Донбаас, Луганскай, Херсон, Запорожье салалталара Москваҕа кэллилэр
Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр, Херсон, Запорожье уобаластарын салалталара Москваҕа РФ бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа референдум түмүгүнэн оҥоһуллубут докумуоннарын туттара кэллилэр.
Херсон уобалаһын байыаннай-гражданскай дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Кирилл Стремоусов “Телеграм” ханаалыгар суруйбутунан, бэҕэһээ киэһэ Москваҕа бу түөрт эрэгийиэн салайааччылара көтөн кэлбиттэр.
– Херсон, Запорожье уобаластара, Донецкай, Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр историческай суолталаах быһаарыныыны ылына Москваҕа көтөн кэллилэр. Сөмөлүөт этэҥҥэ Арассыыйа киин куоратыгар түстэ. Сотору кэминэн биһиги Арассыыйа субъектара буолуохпут, саҥа олох, саҥа история биһигини күүтэр, – диэн иһитиннэрэр кини.
Санатан эттэххэ, бу түөрт эрэгийиэннэр балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр референдум ыытан, Арассыыйа састаабыгар киириэхтэрин баҕаралларын бигэргэппиттэрэ. Нэһилиэнньэ 90-тан тахса бырыһыана куоластаабыта.
Хаартыска Кирилл Стремоусов «Телеграм» ханаалыттан туһанылынна
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: