Донецкай өрөспүүбүлүкэ баһылыга саха уолун наҕараадалаата
07.08.2023, 14:30
Хаартыска: Денис Пушилин телеграмм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:
Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ баһылыга Денис Пушилин аатырбыт «Алеша» тааҥка экипааһын наҕараадалаата. Ол туһунан кини Телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Ол курдук, Расим Баксиковка, Александр Леваковка уонна Саха сириттэн сылдьар Алексей Неустроевка Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ «Кыһыл көмүс сулуһун» туттарда.
Оттон дивизия хамандыырыгар, генерал-майор Игорь Анатольевич Кузьменковка Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэ Дьоруойун аатын иҥэрдэ.
Пушилин наҕараадалааһын туһунан өссө сиһилии иһитиннэриэх буолла.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: