Дьон-сэргэ тыл туһугар хамсанар

Share

Кулун тутар 24 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ «Омук күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар» диэн улуустааҕы сугулаан үрдүк таһымнаахтык буолла.

Бу сугулааны уопсастыбанньыктар Бурхалей Степанович Макаров, Варвара Васильевна Васильева көҕүлээн, улуус салалтата өйөөн, баһылык солбуйааччыта Люция Спиридоновна Тойтонова быһаччы тэрийсэн, 22 нэһилиэктэн баһылыктар, оскуола, уһуйаан салайааччылара, иитээччилэр, учууталлар, төрөппүттэр, уопсастыбанньыктар, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ – барыта 330-ча киһи мустан, күнү быһа сэттэ түһүлгэнэн ньиргиччи мунньахтаатыбыт, кэпсэттибит.

Хас нэһилиэк аайыттан сүрүннээччи киһини киллэрэн туран, 36 киһилээх улуустааҕы Ийэ тыл сүбэтэ тэрилиннэ, 10 киһилээх дьаһабыл (правление) талылынна. Түмүк уураах этиилэринэн сүбэ бэйэтин үлэтин саҕалыахтаах.

Дьэ, бу сугулаан иннинэ Бурхалей Степанович уонна Варвара Васильевна күүстээх үлэни ыыппыттар. Туох баар улуус нэһилиэктэрин бэйэлэрин массыыналарынан, бэйэлэрин уматыктарынан кэрийэ сылдьан, улуус 24 оскуолатын 3000-тан тахса оҕотун барытын кытта кэпсэтэн, сахалыы саҥарар таһымнарын Иванова Н.И., Никитина В.Н., Филиппова А.Г. ньымаларынан дириҥэтэн чинчийбиттэр. Бачча улахан үлэ аҥардас баҕа санаанан, тыл туһугар кыһаллар толкуйтан тахсыбыт. Үлэ түмүгэр оҕолор нууччалыы тылы кыбытан саҥарар буолбуттара, тылларын баайа аҕыйаабыта, кэпсиир дьоҕурдара мөлтөөбүтэ көстөн кэлбит. Тыа оҕото “күрдьэх”, “ынах” диэн тыллары билбэтин, “муос” диэн тугун кыайан арааран өйдөөбөтүн соһуйа кэпсииллэр, улуус дьоно даҕаны сөҕө истэллэр. Ол эрээри, бу наһаа куһаҕана суох көрдөрүү дии санаатым. Тоҕо диэтэххэ, сорох улуустарга төрдүс таһымнаах, ол эбэтэр нууччалыы тылы эрэ буолбакка, этиини кыбытан саҥарар оҕо өссө элбэх, “күрдьэх” диэннээҕэр “иэдэс” даҕаны диэн тугун сатаан ааттаабат оҕо үгүс. Ону таһынан, 5-6 таһым, ол аата сүрүннээн нууччалыы саҥарар оҕо көрдөрүүтэ эмиэ улахан.

Хаартыска: Вилюяна Никитина.
Хаартыска: Вилюяна Никитина.
Хаартыска: Вилюяна Никитина.

Сугулааҥҥа улуус дьаһалтата, элбэх баһылык, салайааччы баара үчүгэй. Ил Түмэн дьокутааттара, биир дойдулаахтара – Феодосия Габышева, Ойуур Байбал күнү быһа үлэлэһэн, ону кытта Ил Дархан ийэтэ Тамара Николаева кыттан, кинилэр өйөбүл буолбуттара дьон-сэргэ санаатын көтөхтө, тэрээһин таһымын үрдэттэ.

Дьокуускайтан хас да уопсастыбанньык баран кытынныбыт. Мин төрөппүттэри кытта кэпсэтэн баран, бэрт сэргэх дьон эбит диэн үөрэ санаатым. Чахчы тугу эрэ оҥоруох, айыах-тутуох дьон эбит, ийэ тыл тула үлэ күөстүү оргуйууһук диэн күлүкпэр имнэнним.

Эбии биһирээбитим диэн, сугулааҥҥа 13 нэһилиэк сахалыы эйгэни сайыннарар түһүктэрин (бырайыактарын) көмүскээһиннэрэ буолла. Манна сорохтор олох элбэх хайысхалаах бүтүн нэһилиэк үлэлиир түһүктэрин билиһиннэрдилэр, сорохторо биирдиилээн хайысханы талбыттар. Сирдэр ааттарын сахатытыыга, оҕону сахалыы ааттыырга, лааппыларга, атын да дьон сылдьар сирдэригэр “здравствуйте” буолбакка сахалыы эҕэрдэлэһии, “ийэ”, “аҕа” диэн сахалыы ыҥырыы, эбэ-эһэ үөрэҕэ, ыйынньыктары сахатытыы диэн соруктары элбэх нэһилиэктэргэ киллэрэн эрэллэр эбит. Харбалаахха “Остуоруйа истэр дьоро киэһэлэрин”, Өргүөккэ “Умсулҕаннаах ааҕыы”, Сургуулукка “Медиа-оскуола”, Ороһуга “Кэрэ тыллар”, Айар аартык – айар дьоҕур”, “Ыһыах-2027” – бу ыһыахха диэри бары оһуохайдыы, олоҥхолуу, үгэһи тутуһа о.д.а. үөрэниэхтээхпит диэн соруктаах түһүктэри хайгыы көрдүм.

Төннөн иһэн Ороһуга К.С. Чиряев аатынан норуот педагогикатын киинигэр сылдьан, оҕону иитиигэ олус ураты, дириҥ ис хоһоонноох баай мунньуллубут сирин сэргии көрдүм. Бу киинтэн киһи саха омугун туох баар мындырын барытын иҥэрининэн тахсыан сөбүн сөхтүм.

Дьэ, нэһилиэктэринэн маннык үлэни киэҥ араҥаҕа таһааран, Саха сирин улуустарыгар барыларыгар ыытыахха!

Сорох атын улуустарга бу курдук хамсааһыннар бааллар. Бу курдук ийэ тылбытын хараанныахха, сайыннарыахха диэн бар дьоммутун ыҥырабыт!

Вилюяна НИКИТИНА, “Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Харыйата  буолан ааста

Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт

Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха,  суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Аан дойду абсолютнай чөмпүйүөнэ эдэр мадьыныга хоттордо

Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

“Биисинэс-Экспо” быыстапка – урбаанньыт сулустаах чааһа

Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан харыйата — 10 бастыҥ үөрэнээччи

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн  өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көхтөөх Күндээдэҕэ

Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…

3 часа ago