Дьон эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста

Дьон эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста

16.02.2024, 17:57
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, олунньу 15 күнүгэр, сарсыарда 10 чаас саҕана ИДьМ Горнай оройуонунааҕы салаатыгар  Бэс Күөл нэһилиэгин таһыгар дьон эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.

Бэрэбиэркэ кэмигэр  биллибитинэн, 63 саастаах суоппар «Тойота Ленд Крузер Прадо» массыынанан Кэбээйи улууһуттан Дьокуускайдаан иһэн, уруулун сатаан салайбакка, утары суолга тахсан биэрбит уонна «МАЗ 6430c9″диэн улахан массыынаны кытта харсыспыт.  Саахал кэмигэр «Тойота Ленд Крузер» массыына иһигэр суоппартан ураты өссө үс киһи олорсон испит. Оттон «МАЗ 6430c9» массыына 1980 сыллаах суоппара соҕотох айаннаан испит. Саахал кэмигэр 1960  уонна 1963 сыллаах төрүөх дьахталлар араас эчэйиилээх балыыһаҕа киирбиттэр. Үһүс пассажир 2007 сыллаах төрүөх уол хаҥас тобугун эчэппит. Быһылаан тахсар кэмигэр икки суоппар иккиэн өйдөөхтөр уонна сэрэхтээх буолуу курунан баанан олорбуттар. Саахалынан бэрэбиэркэ бара турар. Госавтоиниспиэксийэ саахалтан сэрэхтээх буолар туһугар суолга аһары түргэнник сылдьар сэрэхтээҕин этэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: