Дьон уонна дьол туһугар

Дьон уонна дьол туһугар

16.04.2023, 15:56
Хаартыска: В.Сыроватская тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Варвара Дмитриевна Сыроватская – Уус Алдан улууһун Киин балыыһатын Оҕо төрүүр дьиэтин сэбиэдиссэйэ, үрдүк категориялаах акушер-гинеколог, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, СӨ «Ытык кырдьаҕаһа» бэлиэтин хаһаайката, Уус Алдан улууһун, Мүрү уонна Өспөх нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина.

“Улууспут киин балыыһатыгар Төрүүр дьиэҕэ уһун сылларга үтүө суобастаахтык, бары билиитин, кыаҕын биэрэн, кэлэктииби сатабыллаахтык салайан гинеколог-быраас Варвара Дмитриевна Сыроватская үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини төһөлөөх элбэх кырачаан оҕону күн сирин көрдөрбүтүн ааҕан сиппэккин. Кини сымнаҕас, сылаас илиитинэн бүөбэйдэнэн төһөлөөх ийэ сүрэҕэ үөрүүнэн туолбута буолуой, төһөлөөх эдэркээн аҕа сүрэҕин өрүкүппүтэ буолуой?”. Маннык ис хоһоонноох сурук Уус Алдан улууһун “Мүрү саһарҕата” хаһыакка бэчээттэммитэ.
Бу махтал тылларын ааҕан баран, бастатан туран, Варвара Дмитриевна доруобуйа харыстабылыгар өр үлэлээбитэ уонна кырачааҥҥа күн сирин бэлэхтиир курдук эппиэтинэстээх үлэҕэ билигин да үтүө суобастаахтык үлэлии, салайа сылдьара сөхтөрбүтэ.

Варвара Дмитриевнаны ийэтэ ыраах учаастакка биэлсэр көмөтө суох бэйэтэ төрөппүтэ. Аҕата Дмитрий Афанасьевич Румянцев кадровай булчут этэ. Сэрии кэмигэр кут сураан сылларга кини көмөтүнэн “Үүнэр олох” холкуостан биир да киһи аччыктаабатаҕа. Тугу бултаабытыттан бэйэтигэр да хаалларбакка, барытын атын дьоҥҥо түҥэтэрэ. Кэлин быара улаханнык ыалдьар буолбута. 1953 сыллаахха санитарнай авиациянан Дьокуускай куоракка көтүппүттэрэ да, быыһамматаҕа, сырдык тыына быстыбыта. Кырачаан Варя аҕатын кытары бырастыыласпакка да хаалбыта. Ити күнтэн ыла кини улааттаҕына дьону эмтиир, быыһыыр быраас буоларга санаммыта. Начаалынай оскуоланы бүтэрэн баран, Найахы аҕыс кылаастаах оскуолатыгар, онтон Курбуһах орто интэринээт-оскуолатыгар үөрэммитэ. Ийэтигэр уонна балтылаах-быраатыгар сайыҥҥы каникулугар эрэ кэлэрэ. Варвара интэринээт улахан олоххо бэлэмнэнэргэ үчүгэй оскуола буолбутун, бэйэни көрүнэ, бас билэ үөрэнэргэ туһалаабытын туһунан кэпсиир. Кырдьыга да, кини дьылҕа бэйэҕиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдөөбүтэ.
Варвара Саха судаарыстыбаннай университетын эм­­тиир дьыалаҕа факультетыгар үс төгүл төхтүрүйэн туран киирбитэ (нуучча тылын ыарырҕатара). Ол да буоллар, санаатын түһэрбэтэҕэ, балыыһаҕа санитарканан, онтон мэдиссиинис­кэй сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. Үөрэҕи бүтэрэригэр идэни (специализацияны) быһаарынар кэм кэлбитигэр бас­таан хирург идэтин тала сыспыта. Ол гынан баран, кыргыттарга биэс сыл устата кэргэн тахсыа уонна оҕо төрөтүө суохтааххыт диэн туруорбут усулуобуйаларын сөбүлээбэтэҕэ. Онон, акушер эбэтэр гинеколог буоларга быһаарыммытыттан биир да күн кэмсиммэтэҕэ.
Эдэркээн кыыс өссө интернатураҕа үөрэнэригэр куораттааҕы Төрүүр дьиэҕэ уопуттаах быраастар салалталарынан үлэлээбитэ. Манна аҥаардас биир дьуһуурустуба күн 15-25 кырачаан күн сирин көрөрө, оттон биир ыйга 10-ча түүҥҥү дьуһуурустуба түбэһэрэ. Уопуттаах быраас­тартан элбэххэ үөрэммит буолан, бэйэтигэр эрэл үөскээбитэ. Варвара Дмитриевна киэҥ билиилээх быраас буоларыгар уонна тургутууну ааһарыгар үөһэттэн ыйыллыбыт курдук түгэннэр бааллара. Холобур, 1975 сыллаахха төрөөбүт күнүгэр дьуһуурустубата түбэс­питигэр үс игирэни төрөтөн тураллар. Икки оҕо кэлиэхтээх диэн билэллэрэ, ол иһин атын акушерка төрөтөр хостон тахсан барбыта. Ол кэмҥэ үһүс оҕо кэлэр буолбутугар Варвара Дмитриевна уолуйан хаалбакка, акушерката суох бэйэтэ төрөтөргө күһэллибитэ. Дьолго, бу кырачааннар туох да моһуога суох доруобай төрөөбүттэрэ. Онтон 1976 сыллаахха сыбаай­балыан иннинэ, атырдьах ыйын 20 күнүгэр үс уол игирэни төрөтөн турар.

Төрөөбүт улууһугар бэриниилээхтик

Варвара Дмитриевна мэдиссиинэҕэ 57 сыл үлэлээбит ыстаастааҕыттан, Төрүүр дьиэ отделениетын сэбиэдиссэйинэн 48 сыл үлэлээтэ. 10 Дьоруой ийэ оҕолорун төрөппүтэ. Биир дьиэ кэргэнтэн үс көлүөнэни: эбэлэрин, кыыстарын уоннна сиэннэрин төрөппүтэ үгүс, ону ааҕан сиппэккин.
Кини салайар иллээх-эйэлээх кэлэктиибэ араас сылларга “Хааччыйыыга үрдүк култууралаах кэлэктиип”, “Киин балыыһа бастыҥ отделениета”, “Уус Алдан улууһугар бастыҥ отделение” ааттары ситиспитэ. Бу барыта – отделение быраастарын, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэрин уонна санитаркаларын түмсүүлээх үлэлэрин түмүгэ.
Варвара Дмитриевна үлэһиттэрэ үрдүк таһымнаахтык үлэлииллэригэр, сайдалларыгар, үөрэнэллэригэр уонна сөптөөхтүк бэлиэтэнэллэригэр усулуобуйаны тэрийэргэ кыһаллар.
Бүгүрү үлэһит киһи уопсастыбаннай үлэтэ суох эмиэ сатаммат. Устудьуоннуур сылларыгар факультетын “Сэргэлээх уоттара” үҥкүү кэлэктиибин уонна 1972 сыллаахха куоракка “Сарыал” үҥкүү ансаамбыла тэриллиэҕиттэн староста этэ. Улууһугар харах далыгар сылдьар бастыҥ үлэһит эмиэ уопсастыбаннай үлэтэ суох буолбатаҕа.
2011 сыллаахха улууска акушерство-гинекология сулууспата тэриллибитэ 75 сылыгар архыып уонна историческай докумуоннары, ахтыылары, сэдэх хаартыскалары хомуйан “Дарить людям счастье” кинигэни бар дьонугар бэлэх ууммут үтүөлээх.

Дьиэ кэргэн –бигэ тирэх

“Мин мэлдьи олох үөһүгэр сылдьарга үөрэнним. Дьиэ кэргэммин кытары уоппус­кам кэмигэр эрэ сынньанабын. Уоппускам кэмигэр да ардыгар балыыһабар кэлэбин. Оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ кыыспыт Саша эрэ төрөөбүт күнүн муус устарга бэлиэтиирбит. Онтон уолбут Илья сайын төрөөбүт күннээх буолан, мэлдьи тыаҕа эбээтигэр барбыт буолара. Онтон атын бырааһынньыктар биһиэ­хэ син биир үлэ күнүн курдуктара, үлэбититтэн дьоннорбут бырааһынньыктааҕы остуолларыгар кэлэрбит. Уопсайынан, дьиэ кэргэн өйөбүлэ суох ким да көдьүүстээхтик үлэлээбэтэ буолуо дии саныыбын. Мин дьиэбэр көстөрүм да ах­­сааннаах буолара. Өссө биэс сыл буола-буола икки ыйга үөрэхпин үрдэтинэ барарым. Онон, мин дьиэ кэргэним аҕа баһылыгар, кэргэммэр Иннокентий Ильичкэ махталым муҥура суох”, – диэн этэр.
Иннокентий Ильич Сыро­ватскай эмиэ дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна, Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, суруналыыстыка салаатыгар В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан бириэмийэ бастакы лауреата, РФ Суруналыыстарын сойуу­һун «Честь, достоинство, профессио­нализм» бэлиэтин хаһаайына, өр сылларга “Мүрү саһарҕата” хаһыат эппиэттиир сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.
Сыроватскайдар 47 сыл устата бииргэ олордулар. Уоллаах-кыыс оҕолоохтор, сиэннэрин үөрүүлэринэн, ситиһиилэринэн дьоллоноллор.

“Кыайыылаах тахсыахтаахпыт”

Варвара Дмитриевна билигин биир ыра санаалаах уонна ол туһугар күнүстэри-түүннэри сыратын биэрэр. Ол – үлэлээн кэлбит балыыһатын дьиэ­тин тупсарыы, үлэһиттэригэр уонна ийэ буолар кэрэ аҥаардарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии.
Варвара Сыроватская:
– Бороҕоҥҥо билиҥҥи Оҕо төрөтөр дьиэ (уруккута киин балыыһа) 1966 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Ол кэнниттэн хаста да олохтоохтук өрөмүөннэнэн, ис-тас көстүүтэ үчүгэй курдук. Ол эрээри, сылтан сыл аайы тымныыта бэрт, ордук муос­тата +3-4 кыраадыс буолар. Санитарнай эпидемиология билиҥҥи ирдэбиллэригэр хайдах да эппиэттээбэт: итии уута суох, эргэ буолан канализацияны оҥорор көҥүллэммэт. Биир эрэ сиргэ уу сүүрэр сирэ, туалет баар. Душтанар сир турар миэс­тэтэ суох.
Дьиҥэр, ирдэбилгэ эппиэт­тиир мэдиссиинискэй аппаратура баар эрээри, кыараҕас буолан турар сирэ суох. Эмтэнээччилэр уонна үлэһиттэр суукканы быһа үлэлииллэригэр уонна эмтэнэллэригэр усулуобуйа суох.
Улахан дьон көрдөрөр балыыһата эмиэ эргэрэн, санитарнай ирдэбилгэ эппиэт­тээбэт. Бу сылларга үлэлээн кэлбит быраастар туруорсан, 2014 с. таас балыыһа үлэҕэ киирэн, аны иккис уочаратын туруорсаллар да, эмиэ туох да хамсааһын тахсымаары гынна дии санаабыппыт. Бэйэбит оҕобут Анна Саввична Петрова кылаабынай бырааһынан үлэлии кэлиэҕиттэн быйылгы сылга хамсыах курдук дуу. Дьон-сэргэ Оҕо төрүүр дьиэтин уонна поликлиниканы туруорсар.
Биһиги үлэбит элбэх уустук түгэннэрдээх. Онуоха “акушер-гинекологтар ханнык баҕарар ыарахан кэмҥэ суһал быһаарыы ылынан кыа­йыылаах тахсыахтаахпыт” диэн сыаллаах-соруктаах үлэлиибит. Биһиги илиибитигэр икки киһи олоҕо, дьиэ кэргэн туруктаах, дьоллоох олороро быһаарыллар түгэннэрэ баар буолаллар”, – диэн баҕа санаатын үллэстэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: