Салгыы
Дьоҥҥо сулууспалааһын үтүө холобура

Дьоҥҥо сулууспалааһын үтүө холобура

10.11.2024, 09:30
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Киһиэхэ биирдэ бэриллэр олоҕун ырыҥалаан көрдөҕүнэ, төрөөбүт күнэ, үүнээйи силис тартаҕына үүнэрин кэриэтэ, олоҕуҥ дьылҕата  саҕаланар кэмэ. Онон чугастык билэр киһигин төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээһин – норуокка бигэтик олохсуйбут үтүө үгэс.

Төрөөбүт дойдута сайдарын туһугар билиитин-көрүүтүн, сатабылын бүүс-бүтүннүү ууран үлэлээбит Акимов  Александр Константиновиһы төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээн туран, кини олоҕун сорох түгэннэриттэн ахтарга сананным.

Александр Константинович Акимов үлэтин-хамнаһын төрөөбүт оройуонугар “Сунтаар” сопхуоска кылаабынай экэнэмиис дуоһунаһыттан саҕалаабыта. Ол кэмҥэ мин оройуоҥҥа  райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир этим. Биирдэ “Сунтаар” сопхуос 1976 сыллаах үлэтин түмүгүн дьүүллэһэр партийнай-хаһаайыстыбаннай актыып мунньаҕар сырыттым. Сопхуос кылаабынай исписэлиистэрэ тура-тура сыллааҕы үлэлэрин түмүгүн сырдаттылар, үксүгэр үлэ үчүгэй өттүн кэпсээтилэр. Онтон трибунаҕа биир уһун хатыҥыр эдэр киһи тахсан ситиһиилэр туһунан буолбакка, ситэ туһаныллыбатах кыахтары арыйда. Салгыы сопхуос кылаабынай экэнэмииһэ сүрүн салааларга үлэ оҥорон таһаарыытын ырытта, оҥорон таһаарыллар бородууксуйа бэйэҕэ турар сыанатын уонна сопхуос финансовай көрдөрүүлэрин, оробуочайдар ыйдааҕы хамнастарыгар тиийэ ырытта. Истэн олорор дьон сэргэхсийэ түстүлэр, “кырдьык даҕаны, салгыы үүнэр-сайдар кыах баар эбит, хамнаспытын даҕаны үрдэтэрбит хаалбыт” диэн өйдөбүлгэ кэлбиттэрэ тута көһүннэ. Дьэ ити хорсуннук уонна чуолкайдык эппит-тыыммыт кылаабынай экэнэмиис Александр Акимов этэ. Кырдьык даҕаны, ол түгэни санаатахпына, Александр Акимов, үрдүк үөрэҕи саҥа бүтэрэн кэлэн үлэлээн эрэр киһи диэтэххэ, киэҥ толкуйдаах, экэниэмикэ үөрэҕин  төһүү оҥостон, салалта саҥа  көрүҥнэрин олоххо киллэрэн, сайдыы суолун тутуһуохха диэн быһаарыммыт, улахан кэскиллээх салайааччы үүнэн эрэрин көрдөрбүт эбит.

Тоҕо да  бэрдэй, бириэмэ түргэнник барара. Ити кэпсээбит кэмнэрбин олох соторутааҕыта буолбут курдук санаан ылабын. Дьиҥэр оннук буолбатах. Дьыллар, күннэр элэс гынан ааспыттар. Александр Константинович хайыы-үйэ 70 сааһын сэтинньи 10 күнүгэр туолар. “Балысхан үлэ үөһүгэр сылдьар киһи дойдутун, дьонун-сэргэтин, норуотун туһугар ахсаабакка туруулаһар киһи бириэмэни билиммэт” диэн этэллэр. Ити тыллар Александр  Константиновичка толору сыһыаннаахтар. Күн бүгүн кини өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар киэҥник биллэр уонна ытыктанар судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл.

Сунтаарга райсовет исполкомугар үлэлиир кэммэр ССКП райкомун I сэкирэтээрэ Иннокентий Осипович Пахомовтыын тапсан, биир сүбэнэн үлэлээбиппит. Кини норуот хаһаайыстыбатын сайыннарыы бөдөҥ боппуруостарыгар, ол иһигэр каадырдары үүннэрии, уларытыы дьыалатыгар миигин кытары мэлдьи сүбэлэһэр буолара. Ол курдук, биир көрсүһүүбүтүгэр, мин урут комсомолга үлэлээбиппин билэр буолан, сотору буолуохтаах оройуоннааҕы комсомольскай конференцияҕа райкомол бастакы сэкирэтээринэн  Александр Акимовы былаанныырын эттэ уонна ол кандидатураны мин туох дии саныырбын ыйытта. Мин: “Саамай сөп буолуо”, — диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Ол миэхэ оччолорго Александр инникитин үүнэр кэскиллээх диэн өйдөбүл үөскээбититтэн буолуохтаах.

А.К. Акимов комсомол райкомугар талыллаат, норуот хаһаайыстыбатын сүрүн салааларыгар: тыа хаһаайыстыбатыгар, норуот үөрэҕириитигэр, култуураҕа ыччат оруолун биллэрдик күүһүрдүбүтэ. Оройуоннааҕы комсомольскай тэрилтэ уонна сопхуостаах комсомол  ыччаттар кэлэктииптэрэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар куоталаһыылар кыайыылаахтарынан тахсыталаабыттара. Оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын сүрүннүүр тэрилтэнэн оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын бырабылыанньата буолара. 1982 сыл ортотугар бырабылыанньа начаалынньыгынан “Тойбохой” сопхуос дириэктэрин Михаил Гаврильевич Павловы анаатыбыт. Дьэ, бу бөдөҥ сопхуос салайааччытынан салгыы кими туруорабыт диэн сүбэлэһии буолбутугар, баартыйа райкомун уонна райисполком салалтата биир санаанан экэнэмиис үөрэхтээх үүнэн иһэр каадыры Александр Акимовы аныырга быһаардыбыт. Райком I сэкирэтээрэ ССКП обкомун  уонна ЫБСЛКС обкомун салалталарын кытары олус судургута суох кэпсэтэн быһаартарда.  Бастаан обкомол салалтата үчүгэй, эрэллээх каадырын хаһаайыстыбаннай үлэҕэ ыытыан баҕарбатах үһү.

А.К. Акимов сопхуос дириэктэринэн үлэтин эрчимнээхтик саҕалаабыта. Күһүн  мин анаан Тойбохойго командировкаҕа тахса сылдьан саҥа дириэктэр үлэтин кытта билсэн, биһирээн турабын. Тыа хаһаайыстыбатын салайыы үгэс буолбут хайысхаларын таһынан саҥа сүүрээннэри киллэрэргэ дьулуһара көстөрө. Ол дьылларга ардахтар күүскэ түһэннэр сир-дойду ууга барбыта, сүөһү аһылыгын базатыгар улахан ыарахаттар үөскээбиттэрэ. Нэһилиэктэр ыккардыларыгар суол-иис олус мөлтөх этэ.

Ол кэмҥэ сири  оҥорууга, ордук ууга барбыт күөллэри түһэрэн, ходуһаны кэҥэтиигэ оройуоҥҥа күүстээх үлэ бара турарыгар кыттыһан, күөллэр ууларын түһэриигэ бэйэтин чопчу этиилэрин киллэрбитэ. Тойбохой күөлэ хаатыттан тахсан, ботаническай саады ылан, бөһүөлэк үөс өттүттэн хас да ыал дьиэтэ ууга барбыта. Быыра күөлэ, Кулуһуннаах күөллэрэ толору уутуйан, ходуһалары бүтүннүү тимирдибиттэрэ. Кырдьаҕастар да этэллэринэн, Тойбохой сирэ итинник ууга барбытын ким да өйдөөбөт. Арай, номох быһыытынан, ааспыт үйэ саҥатыгар буолбуттааҕа үһү.

Александр Константинович биһиги өйөбүлбүтүн ылан, ууну түһэрии тустаах сыллааҕы былааныгар киллэттэрэн, шефтээх “Якуталмаз” көмөтүнэн түргэнник былаан оҥорторон, үлтү тэптэриини уонна экскаваторынан үлэни дьүөрэлээн, кылгас кэм иһигэр ити үөһээ этиллибит олус улахан күөллэр ууларын түһэртэрбитэ. Тыһыынчанан гектар ходуһа, бааһына сирдэрэ босхоломмуттара. Ити кылгас кэмҥэ ыытыллыбыт кэлимнээх үлэтин иһин дьон-сэргэ үрдүк сыанабылын, махталын ылбыта.

Ол дьылларга суол оҥоһуутугар биһиги улахан суолтаны биэрбиппит, үлэбит биир сүрүн хайысхатын быһыытынан ааҕарбыт. Олохтоох суоллары тутууга, сопхуостар салайааччылара оччотооҕуга төһө күүс кыайарынан киирсибит, кыттыспыт сопхуос дириэктэрдэриттэн биирдэстэрэ буолар диэн сыаналыыбын. Кини Тойбохой-Уһун Күөл-Маар Күөл суолларын хаһаайыстыбаннай ньыманан тупсаран оҥорторуу симиэтэтин бэлэмнэппитэ уонна үлэтин саҕалаабыта. Биллэн турар, сопхуос дириэктэринэн икки эрэ сыл үлэлээн кини элбэх туһалаах былааннарын бэйэтинэн тиһэҕэр тиэрдибэтэҕэ эрээри, суолун солообута, олугун уурбута.

Ыччат ортотугар дьиҥнээх лиидэр буолар кыахтааҕын таба көрөннөр, 1983 сыллаахха А.К. Акимовы ЫБСЛКС уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн талбыттара. Мин ол кэмҥэ ССКП Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун I сэкирэтээринэн үлэлиирим. Дьаһаллаах, олоххо саҥаны киллэриигэ дьулуурдаах обкомол салайааччыта үлэлии кэлбитин оройуоҥҥа  сотору кэминэн билбиппит: комсомол райкомун үлэтэ биллэрдик тэтимирбитэ.

Дойду сайдыытыгар тосту өҕүллүүлээх дьыллар 1990-с сылларга буолбуттарын бары билэбит. Дьэ ити кэмҥэ урут үлэлээбит каадырдар уйаннара-хатаннара көстүбүтэ. Сойуус ыһыллан, Арассыыйа судаарыстыбата үөскээбитэ. Көҥүл ырыынак уонна демократия  үйэтэ кэлбитэ. Урукку систиэмэ уонна аныгылыы сайдыы хайысхатын тутуһар  күүстэр утарыта туруулара, мөккүөрдэрэ үөскээбитэ. Саха сиригэр сайдыы саҥа суолун тутуһар күүстэри Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ, онтон кэлин өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев баһылаабыта. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Саҥа суолунан сайдыы хайысхалара, бастакы сокуоннара ылыллыбыттара. Ити быһаарыылаах кэмҥэ А.К. Акимов туох да саарбахтааһына суох М.Е. Николаев кадровай састаабыгар киирбитэ. Ити  уустук кэмҥэ кини нэһилиэнньэни социальнай өттүнэн харыстыыр, үлэ уонна үлэлээх буолуу министиэристибэтин олус сатабыллаахтык уонна таһаарыылаахтык салайбытын мин чорботон бэлиэтиэм этэ. Миниистир А.К. Акимов нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын харыстааһыҥҥа, инбэлииттэр, сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрэ, биэнсийэлээхтэр ыарахан кириисис кэмигэр  харысхаллаах буолууларыгар элбэх чопчу дьаһаллары ылаттаабыта, биэнсийэлэр, босуобуйалар үрдээһиннэригэр саҥа нормативнай аахталары оҥорторон бигэргэттэрбитэ. Ол түмүгэр, төһө даҕаны өрөспүүбүлүкэ ыарахан финансовай балаһыанньалааҕын үрдүнэн, нэһилиэнньэ, ордук кыаммат, тиийиммэт  араҥата, харысхаллаах буолуутугар Саха сирэ атын эрэгийиэннэрдээҕэр ордук көрдөрүүлээҕэ уонна Арассыыйа уон бастыҥ үлэлээх эрэгийиэннэрин ахсааныгар киирбитэ.

Ити курдук сылтан сыл үүнэн-сайдан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар тиийэ үлэлээбитэ. 2002 сыл тохсунньу ыйга Вячеслав Анатольевич Штыров Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Вице-бэрэсидьиэн дуоһунаһыгар Александр Константинович Акимов туруоруллубута. Кинилэр  быыбар иннинээҕи  бырагыраамаларыгар туруоруллубут соруктарын олоххо киллэриигэ  вице- бэрэсидьиэн А.К. Акимов салайар уонна тэрийэр оруола улахан этэ диибин. Кини аата норуокка киэҥник биллибитэ, дириҥ ытыктабылынан ааттанар буолбута уонна биллэр-көстөр судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл буола үүммүтэ. Кини элбэх өрүттээх, киэҥ далааһыннаах үлэтиттэн манныктары бэлиэтиэм этэ. Олохтоох парламент иһигэр ситэ өйдөһүү суоҕуттан өр кэмҥэ быһаарыллыбакка турбут, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар харгыс буолбут олохтоох бэйэни салайыныы боппуруоһа оннуттан хамсаабыта. Бэйэни салайыныыны муниципальнай тэриллиилэр таһымнарыгар диэри олохтооһун, өрөспүүбүлүкэҕэ муниципальнай реформаны олоххо киллэрии – бу  судаарыстыбаннаһы сайыннарыыны уопсастыба саамай түгэҕэр диэри тириэрдии этэ. Бу олус наадалаах уонна уустук боппуруос быһаарыллыытыгар анал сокуону ылыннаттаран, ону дьиҥнээхтик олоххо киллэриини Акимов А.К. салайбыта уонна сыалын ситтэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох бэйэни салайыныы систиэмэтэ чуолкайдык үлэлиир.

Өрөспүүбүлүкэ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев муударай уонна киэҥ далааһыннаах салалтатынан, Саха сирэ экэниэмикэни уонна  социальнай сайдыыны кытары тэҥҥэ национальнай култуура, үгэс, успуор сайдыытыгар киэҥник хардыылаабыта. “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуу түөртүү сылынан быысаһан ыытыллар. Барыта  8 норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууттан алтата Саха сиригэр буолбута. Ол курдук,  2004, 2008 сыллардааҕы III, IV “Азия оҕолорун” оонньуулара А.К. Акимов салалтатынан үрдүк тэрээһиннээхтик барбыттара, дьон сүргэтин көтөхпүттэрэ. Оонньуулар таһымнара үрдээбитэ, ЮНЕСКО уонна МОК көҕүлээһиннэринэн барар буолбуттара. Ити тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ  аатын-суолун киэҥ Арассыыйа дуолугар дорҕоонноохтук иһитиннэрбиттэрэ.

М.Е. Николаев саха олоҥхотун, ыһыаҕын, айылҕатын кэрэ сирдэрин  аан дойдуга таһаарыыга уонна билиһиннэриигэ үлэтин саҕалаабыта. Ити саха норуота омук быһыытынан култууратын үрдүк кэрдиискэ таһаарыыга, саха олоҥхото аан дойду норуоттарын шедеврын  быһыытынан  билиниигэ көхтөөхтүк үлэлээн А.К. Акимов тус бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.

2007-2013 сылларга Александр Константинович Акимов Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ. Кини федеральнай салайар структура үлэһиттэрин кытары, бастатан туран Арассыыйа Бэрэсидьиэнин, бырабыыталыстыбатын аппараатын кытары алтыһан, өйдөһөн өрөспүүбүлүкэбит интэриэһин ситиһиилээхтик көмүскүүрэ. Наада буоллаҕына РФ бырабыытылыстыбатын уураахтарын, Бэрэсидьиэн Ыйааҕын бырайыактарын оҥорсон, ол докумуоннары тустаах министиэристибэлэри, биэдэмистибэлэри кытары сөбүлэһиннэрэн, түргэнник көрүллэн илии баттанарын ситиһэрэ. Үксэ өрөспүүбүлүкэҕэ үп-харчы, материальнай-техническэй ресурсалары ситиһиигэ сыһыаннаах буолара. Онон А.К. Акимов бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлиир сылларыгар Саха сирин кыһалҕаларын быһаарсыыга, сайдар кэскиллэрин торумнааһыҥҥа, киин куораттарга үөрэнэр устудьуоннарга көмөлөһүүгэ, Москва куоракка олорор Саха сиригэр үлэлээн ааспыт биир дойдулаахтарын түмүүгэ ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар кылаатын киллэрбитэ.

Александр Константинович Саха сириттэн дойду үрдүкү былааһын уорганыгар Федеральнай Мунньах Федерацияҕа Сэбиэтин сенаторын эппиэттээх эбээһинэһин икки болдьоххо – 2013-2023 сылларга толордо. Онно Федерация Сэбиэтин икки сис кэмитиэтигэр салайааччынан үлэлээтэ. Сенатор быһыытынан Уһук Илин эрэгийиэн, Арктика олохтоохторун илгэтэ тупсуутугар, экэниэмикэтэ сайдыытыгар сыһыаннаах элбэх сокуоннар бырайыактарын бэлэмнэһэн, бигэргэттэрэн олоххо киириитин ситистэ. Олортон олус наадалаахтара — “Хоту таһаҕас тиэйиитин” туһунан уонна “Олохтоох кыра ахсааннаах омуктар интэриэстэрин уонна бырааптарын көмүскээһин”.

А.К. Акимов өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын А.С. Николаев Ыйааҕынан Уһук Илин, Арктика уонна Антарктида Сэбиэтигэр Саха сирин Ил Дарханын анал бэрэстэбиитэлин быһыытынан үлэтин быйылгыттан салҕаата.

А.К. Акимов — актыыбынай уопсастыбанньык.  Кини эрдэттэн толкуйдаммыт уонна алларааттан тэриллибит күүстээх үлэтин түмүгэр национальнай успуор маассабай көрүҥэ “мас тардыһыыта” аан дойду таһымыгар таҕыста. “Мас-рестлинг”  диэн аатынан  аан дойду күрэхтэһиитигэр тиийэ  сайынна. Александр Константинович билигин мас-рестлинг аан дойдутааҕы федерациятын бэрэссэдээтэлинэн талыллан, саха норуотун таптыыр спордун көрүҥэ Олимпийскай оонньууга киирэригэр туһааннаах үлэни ыытыһар.

Александр Константинович 70 сааһын туолуор диэри олоҕун хайысхалара: киһиэхэ убаастабыл, дьон туһугар кыһаллыы, уопсай дьыалаҕа бэриниилээх буолуу, туруоруммут сыалы толорууга күүстээх дьулуур, үлэҕэ, олоххо мэлдьи кэрэҕэ тардыһыы.

Биһиги маннык дьоһуннаах олоҕу олорон кэлбит аҕам саастаах дьоммутун билиэхтээхпит, холобур оҥостуохтаахпыт. Оччоҕуна сайдыыбыт түргэтииригэр, олохпут тупсарыгар эрэлбит күүһүрүө!

Климент Иванов.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: