Дьон дьиэтин туора дьоҥҥо куортамҥа биэрэн

Share

Арассыыйа ИДьМ “Дьокуускайдааҕы” МУ 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар кыбартыыраны куортамҥа ылаары албыннатан 72 тыһыынчатын сүтэрбит дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ суруйар.

Суһал ирдэбил түмүгэр урут сууттана сылдьыбыт Ленскэй оройуонун олохтооҕо буруйдаах буолара биллибит.

Бу эр киһи кыбартыыра куортамнаабыт уонна онтукатын куортамныырга биллэрии таһаарбыт. Албын биллэриигэ бу дьахтар киирэн биэрбит. Буруйдаах эр киһи  дьиэ хаһаайынын быһыытынан киниэхэ 72 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх харчыны урутаан төлүүрүгэр көрдөспүт. Дьахтар сөбүлэһэн, киниэхэ харчытын ыыппыт. Кэтэх санаалаах эр киһи кыбартыыра күлүүһүн биэрэн баран, тахсан барбыт. Сотору кэминэн дьиҥнээх бас билээчилэр кэлбиттэр, кинилэр бас билэр дьиэлэрэ үһүс киһиэхэ куортамнаммытын олох да билбэккэ сылдьыбыттар.

Манна олоҕуран.  РФ Холуобунай кодексын 159 ыст 2 ч. “Түөкүннээһин” диэн дьыала көбүтүллүбүт. Ол быһыытынан 5 сылга диэри көҥүлэ да быһыллыан сөп.

 

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Сахалыы дьыктаан» аахсыйаҕа ыҥыраллар

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Сахалыы дьыктаан" аахсыйа  быйыл 12-с төгүлүн…

12 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүл араас көрүҥэ оҥоһуллар

Саха сиригэр 38 байыаннай дьайыы инбэлиитэ уонна кини кэргэнэ  суоппары бэлэмнээһин бырагырааматыгар үөрэммит ороскуота төлөннө.…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быыһааччылар балыксыттарга көмөлөстүлэр

Бүгүн, олунньу  16 күнүгэр,  03.48 ч.  "112" суһал нүөмэргэ, Жатай бөһүөлэгин  чугаһыгар, арыыга, массыыналаах балыксыттар…

44 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара мэдиссиинэ көмөтүнэн толору туһаналлар

Өрөспүүбүлүкэҕэ  байыаннай дьайыы 4396 кыттааччыта мэдиссиинэ көмөтүнэн туһанна.   Бу туһунан олунньу 16 күнүгэр ыытыллыбыт…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Далбар хотун — 2026» күрэскэ ыҥырабыт!

Өбүгэ саҕаттан норуот төрүт үгэстэрин аныгы кэмҥэ барҕарда сайыннарар Сахабыт сирин иэйиэхсит ийэлэрин "ДАЛБАР ХОТУН”…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Павловскайга дьахтар АДПИ көмөтүнэн баһаартан быыһанна

Түүн үөһүгэр, 02:24 ч. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай нэһилиэгэр чааһынай дьиэҕэ уот турбутун туһунан Майатааҕы…

2 часа ago