Дьон-сэргэ дохуоттаах буолуутугар аадырыстаах көмө элбээтэ

Share

Айсен Николаев 2018 сыллаахха Ил Дархан бурҕалдьытын сүгээт, бастакы таһаарбыт ыйааҕынан халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө этэ. Кини ити сыл сайыныгар кылгас кэм иһигэр киин бырабыыталыстыбаны кытары кэпсэтэн, дьон-сэргэ кыстыкка бэлэмнэнэригэр федерацияттан көмө харчыны эрдэттэн ыытары ситиспитэ. Ити курдук Айсен Сергеевич өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар кэлиэҕиттэн биэс сыл устата дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ чөл, дьон-сэргэ дохуоттаах буолуутугар улахан болҕомтотун ууран кэллэ.

Айсен Николаев үлэтигэр хара маҥнайгыттан социальнай боппуруостарга улахан болҕомтотун уурбута. Ол да иһин бастакы ыйаахтарыгар, сылын аайы норуотугар иһитиннэрэр анал этиилэригэр дьон дохуоттаах, дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ чөл туруктаах буолуутугар үлэтин туһулаабыта.

Бастатан туран, ийэҕэ, оҕоҕо, оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ болҕомтотун уурбута. Бу үлэ чэрчитинэн ийэ хапытаалыгар өрөспүүбүлүкэҕэ күн бүгүн үс бырагыраама үлэлиир. Манна биэс сыл устата өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин сэттэ төгүл үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Холобур, 2018 сыллаахха Ийэ хапытаалыгар диэн 3,5 млрд солкуобай көрүллэр эбит буоллаҕына, билигин бу суума 26,5 млрд солкуобайга тэҥнэһэн турар. Былырыын өссө манна өрөспүүбүлүкэбит сүүс сыллаах үбүлүөйүн көрсө Ийэ сылынан “Үйэ оҕолоро” диэн хапытаал эбиллибитэ. Бу Ийэ хапытаалын оҕоломмут ыал барыта ылар кыахтаммыта. Итини таһынан дьиэ кэргэни өйүүр сыалтан оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэргэ, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолордоох, элбэх оҕолоох ыалга аадырыстаах көмөлөр эбиллибиттэрэ, ону сэргэ өссө эһиилгиттэн сүүрбэ биэс саастарыгар диэри ыал буолбут дьоҥҥо биир кэмнээх көмө көрүллүөхтээх.

Иккиһинэн, эйгэлэринэн дьон-сэргэ дохуот аахсарыгар ураты суолу киллэрбитэ. Холобур, айар-тутар дьоҥҥо туспа субсидиялар, стипендиялар ананаллара диэн урукку сылларга суоҕа. Ол чэрчитинэн олоҥхону толорооччулар, оһуохайы таһарааччылар Ил Дархантан ый аайы отуттуу тыһыынча солкуобай анал стипендия ылар кыахтаннылар. Сахалыы киинэ сайдыытыгар субсидия бэриллэрэ эмиэ ахсааҥҥа баттанара. Айти-технологияны сайыннарыыга, манна үлэлэһэ сылдьар дьоҥҥо судаарыстыбаттан көмө көрүллэрин өссө киһи аахпат даҕаны.

Үсүһүнэн, халаан уутун, ойуур баһаарын содулун туоратыыга, хамсык кэмигэр, арҕааҥҥы дойдулар Арассыыйаҕа киллэрбит хааччахтарын утары үлэҕэ Саха сирэ биир бастакынан хамсанан, дьон-сэргэ дохуота түспэтигэр, дьиэ кэргэн экэниэмикэтэ айыгараабатыгар үлэлэспитэ. Холобур, былырыын Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ аһынан-үөлүнэн хааччыллыыта хайа да эрэгийиэннээҕэр сааһыланан биир ситимнээхтик барбытын бэлиэтиир наадалаах. Арктика, хотугу улуустарбытыгар сайынын уу суолунан уонна тымныыга кыһыҥҥы суолунан таһаҕаһы таһар буоламмыт, күн чиэппэрэ даҕаны хойутуурбут биһиэхэ табыллыбат этэ. Ол иһин Айсен Сергеевич түргэн-тарҕан быһаарыныыны ылынан, сорох боппуруостары предпринимателлэргэ туттаран, бэйэтин стратег салайааччы быһыытынан көрдөрбүтэ.

Аны туран хамсык кэмигэр Ил Дархан тэрийбит суһал ыстааба күнүстэри-түүннэри үлэлээбитин бэлиэтиир эмиэ наада. Манна үлэлэригэр ордук предпринимателлэр оҕустарбыттарынан Саха сирин бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэртэн эмиэ бастакынан сөптөөх дьаһалы ылыммыта.

Төрдүһүнэн, тыа сиригэр кыра дохуоттаах ыал элбэҕинэн сибээстээн, манна тыа хаһаайыстыбатыгар өссө биир саҥа суолу киллэрэн турар. 2018 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ыйаах таһаарбыта. Бу ыйааҕынан тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөттэн 14 млрд солкуобай көрүллэр буолбута. Бу маннык элбэх үбүлээһин тыа хаһаайыстыбатыгар өссө көрүллэ илигэ. Ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын үрдэтэр сыалтан анал пуонда тэрийбитэ. “Агростартап” диэн бырайыак тэриллэн, бэйэ дьыалатын саҥа саҕалаан эрэр дьоҥҥо улахан көмө-тирэх буолбута.

Бэсиһинэн, дьон-сэргэ бэйэтэ үлэлээн-хамсаан дохуоттанарын ситиһэргэ үлэлэспитэ. Ол иһин өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ миэстэтин таһаарыыга ордук болҕомтотун уурбута. Манна бырамыысыланнаска эрэ буолбакка бары эйгэлэринэн үлэ барбыта. Кэлиҥҥи сыллартан бэттэх 56 тыһыынчаттан тахса киһи үлэнэн хааччылынна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

13 часов ago