Дьоммутугар, дойдубутугар туһаны аҕалар санаа биһигини түмэр

Share

Пригород сэлиэнньэтин дьахталларын түмсүүтэ 2022 сыллаахха дьаһалта исписэлииһин  Лена Флегонтова көҕүлээһинэн тэриллибитэ. Салайааччынан Чэмэлиинэ Скрябина талыллыбыта.

Хаартыска: Чэмэлиинэ Скрябина тиксэриитэ.

“Биьиги түмсүүбүт сүрүн сыалынан дойду үрдүнэн буола турар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө, норуоппут, сэлиэнньэбит, куораппыт култууратын, устуоруйатын, үгэстэрин харыстаан тутуһан, дьоҥҥо тарҕатыы уонна нэһилиэнньэни уопсастыбаннай үлэҕэ көҕүлээһин буолар, — диэн үлэлэрин билиһиннэрэр Чэмэлиинэ Николаевна. – Ол курдук, түмсүү чилиэннэрэ ааспыт сылга сылаас тохтобулу сууйан-сотон, кырааскалаан тупсарбыттара, олохтоохтор мантан наһаа астыналлар. Сайын Үс Хатыҥ ыһыахтыыр сиригэр түһүлгэ ыланнар, бары саба түһэн күрүөлээбиттэрэ, кырааскалаабыттара.

Кыргыттар үгүстэрэ элбэх оҕолоох ыал ийэлэрэ, үлэлээх, туспа дьарыктаах дьон буолаллар. Ол гынан баран кинилэри барыларын  биир үтүө санаа  түмэр: дьоммутугар, дойдубутугар туһаны аҕалыы.

Ааспыт сылтан саҕалаан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан блиндажка уматыллар чүмэчилэри оҥоробут, сылаас таҥаһы-сабы тигэбит, ону таһынан эминэн- томунан, күннэтэ туттуллар малынан-салынан көмөлөһөбүт. Дьаһалтабыт салайааччыта Василий Пинигин, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Иван Салатюк, Аҕалар сүбэлэрин салайааччыта  Ньургун, «Надежда» култуура дьиэтин салайааччыта Эльвира Бендит, кини үлэһиттэрэ бары биир санаанан салайтаран, Пригородпыт сайдарын туһугар былааннаахтык үлэлиибит. Быйылгы сылтан хаххалыыр сиэккэлэри уонна балаакка буолар плащтары (плащ палатки) тигэн саҕалаатыбыт. Манна кыргыттар бэйэлэрин баҕа санааларынан сүрэхтэрин сылааһын ууран туран үлэлииллэр. Кыра да иллэҥ кэм көһүннэ эрэ кэлэн үлэлииллэр”.

Оҕолор дойдуларыгар бэриниилээх буола улааталларыгар, үлэлээн хамсаан улаатыахтаахтар диэн,  «Жемчужинка» уһуйаан иитээччилэрэ уонна 12 №-дээх оскуола оҕолоро, учууталлара көмөлөһөр үтүө үгэстээхтэр эбит. Оҕолор былырыын чүмэчи оҥоруутугар көмөлөспүттэр, бааҥкалары хомуйан, сууйан биэрбиттэр.

Дьахталлар түмсүүлэрин чилиэннэрэ байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга матырыйаал атыылаһалларыгар күүс-көмө буолбут дьоҥҥо: “Выгодная ипотека” ааҕыныстыба салайааччыта Анна Туласыноваҕа, “Стройуниверсал” ХЭТ салайааччыта Павел Степановка, “Айта” маҕаһыын дириэктэрэ Дария Абрамоваҕа, ИП Николаев Мичилгэ, “Сансити” түннүк сабыытын салонун үлэлэтэр Павловтар дьиэ кэргэттэригэр улахан махталларын тиэрдэллэр. Чахчы да, маннык амарах санаалаах дьон баар буоланнар үтүө дьыала салҕанар.

“Байыастарбытыгар кытаанах санааны, дойдугут сылаас тыына  араначчылыы, дьоҥҥут өйөбүлэ көмөлөһө туруохтун! Дьэ маннык Пригородпыт тэрилтэлэрин түмэн, үлэ тэтимнээхтик барар. Күн ахсын көмөлөһүөн баҕалаахтары күүтэбит, биһиги хамсааһыммытыгар кыттыһаргытыгар баҕарабыт”, — диэн түмүктүүр Чэмэлиинэ Скрябина.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

9 часов ago