Саха сирин олохтоохторо АЛРОСА эрэгийиэн социальнай бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ көхтөөхтүк кыттарыгар хайыы үйэ үөрэммиттэр. Өскөтүн АЛРОСА тутар буоллаҕына, барыта болдьоҕор уонна хаачыстыбалаахтык тутулларыгар эрэнэллэр. Онуоха социальнай эбийиэктэри тутуу – хампаанньа өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдарыгар соҕотох кылаата буолбатах. 2022 сылга ханнык тутуулар үлэҕэ киллэриллибиттэрин бүгүҥҥү матырыйаалга билиһиннэриэхпит.
АЛРОСА үбүнэн сыл аайы социальнай инфраструктура эбийиэктэрэ, олорор дьиэлэр дьэндэйэллэр, суоллар өрөмүөннэнэллэр. АЛРОСА оскуолаларга, балыыһаларга, университеттарга, тыйаатырдарга, хараамнарга уонна Саха сирин, Арассыыйа успуорка федерацияларыгар тус сыаллаах үбүнэн көмөнү оҥорор.
Социальнай эбийиэктэри – успуорт комплекстарын, култуура тэрилтэлэрин үбүлүүр эрэ буолбакка, өссө салгыы көрөр-истэр хампаанньа Саха сиригэр уонна дойдуга да аҕыйаҕа буолуо.
Былырыын АЛРОСА бөлөҕө корпоративнай социальнай бырагыраамалары олоххо киллэрэргэ, үбүнэн тус сыаллаах көмөҕө, аһымал уонна спонсорскай үлэҕэ 6,7 миллиард солкуобайы ыыппыта. Бу, 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 468 мөлүйүөнүнэн элбэх. Төһө да тас дьайыы ханнык баҕарар сибикилэрэ баалларын иһин, АЛРОСА социальнай хайысхалаах инфраструктураны өйүүргэ былааннарын салгыы олоххо киллэрэр.
СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылаатын отут сыл устата киллэрэн кэллэ. АЛРОСА хампаанньаттан баҕа өттүнэн харчынан төлөбүр пуонда уопсай бүддьүөтүн 70-100 бырыһыаныгар тиийэр. 2011-2022 сылларга хампаанньа тоҕустан тахса миллиарды ыытта.
Бииргэ үлэлэһии сыала соруга биир – Саха сирин баайа-дуола эрэгийиэҥҥэ олорор дьон барыларын дастайаанньата буолуохтаах. Пуонданы кытары бииргэ үлэлэһии кэмнэригэр 130-тан тахса социальнай суолталаах эбийиэк тутулунна. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев хаста да бэлиэтээбитин курдук, АЛРОСА хампаанньа социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы сүрүн драйверынан буолар уонна Саха сирин социальнай инвестицияларга инники иһээччи быһыытынан көрдөрөр.
Пуонда былырыыҥҥыттан ыла киһи хапытаалын урутаан сайдыытыгар хайысхаламмыт саҥа кэнсиэпсийэни олоххо киллэриини саҕалаабыта.
– Билигин пуонда бырайыактары ситэриигэ, холобур, киһи хапытаалын сайыннарыыга, ахсаабат болҕомтотун уурар. Чуолаан, кэпсэтии «Оҕо саас лабораторията», «Өрөспүүбүлүкэ уһулуччу талааннаах оҕолорун буларга уонна өйүүргэ эрэгийиэннээҕи киин», «Оҕо инновационнай кииннэрэ», «Кэскиллээҕи айыы» уо.д.а. бырайыактар тустарынан барар. Бу барыта – судаарыстыба, биисинэс уонна уопсастыба күүһүн түмүү, стратегическай соруктары уопсай өйдөөһүн уонна биһиги бииргэ үлэлэһээччилэрбит өйөбүллэрэ, – диэн пуонда генеральнай дириэктэрэ Владимир Егоров бэлиэтээн этэр.
АЛРОСА үлэһиттэрэ бары «оҕолорго барыларыгар, дьиэ кэргэнин дохуотуттан тутулуга суох, куруһуоктарга уонна сиэксийэлэргэ дьарыктанар кыах бэриллиэхтээх» диэн санаалаахтар.
АЛРОСА 2016 сылтан пуонда «Кэлэр кэскил туһугар» тус сыаллаах бырагырааматын олоххо киллэрэри үбүлүүр. Бырагыраама бастакы биэс сыл үлэлиир кэмигэр 13 социальнай суолталаах эбийиэк үлэҕэ киллэрилиннэ. Билигин 2025 сылга диэри суоттаныллыбыт иккис түһүмэх үбүлэнэр.
Бырагыраамаҕа саҥа фундаментальнай бырайыактар бастакы түмүктэрэ хайыы үйэ бааллар. Биир сүрүн саҥаны киллэриинэн «Оҕо саас лабораторията» автономнай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ буолбута, бу чэрчитинэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор уйулҕа уонна эт-хаан өттүнэн сайдыыларыгар бастакы биир кэлим чинчийиилэр оҥоһуллубуттара.
АЛРОСА сорох бырагыраамалара хампаанньа сүрүн үлэтин ыытар Мииринэй улууһугар доруобай оҕо сааһы өйүүргэ ананаллар. АЛРОСА – 2013 сылтан «Алмазик» оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэтин тэрийээччитэ. Тэрилтэ структуратыгар улуус оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор 28 тэрилтэлэрэ киирэр. Оҕо уһуйааннарыгар сыл аайы 4 тыһыынчаттан тахса оҕо сылдьар. 2013-2022 сылларга АЛРОСА учредительнай усунуоһа 8 106,6 буолбута, ол иһигэр 2022 сылга – 442,6 мөлүйүөн солкуобай. Онтон былырыыҥҥыттан хампаанньа улуус 5-11 кылаастарын үөрэнээччилэрин сылаас аһынан босхо хааччыйыыны үбүлүүр.
Саха сиригэр нэһилиэнньэ хайыы үйэ улаханнык сөбүлүүр уопсастыбаннай эйгэни (миэстэни) тэрийиигэ анаммыт бырайыактара олоххо киллэриллэллэр. Ол – Удачнай куоракка киин болуоссат, Нам сэлиэнньэтигэр Аммосов аатынан тупсаҕай оҥоһуулаах биэрэк, Айхал бөһүөлэгэр Доруобуйа былаһаакката, Майа сэлиэнньэтигэр тупсаҕай оҥоһуулаах биэрэк.
Сотору кэминэн маннык уопсастыбаннай эйгэлэр өрөспүүбүлүкэ кэккэ улуустарыгар оҥоһуллуохтара. Холобур, Уус Маайаҕа Албан аат болуоссата, Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр култуура уонна сынньалаҥ паарката уонна Бороҕон сэлиэнньэтигэр «Мүрү кытыл» биэрэк уо.д.а. эбийиэктэр.
Маннык бырайыактар куорат эйгэтин дизайныгар уонна тупсаҕай көрүҥэр анаан толкуйданаллар. Аныгы уопсастыбаннай эйгэлэр сатыы киһи сылдьар суоллаахтар, ыскамыайкалардаахтар, былаһааккалардаахтар уонна дьоҕус архитектурнай көрүҥнээхтэр. Маннык бырайыактар сүрүн соруктара – элбэх хайысхалаах аныгы култуурунай зона олохтоохтор эрэ буолбакка, ыалдьыттар уонна туристар тардыһар сирдэринэн буоларын ситиһии.
Былырыын Нам улууһун олохтоохторугар сиэдэрэй бэлэҕинэн уонна долгутуулаах түгэнинэн Нам сэлиэнньэтигэр Култуура уонна духуобунай сайдыы Дыбарыаһын киллэрии буолбута. Дыбарыас хайыы үйэ олохтоохторго наадалааҕын дакаастаата – кэнсиэртэр уонна айар биэчэрдэр толору киһилээх ыытыллаллар, 400 киһи киирэр саалата мэлдьи толору. Манна бибилиэтэкэ, уус-уран оҥоһуктар галереялара, ЗАГС управлениета, кыраайы үөрэтэр түмэл үлэлииллэр.
– Дыбарыас омук култууратын улахан комплексын сүрүн эбийиэгинэн буолла. Аттыгар саха уһулуччулаах бэйиэтэ Илья Винокуров-Чаҕылҕан түмэлэ уонна Максим Аммосов аатынан болуоссат баар буолуохтара.
Былырыын аһыллыбыт тупсаҕай биэрэк Нам сэлиэнньэтин олохтоохторун эрэ буолбакка, оройуон бары дьонун тардыһар киининэн буолла. Манна күн аайы кэлиибарыы, сааскы кэмҥэ каток аһыллар.
Бу бырайыактар өрөспүүбүлүкэ салалтатын, муниципальнай оройуон, пуонда уонна АЛРОСА хамаанданан улахан үлэлэрин көрдөрөллөр.
«Маннык улахан өйөбүлгүт иһин барыгытыгар махтанабыт», – диир Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов.
Бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэһиилэр чэрчилэринэн, хампаанньа өрөспүүбүлүкэ улуустарын социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар кылаатын киллэрэргэ кэккэ эбэһээтэлистибэлэри ылыммыта.
Холобур, Арктикаҕа ыраах сытар Өлөөн улууһугар социальнай эйгэни өйөөһүнү сэргэ, дьиэ табатын иитии, Хотугу сир дьонун хаһаайыстыбатын үгэс буолбут көрүҥнэрэ сайдаллар. 2022 сыллаахха ити сыалга-сорукка АЛРОСА 90,75 мөлүйүөн солкуобайы биэрбитэ. Үп оскуолаҕа оҕолор босхо аһылыктарын тэрийэргэ бэриллэр, сыл аайы оҕолору таба ыстаадатыгар тиэрдэллэр. Ону таһынан табаһыттар хамнастара субсидияланар, сир баайын хостооччуларга анаан нэһилиэнньэттэн кыыл таба этэ атыылаһыллар.
Ону таһынан бу үбүнэн Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын култуурата өйөнөр. Оҕолор уонна улахан дьон эбэҥки тылын үөрэтэллэригэр босуобуйалар бэчээттэнэллэр, табаһыттар үгэс буолбут сүлүөттэрэ тэриллэр.
Ньурба улууһугар тус сыаллаах көмө уопсай суумата 324,8 мөлүйүөн солкуобай буолбута. Манна социальнай эйгэ эбийиэктэрэ тутуллаллар уонна өрөмүөннэнэллэр. Ону таһынан алмаастаах түөлбэ 9 улууһун сайыннарыы бырагыраамата толоруллар. Бу сыалга-сорукка сыл аайы хас биирдии улууска 9,25 мөлүйүөннүү солкуобай ыытыллар. 2020 сылтан АЛРОСА Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын өйөбүлүгэр Садын национальнай-эбэҥки нэһилиэгин (Мииринэй улууһа) социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан Сөбүлэһиини сыл аайы түһэрсэр. 2022 сылга АЛРОСА үбүлээһинэ 10 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэспитэ.
Ону таһынан АЛРОСА хос тэрилтэлэрэ социальнай-экэнэмиичэскэй бииргэ үлэлэһии чэрчитинэн, муниципальнай тэриллиилэргэ үбүнэн көмөлөһөллөр.
«Анаабыр алмаастара» 2022 сылга Анаабыр, Өлөөн, Булуҥ, Эдьигээн уонна Эбээн Бытантай улуустарын сайдыыларыгар 108,9 мөлүйүөнү ыыппыта.
Ыраас уу – доруобуйа мэктиэтэ
Биэс сыл анараа өттүгэр Бүлүү өрүскэ нэһилиэнньэни иһэр уунан хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турбута. Бүлүү бөлөх улуустарга ууну ыраастыыр ыстаансыйалары тутуу хампаанньа «2019-2024 сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы систиэмэтин сайыннарыы» бырагырааматынан ситиһиллибитэ. 2019-2022 сылларга АЛРОСА 599,5 мөлүйүөнү биэрбитэ, ол иһигэр 2022 сылга тус сыаллаах үбүлээһин 149,5 мөлүйүөҥҥэ тэҥнэспитэ – ууну ыраастыыр ыстаансыйалар тутуллаллар, уу баһар тиэхиньикэлэри атыылаһаллар.
Ону таһынан манна 2019-2023 сылларга бу улуустар экологияҕа уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын туругар наука чинчийиилэрэ ыытыллаллар. Тэрээһиннэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын, «СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ уонна АЛРОСА хардарыта бииргэ үлэлээһиннэрин туһунан Сөбүлэһии чэрчитинэн ыытыллаллар. Бу кэм устата АЛРОСА 138,0 мөлүйүөнүнэн үбүлээтэ, онтон 48,3 мөлүйүөнэ – 2022 сылга.
Ааспыт сыл биир улахан түгэнинэн АЛРОСА Гран-притыгар хапсаҕайга турнир буолбута. Турнирга Саха сирин 11 улууһуттан 126 бастыҥ тустуук уонна Бурятияттан итиэннэ Дагестан Өрөспүүбүлүкэтиттэн сүрүн спортсменнар кыттыбыттара.
«Туой Хайа» эдэр толорооччулар өрөспүүбүүлүкэтээҕи ХХХ үбүлүөйдээх бэстибээл-куонкурустара өрөспүүбүлүкэ 21 улууһуттан 128 кыттааччыны түмпүтэ.
2022 сылга Удачнайга уонна Мииринэйгэ успуорт икки саалата саҥардыллан аһыллыбыта. Өрөмүөн үлэтэ ыытыллан, саҥардыллыбыт саалалар кэҥээбиттэрэ, саҥа тренажердарынан уонна успуорт инвентардарынан сэбилэммиттэрэ.
АЛРОСА бөлөҕө социальнай инфраструктураны көрөрүгэр-истэригэр уопсай ороскуота («Култуура уонна успуорт» бырагыраама ороскуоттарын учуоттаан) 2022 сылга 1,5 миллиартан тахсыбыта, итинтэн култуура уонна успуорт эбийиэктэрин, быстах кэмҥэ олорор дьиэлэри уонна олорор дьиэлэри көрөргө-истэргэ 1,17 кэриҥэ миллиард солкуобай ыытылынна.
Сүрүнэ – бэйэ муннуга
АЛРОСА өрөспүүбүлүкэҕэ үлэни биэрэр бөдөҥ тэрилтэ, ону сэргэ үлэлииргэ үчүгэй усулуобуйалаах тэрилтэ. АЛРОСА бэйэтин үлэһиттэригэр социальнай эбэһээтэлистибэлэриттэн ураты Кэлэктиип дуогабарын чэрчитинэн үлэһиттэри өйүүр бырагыраамалары оҥорор. Холобур, хампаанньа былырыыҥҥыттан ыла Мииринэй улууһун кытары «Эдэр ыалы олорор дьиэнэн хааччыйыы» бырагырааманы үбүлүүр. Эдэр ыалларга, аҥаардас төрөппүттэргэ – 35-гэр диэри саастаахтарга бырагыраама кыттыылаахтарыгар олорор дьиэни атыылаһарга эбэтэр биирдиилээн дьиэни туттарга, ипэтиэкэ кирэдьииттэригэр социальнай төлөбүрдэри (субсидиялары) оҥорор.
2022 сылга 47 эдэр ыал сибидиэтэлистибэ ылбытыттан 31-рэ – АЛРОСА үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэрэ. Быйыл хампаанньа бу бырагырааманан үлэтин салҕыыр, үбүлээһин икки төгүл улаатта.
2023 сылга АЛРОСА ороскуота 34,86 мөлүйүөн буолуоҕа. Хампаанньаҕа ипэтиэкэ кирэдьиитигэр корпоративнай бырагыраама үлэлиир, бырагыраамаҕа 400-чэ киһи кыттар. 2022 сылга АЛРОСА бэйэтин үлэһиттэрэ төлөөбүт кирэдьииттэрин бырыһыаннарын толуйбута (37,4 мөлүйүөн сууманы).
Анастасия МОСКВИТИНА суруйуутуттан тылбаас
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…
Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…
Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…