“Дьон үтүө тыла бырааппытыгар тиийдин”
01.11.2024, 15:15
Хаартыска: Давид Иванов тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:
Күөл мууһа туран, нэһилиэктэргэ мууһу ылыы үгэннээн бара турар кэмэ.
Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин олохтоохторо ини-бии Геннадий, Давид Ивановтар элбэх оҕолоох ыалларга, кырдьаҕастарга, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах дьоҥҥо муус аҕалан биэрэр үтүө үгэстээхтэр. Уолаттар бииргэ төрөөбүт инилэрэ быстах хомуурга түбэһэн, байыаннай дьайыыга сылдьыбыта хаһыс да сыла.
“Санаабытыгар кинини өйүүбүт, дьон үтүө тыла бырааппытыгар тиийдин”, — диэн убайдар этэллэр.
+1
4
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: