Салгыы
Донбасс иэйэр куолаһа (Видео)

Донбасс иэйэр куолаһа (Видео)

04.12.2022, 15:00
Бөлөххө киир:

Кинини “Донецкай кутурҕан куолаһа”, “Донбасс Музата”, “Шахтер кыыһа” диэн ааттыыллар. Кини хоһоонноро тоҕус тылынан тылбаастанан, аан дойду үрдүнэн дуорайан иһиллэллэр. Бэйиэт Анна Ревякина хоһоонноро ырыа буолан ылланаллар, ыраахха кыырайа көтөллөр.

Сочи куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы Суруналыыстар пуорумнарыгар бара сылдьан, аан бастаан кинини көрбүтүм, истибитим. Дойду бары муннуктарыттан мустубут суруналыыстар иннилэригэр хатыҥыр кыыс-дьахтар тахсыбыта уонна хоһооннорун аахпыта. Саала иһигэр уу-чуумпу бүрүүкээбитэ. Кулгаахпытыгар буомбалар эстэргэ, буулдьалар ыйылыырга, оҕолор ытаһаллара иһиллэргэ дылы буолбута… Чахчыта, биһиги дьиҥнээх сэриини билбэппит. Билбэппит да ордук. Ол эрээри, ол түгэҥҥэ сэриини илэ көрбүт, ыар тыынын сүрэҕэр-быарыгар иҥэрбит, дууһатын нөҥүө аһардыбыт кыыс “Истиҥ даа, истиҥ!.. Донбасс иэдээнин таах хаалларымаҥ!” диир курдуга…

Бу кэнниттэн кинини көрүдүөргэ көрсөн, кылгастык кэпсэппитим, видеоҕа устубутум.

– Сэрии диэн трагедия, киһи олоҕор түбэһэр саамай ынырык түгэнэ. Эн эбэҥ этэрэ буолуо: “Сэрии эрэ буолбатын!” диэн. Ол этии дириҥ ис суолтатын эн син биир өйдөөбөккүн. Экран нөҥүө көрөрүҥ диэн атын. Биллэн турар, эн аһынаҕын, хомойоҕун, ол эрээри, ол эйигин дьиҥнээхтик таарыйбат. Социальнай ситимнэри арыйталыы олорон, ыалдьар оҕо туһунан иһитиннэриини түргэнник сабан кэбиһэр дьону билэбин. Тоҕо диэтэр, дьон атын киһи ыарыытын, иэдээнин ылыныахтарын баҕарбаттар. Бу дьон куһаҕана диэн буолбатах, сороҕор, манныгы кыайан тулуйбаттар, ким эрэ куттанар…

Мин хоһооннорум хайдах суруллубуттарай? Донецкайга дьиэбэр, куукунаҕа олорон, хараҕым уута тэтэрээппэр таммалыыра… Ийэм эмиэ ытыыра. Хоһоон дьиҥ ис сүрэхтэн, дууһа ыарыытыттан суруллубутун ­ааҕааччылар тута билэллэр ээ. Бу көннөрү тыллары наар­дааһын буолбатах… Ол иһин саалаҕа хоһоон ааҕа таҕыстахпына, сырыы аайы долгуйабын, чуумпуран, дьиҥ ылынан истиэхтэригэр эрэнэбин.

– Бүгүн референдум бастакы күнэ. Референдум туһунан эн санааҥ?

–  Бу күнү хас да хааннаах сыл устата күүппүппүт. 2014 сыл ыам ыйын 11 күнүгэр буолбут бастакы референдум бэлэмнэнии, “черновик” курдук этэ. Ол саҕана Арассыыйаҕа холбоһор туһунан боппуруос турбат этэ. Ол эрээри, ол да кэмҥэ биһиги бэлэм этибит. Донбасс нууччалыы эйгэтин, бу кэлбит суолун көмүскүүргэ бэлэм. Биһиги куттуун-сүрдүүн нуучча эйгэтин сорҕото буолабыт. “Донбасс норуота” диэн этии үөскээбитэ, бастатан туран, биһиги нуучча норуотун сорҕото буолабыт. Донбасс 8,5 сыл устата күн аайы бэйэтин ыарыытынан, тохтубут хаанынан, оҕолорун олохторунан, бу референдумҥа куоластыыр этэ диэхпин баҕарабын. Бүгүн харах уулаах бы­­рааһынньык, тоҕо диэтэр, үгүстэр бу күҥҥэ тиийбэтилэр. Кинилэр маннык үөрүү кэлиэҕин билбэккэ да барбыттара. Ол эрээри, эрэ­нэллэр этэ. Донбасс бу бэйэтин дьиэ­тигэр эргиллэр суолун эрэ­йинэн, харах уутунан, хаанынан ситистэ.

Тыл күүһүнэн кыргыһыы

Анна Ревякина – 8 кинигэ ааптара, ДНӨ Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссээдээтэлин солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, экэниэмикэ билимин хандьыдаата, уопсастыбанньык, дассыан, икки оҕо ийэтэ, тапталлаах кэргэн. Кини сытыы кылыс тылынан кырдьыгы кырыылыыр, тыл күүһүнэн “кыргыһа” сылдьар бэйиэт кыыс буолар. Кини төрөөбүт-үөскээбит Донецкай куоратын хоһуйар куолаһа буолан, ыксаллаах да түгэннэргэ хаалларбатаҕа, көспөтөҕө, иэдээнин бииргэ үллэстибитэ.

Анна оҕо сааһа Донецкайга ааспыта. Оскуоланы бүтэрэн баран, тиэхиньиичэскэй кэллиэскэ үөрэммитэ. Салгыы Донецкайдааҕы национальнай университет экэниэмикэҕэ факультетын, онтон аспирантуратын, суруналыыстыкаҕа салаа­тын бүтэрбитэ. Алта сааһыттан хоһоон суруйар. Бастакы хоһооно Нижнекурганская диэн уулуссатын туһунан этэ. Билигин биир сүрүн лирическэй уобараһа – төрөөбүт куората.

2011 сыллаахха “Сердце” диэн бастакы кинигэтин таһаарыаҕыттан, бэйиэт быһыытынан биллэн барбыта, литературнай биэчэрдэри ыытар буолбута. Кэргэн тахсан, уол оҕолонон, мөлүйүөнүнэн дьоллоох эдэр ыал сиэринэн олорон испиттэрэ. Онтон 2014 сыл үүммүтэ…

“Донецкайтан тоҕо барбатаххыный?” диэн киниттэн элбэхтик ыйыталлар. Кырачаан уола Саша ол иэдээннээх сылларга улааппыта. “Туох да буоллун, туох да мэһэйдээтин, биһиги суобастан тахсар сөптөөх быһаарыныыны бэйэбит эрэ ылынабыт” диэн кини эппиэттиир.

Бу кэмтэн ыла кини олоҕо – бөрүө тутан, өй-санаа, тыл фронугар киирсии. Ревякинаны күүскэ өйөөччүлэр да, утарсааччылар да бааллар. Интэриниэккэ үөҕээччи да элбэх. Кинилэрдиин биир таһымҥа түһэн, этиһэн-үөхсэн барбат. Ол эрээри, кини аатын бэлиитикэҕэ сыһыардахтарына, сөбүлээбэт: “Поэзияны уонна бэлиитикэни булкуйар сатаммат! Патриотизм – бу киһи бэ­­йэтин санаата, иэйиитэ, син биир ийэҕэр тапталыҥ кэриэтэ. Патриотизм муода буолла дииллэрэ сыыһа – бу муода боппуруоһа буолбатах! Нуучча патриотизма урут да баар этэ, дойдубут уонна нуучча эйгэтэ тыыннааҕын тухары баар да буола туруоҕа!”

Кини тэлэбиидэнньэҕэ да тахсар, литературнай биэчэрдэри ыытар, блогар элбэхтик суру­йар. “Город До, хроники Донецка” киинэҕэ уһуллан, “Бастыҥ тэлэбиидэнньэ бырайыага” дьупулуомунан наҕараадаламмыта. Уопсастыбаннай үлэнэн күүскэ дьарыктанар. Донецкайга “Кофе-кошка-Мандельштам” литературнай устуудьуйаны арыйан үлэлэтэр. “Слово о Новороссии” уопсастыбаннай-литературнай быра­йыак көхтөөх кыттааччыта.

Бэйэтин блогар тус олоҕун кистээбэт. Кэргэнэ Евгений Дроняевтан арахсыбыта. 2020 сыллаахха иккиһин кэргэн тахсыбыта уонна кыыс оҕоломмута. Оҕолорун, кэргэнин хаартыскаларын блогар хото таһаарар.

Кинигэлэрэ – “Сердце” (2011 сыллаахха), “Хроники города До. Безвременье” (2014 сыл), “Зубная фея” (2015 сыл), “Шахтерская дочь” поэма (2016 сыл), “Остров” (2019 сыл), “Восемь донбасских лет” (2022 сыл). Захар Прилепин эрэдээксийэтинэн “Я – израненная земля” хомуурунньук хос ааптара.

2021 сыллаахха “ЛиФФт-2021” Бүтүн Арассыыйатааҕы национальнай литературнай бэстибээлгэ “Русский колокол” диэн кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Маны тэҥэ, Арассыыйатааҕы национальнай бириэмийэ лауреата, “Чеховская осень” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл гран-при ха­­һаайката.

– Анна хоһооннорун ааҕабын уонна сөҕөбүн: хайдах курдук кини кыраҕа – улууну, олох бытархай түгэннэригэр – бүтүнү, иэйии үлтүркэйдэригэр – муудараһы, дириҥ ис хоһоону булан көрөрүн. Алдьаммыт олоҕу рифманан килиэйдээбэккин, “тыыннаах уунан” ыһан тилиннэрбэккин диэн киниэхэ этиэхпин баҕарабын. Ол эрээри, кини өйдүө суоҕа, дьон сүрэҕин таарыйар, долгутар аналлаах төрөөбүт киһи буолар… – диэн бэйиэт Станислав Куняев кини айар үлэтин туһунан эппитэ.

“Шахтерская дочь” поэмаҕа иэйии күүһүн, үрдүк маастарыстыба, уран тыл баарын, кырдьыгы ис сүрэҕиттэн этэрин иһин Евгений Евтушенко Анна Ревякинаны “нуучча улуу поэтессата” диэн ааттаан турар. Бу айымньы нуучча литературатын историятыгар дьоһун миэстэни ылара саарбаҕа суох.

Анна Ревякина

РЕКВИЕМ

Как уходят герои? Молча.

Растеряв все рефлексы волчьи.

Вместо слёз для них — море горечи,

вместо роз для них — залп тройной

холостыми, и серый в штатском

что-то скажет нам о солдатской,

о судьбе двух народов братских,

пофлиртует с седой вдовой.

А над кладбищем, там, где дымка,

реют ангелы-невидимки,

их не видно на фотоснимках,

но ты слышишь шуршанье крыл.

Это ветер в густых берёзах

прячет наши с тобою слёзы.

Наша жизнь — череда наркозов

да пролитых на лист чернил.

Развяжи мои губы словом,

я парю над изрытым полем,

я привык, что тобою болен,

я привык уже умирать.

Я лечу, и мне светят звёзды,

и рябины алеют гроздья,

и вся жизнь теперь то, что поздно,

то, что вряд ли воротишь вспять.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: