хаалбыт оҕонньор сытар.
– Тукаам, мин барытын истибитим. Орто дойдуга таах олорботох эбиппин. Кырдьар сааспар өссө биир сиэммин көрөр дьол тосхойбута тугун баҕас соһуччутай. Аҕаҥ эдэригэр тэптэрэн, төһө да бардамнык, сыыһа-халты быһыыламмытын иһин, сытар ынаҕы туруорбат көнө сүрүннээҕэ, бэйэтин кыанар этэ, – диэтэ уонна уолу тургутардыы, ытыстарын ыгыта туппахтаата. – Аатыҥ да улахана бэрт эбит. Айбыт аҕаҥ анаабыт аатын түһэн биэримэ. Олоххо дьулус! Аны ийэҕин көрдөрбүн, кырдьаҕас киһи бу олохтон бардахпына да, сөрү-сөп буолуом этэ. Куолам оҕотун көрөр күннээх эбиппин… – оҕонньор аргыый аҕай саҥара таһаарда.
Дьулус хостон тахсыахча буолан иһэн, эһээтин таһыгар иһийэн турда. Билэрэ эрэ куорат дьиэтин түөрт истиэнэтэ буолаахтаабыт кырдьаҕас барбах оҥоһор харахтара сиигирбиттэрин, мыччыстыбыт сирэйигэр харах уута таммалаабытын Дьулус соһуйа көрдө.
– Чэ, Дьулус, тахсыах. Дьол хараҕын уута кэллэр кэллии-иин… – диэн сибигинэйдэ Нил Иванович.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…