“Сахамедиа” холдинг таһаарар «Редколлегия» анал бырайыагын үһүс биэриитэ таҕыста.
– Үһүс биэрии Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ уонна Кировскай куорат туһунан буолла. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ Кировскай куоракка көмөлөһөр. Биир дойдулаахтарбыт онно баран ыйы ыйдаан үлэлээбиттэрэ. Сорохтор билигин төннөн кэллилэр.
Устуудьуйаҕа бойобуой дьайыы кыттыылааҕа Станислав Гоголев, суруналыыс Анна Лебединская, СИА анал кэрэспэдьиэнэ Николай Борисов, “Ситим” медиабөлөх генеральнай дириэктэрэ Владимир Степанов, “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сулустаан Заболоцкай ыалдьыттаатылар.
Кинилэртэн үс киһи Кировскайга баран үлэлээн кэлбитэ. Сулустаан Владимирович сыл аҥаарын кэриҥэ баран Кировскайы чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбитэ. Саамай улахан эбийиэк оскуола этэ.
Сулустаан Заболоцкай: Саха сириттэн дэлэгээссийэ ыам ыйыгар тиийбитэ. Биһигини Кировскай куорат аҕа баһылыга Сергей Ермаков бэйэтинэн истиҥник көрсүбүтэ. Бастаан чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга ыарахан этэ, тоҕо диэтэр, тустаах докумуоннар (бырайыак, куорат былаана, о.д.а.) суохтара. Онон ханна, туох коммуникациялар, кабеллар баалларын өйдүүр уустук этэ. Ол эрээри сыыйа исписэлиистэрбит барытыгар быһаарсан, үлэлээн барбыттара.
Кировскай – кыра соҕус куорат. Нэһилиэнньэтин ахсаана – 24-25 тыһыынча киһи. Куорат кэрэ көстүүлээх, күөх үүнээйилэрдээх, саад курдук. Ол эрээри, дьиэлэрэ, инфраструктурата олус эргэрбиттэр, сэбиэскэй кэмтэн уларыйбакка тураллар. 30 сыл устата онно туох да тутуллубатаҕын кэриэтэ.
2015 сыллаахха куораты буомбалаабыттарын кэнниттэн, олохтоох былаас бэйэтин күүһүнэн куораты чөлүгэр түһэрэ сатаабыт, онон-манан эрэ өрөмүөн үлэтэ барбыт.
Оҕо саадыгар, оскуолаҕа сылдьан көрдөххө, дьон малы-салы олус харыстаан тутталлар. Саҥа мал өтөрүнэн кэлбэтин өйдүүллэр. Кировскайга оҕолор элбэхтэр. Бэс ыйын 13 күнүн кэнниттэн Донецкайы буомбалаан барбыттарыгар, элбэх эдэр дьон төрөппүттэригэр, Кировскайга төннүбүттэрэ. Биирдэ сыбаайбалыы сылдьалларын көрбүппүт. Билигин онно бойобуой дьайыы буолбат.
Сулустаан Заболоцкай: Дойду биир уһугуттан, ыраах дойдуттан кэлэн көмөлөһө сылдьарбытын истэн сөҕөллөр, үгүстүк махтаналлар этэ. Саха сирин туһунан тымныы, алмаас баар диэн эрэ билэллэр. Оттон Нерюнгри куорат туһунан бары билэллэр. Шахтердар буолан, бырааттыы куораттар буолбуттар. Аймахтара Нерюнгригэ үлэлии бараллар эбит. Билсэн баран, Саха сирин туһунан билэ-көрө сатыыллар, интэриниэттэн булан ааҕаллар. Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ информационнай технологияларга киин куорат буоларын элбэхтик истибит буолан, көмпүүтэр туһунан ыйыталаһаллар. Айсен Сергеевич көмпүүтэр тиэхиньикэтин бэлэхтээбитигэр олус үөрбүттэрэ.
Айсен Николаев Кировскайга IT-киини тутарга сорудахтаабыта. СӨ Инновационнай сайдыыга, сыыппараҕа министиэристибэтэ ити боппуруоһунан номнуо дьарыктана сылдьар. Ону тэҥэ, Ил Дархан Кировскайга уунан хааччыйыы систиэмэтин оҥорор боппуруоһу көтөхпүтэ. Бу боппуруос быһаарыллан, трассаны тардан, ууну сүөкүүр систиэмэ оҥоһуллубута. Онон билигин ууга кыһалҕа суох.
Владимир Степанов: Ол аата, сэрии улаханнык таарыйбатах куората эбит дии? Холобур, Волноваха куорат хаартыскаларын көрдөрбүттэрэ, ынырык хартыына этэ… Биир интервью ылбыт киһим кэпсээбитэ, оҕо саадын арыйа барбыттар. Генератор холбообуттарыгар, туох эрэ тыас-уус тахсыбыт. 1-2 сөкүүндэ иһигэр оҕолор муостаҕа умса баран түспүттэр, дьахталлар кинилэри бүөлүү үрдүлэригэр ыстаммыттар…
Сулустаан Заболоцкай: Оннук, Волноваха куоракка террористическай түмсүү “Азовтан” барарыгар тааҥкалары аҕалтаан, соруйан таҥара дьиэтин аттыгар туруортаан баран, дэлби ытыалаабыттар этэ. Наркотик дьайыытынан буолуо, балыыһаҕа оҕо отделениетын халаан баран, уматан кэбиспиттэр. Онтон соҕотох хачыал эрэ хаалбыт этэ.
Станислав Гоголев: Харахха быраҕыллара – нэһилиэнньэ туохха барытыгар үөрэнэн хаалбыт. Оттон оҕолор ханнык калибрдаах буомба көтөн иһэрин тыаһыттан истэн билэллэр. Сэрии кэмин оҕолоро “убежищеларга” олорон, оҕо саастарыттан маппыттар. Оҕолор хаһан да бу дойдуларыттан ырааппатахтар, ханна да сылдьыбатахтар. Барахсаттар буомбаттан хайдах саһары, хайдах дьаһанары кыраларыттан билэллэр…
Олохтоох дьону үлэҕэ ыларгар көрөҕүн – эдэркээн уол, эбэтэр кыыс, ол эрээри уйулҕата алдьаммыта биллэр. Биһиги штурмовиктарбыт аллараанан көттөхтөрүнэ, эбэтэр, сирена тыаһаатаҕына, кубарыйа түһэллэр, куттаналлара көстөр. Бу сыллар усталарыгар төһөлөөх ньиэрбэлэрэ ыалдьыбыта, куттаммыттара буолуой? Ол барыта доруобуйаҕа охсор.
Мин Чечняҕа сылдьыбыт, бойобуой дьайыы бэтэрээнин быһыытынан этиэхпин баҕарабын – сэриигэ сылдьыбыт кэннэ эйэлээх олоххо кэлэн баран, уларыйарга, үөрэнэргэ бириэмэ, көмө наада. Сэрии киһи уйулҕатын уларытар.
Кировскайга кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ харахтарыгар патриотизм уота умайара, Арассыыйа туһугар ыалдьаллара көстөр. ”Юнармияны” да ылан көрүөҕүҥ. Кинилэргэ бу түмсүү аҕыйах сылтан бэттэх үлэлиир. Бойобуой дьайыы бэтэрээнин быһыытынан оҕолордуун көрсүһүүгэ ыҥырбыттара. Бу иннинэ балыыһаҕа эмиэ сылдьан, бааһырбыт байыастары кытары көрсүбүппүт. Юнармеецтар историяны, Арассыыйа каартатын олус үчүгэйдик билэллэрэ сөхтөрбүтэ, араас ыйытыылары биэрэллэрэ. Наһаа элбэҕи аахпыт, билиилээх оҕолор этэ. Киин Арассыыйа оҕолоруттан чыҥха атыттар.
Станислав Гоголев.: Лозуннарынан саҥарыам суоҕа эрээри, бэйэм санаабын этиэхпин баҕарабын. “Бэйэбитигэр кыһалҕабыт элбэх, тоҕо кинилэргэ көмөлөһөбүт?” диэн ыйытыыларга хоруйдуом этэ: дьону былаҕайга быраҕан, кыһалҕаларын кытары хаалларан кэбиһэбит дуо? Киһилии сыһыаммыт, хотугулуу сиэрбит да быһыытынан, көмөлөһүөхтээхпит дии саныыбын.
Анна Лебединская: Норуот ситэ өйдүү илик курдук көрөбүн. Биллэн турар, манна баар кыһалҕалары умнуо суохтаахпыт. Манна эмиэ тутуу барыахтаах, суол-иис оҥоһуллуохтаах. Бэйэбит кыһалҕаларбытын умнан кэбиһэн баран, онно баран көмөлөһөбүт диэн буолбатах.
Саҥа эрэгийиэннэргэ 2014 сыл кэнниттэн Арассыыйа көмөлөһүө суоҕа диэн саарбахтаабыт санаалара симэлийэн, дьон итэҕэлэ күүһүрбүтэ көстөр. Референдум кэнниттэн, дьэ, толору итэҕэйдилэр. Сэбиэскэй кэмтэн онно туох да тутуу барбатах. Бэл диэтэр, аҕыс сыллааҕыта бастакы куотан кэлээччилэр биһиэхэ кэлэн баран, олус сөхпүттэрин кэпсээбиттэрэ. Эмиэ кинилэргэ курдук туох да тутуу барбата буолуо дии санаабыттара, манна сайдыы бөҕө эбит. 12 саастаах кыыстара тутуу кыраана диэни аан бастаан көрбүт этэ.
Сулустаан Заболоцкай: Референдум буолуор диэри дьон итэҕэйбэт да курдуктар этэ. Куоластааһыҥҥа бырааһынньыкка курдук кэлбиттэрэ. “Биир дойдулаахтарбытыгар эҕэрдэ!” диэн үөрэн, эҕэрдэлэһэн ааһаллара. Путин референдум буоларын туһунан иһитиннэрбитигэр, дьон санаата олус көтөҕүллүбүтэ. Кировскайга саамай үрдүк көрдөрүүлээхтэр – 99,5% Арассыыйаҕа холбоһор туһугар куоластаабыттара. Дьон Арассыыйаҕа үйэ саас тухары холбоһор туһунан баҕарара көстөр этэ. Биһиги кэлэн көмөлөһө, үлэни ыыта сылдьарбыт, дьиҥнээх үлэ түмүгэ көстөрө да дьон санаатыгар оруоллаах буоллаҕа дии.
Владимир Степанов: 1945 сыллаахха сэрии урусхаллаабытын бары саба түһэн чөлүгэр түһэрбиппит. Билигин да маннык үтүө үгэстэр салҕаныахтаахтар.
Виктор Колесов: Сөпкө эттигит. Сахаларга “аччык киһини аһатан, тоҥмут киһини ириэрэн” көмөлөһөр үтүө үгэс баар. Көмөлөһөр илиибитин утары уунуоҕуҥ. Айыы киһитэ аһыныгас.
Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр сэлиэнньэтин олохтооҕо дьахтар өрөспүүбүлүкэ борокуруора Максим Поповка көмө көрдөөн биллибит. Быһаарыллыбытынан,…
Арассыыйа социальнай пуондата үлэлиир гражданнарга биэнсийэни индексациялааһыны быһаарда. Индексацияны суоттааһыҥҥа 2016 сылтан ыла бары көтүтүллүбүт…
СӨ тырааныспар уонна суол Хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, социальнай…
Саха сирин олохтооҕо Денис Харисов ТНТ ханаал ыытар "Ярче звезд" биэриитигэр кытынна. Бу биэриигэ кыттааччылар…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…