Салгыы
Домна Слепцова: «Албан ааттаах хорсун Боотурдар»

Домна Слепцова: «Албан ааттаах хорсун Боотурдар»

Ааптар:
16.11.2022, 13:50
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.

Куонкуруспут 81-с кыттааччыта Дьокуускай куораттан   Слепцова Домна Трофимовна:

Албан ааттаах хорсун боотурдар

Аан дойдуга араллаан таһааран,
Алдьархайдаах иэдээни оҥорон,
Эмискэ тиллэр күннээх Украинаҕа
Эриэн моҕой нацизм ыамата.

Тоҥ харахтарынан тобулу одуулаан,
Таныытын сүлүһүнүн саккыратан,
Аҕыс сыл бар дьонун сэймэктээн,
Аҕылыар диэри хааннарын испэхтээн.

Суоһурҕанар биһиги дойдубутугар,
Содуллаах дьаатынан нацист кыыла,
Тохтообот эйэлээх тыллары ылынан,
Түллэҥнии сыыллар Ийэ дойдуга.

НАТО халыҥ харчытыгар тирэҕирэн,
Наһаалыыр элбэх өлүүнү таһааран,
Мунньунар уот ньаалаҕай күүһүн
Муҥура биллибэт элбэх сэрии сэбин.

Салаллар биһиги Ийэ сирбитигэр.
Сиэмэх араас кыылларын ыҥыртаан.
Онуоха Ийэ дойдубут түрдэстэ уордайан,
Олохтоох дьон ытыыр ынчыгын истэн,

Сүдү улахан сөптөөх соругун ылынар,
Саалаах саадахтаах боотурдарын ыҥыран.
Бардылар буойуттар охсуһуу толоонугар,
Биир киһилии нацистары суох оҥороорулар.

Түүннэри-күннэри иэдээннээх сэриигэ,
Толлубат боотурдар инники кирбиигэ,
Хамсанан имсэнэн Уруй! Айхал! Алгыстаах,
Хараҥа күүһү абаккара кыдыйтыыллар .

Эриэн, хара бастаах нацист кыыла,
Элбээн үөскүү турар үгүс үптэн.
Сарын санныларыттан ылсыһаннар,
Сиэрдээх бырааттыы Норуоттардыын,

Түҥ былыр Олоҥхо дойдутуттан,
Төрөөн үөскээн тэнийэн кэлбит,
Модун хорсун хоһуун боотурдарбыт,
Мөхсүнэллэр уоттаах сэрии үөһүгэр.

Охтоллор сорохтор кытаанах киирсиигэ,
Омуннаах буулдьаны сүрэххэ хабаннар,
Кыайыы күнүн түргэтэтэн биэрээри,
Кэтэһиилээх кэммитин бэттэх аҕалаары.

Ытаамаҥ дуу, ийэккээннэр..  оҕоҕут буорун ыаратан,
Ытаамаҥ дуу , аҕаккааннар.. оҕоҕут кутун аймаһытан,
Күндү ымыы оҕолоргут үйэлэри уҥуордаан,
Көмүс буукубаларынан ааттарын суруннулар.

Баараҕай боотурдар бу сиргэ өрүү тыыннаахтар,
Быралыйар дьылларга эдэр хоһуун мөссүөннэрэ,
Сулустуу сандаардыннар инники көлүөнэҕэ!
Санаа күүһэ буоллуннар үүнэн эрэр ыччаттарга!

Махтал, Ийэ сирбит хоһуун уолаттарыгар!
Махтал, модун күүстээх боотурдарбытыгар!
Махтал, сарыал сарсыҥҥы күннээхпитигэр!
Махтал, утум хатар хорсун буойуттарбытыгар!

Умнуллубат уһун үйэлэргэ дьоруойдардаах,
Улуу эһэлэрдээх саха саллааттара!
Ардай аһыылаах фашистары самнарбыт,
Аҕа дойду Улуу сэрииһиттэрин сиэннэрэ!

Кыайаҥҥыт, хотоҥҥут,
Этэҥҥэ сылдьаҥҥыт,
Эргиллэн кэлээриҥ!
Уруй! Айхал! Буолуохтун Эһиэхэ!
Албан ааккыт үрдүү туруохтун!
АХТАБЫТ, СУОХТУУБУТ, КҮҮТЭБИТ!!!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: