Бэс ыйын 14 күнүгэр Аан дойдутааҕы хаан донорын күнэ бэлиэтэммитэ. Бу күн тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кэлэн, хаан туттардылар.
— Донор күнүгэр, куруук буоларын курдук, үлэ кэлэктииптэрэ кэлэн, хаан туттарыы аахсыйатыгар кытталлар. Саамай элбэхтик «Сахатранснефтегазсбыт», федеральнай казначейство управлениетын, приставтар федеральнай сулууспаларын, куорат Дууматын, Национальнай гвардия, УФСИН, ИДьМ, «Сахателеком» үлэһиттэрэ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа чилиэннэрэ, миэдиктэр туттараллар. Хааны кутуу ыстаансыйатын аатыттан кинилэргэ махталбытын биллэрэбит, — диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Хаан донорынан 18 сааһын туолбут, 50-тан тахса киилэ ыйааһыннаах, доруобай, мэдиссиинэ чинчийиитин ааспыт киһи буолуон сөп.
Хаан туттарбытын кэннэ, донорга эбии өрөбүл күн бэриллэр, онно хамнаһа төлөнөр уонна үчүгэйдик аһыырыгар диэн тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 5%-гар тэҥнэһэр суумалаах харчыны биэрэллэр. Онтон бастайааннай донордарга бу харчы тиийинэн олоруу алын кээмэйин 18%-гар тэҥнэһэр.
Арассыыйа Бочуоттаах донорынан хаанын 40-тан, плазматын 60-тан тахсата туттарбыт киһи буолар. Бочуоттаах донордар араас чэпчэтиинэн туһаналлар. Судаарыстыбаннай, муниципальнай мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр уочарата суох босхо эмтэнии, уоппусканы табыгастаах кэмҥэ ылыы, сонотуоруй-куруорт чэпчэтиилээх путевкатын бастакы уочарат ылыы, о.д.а. Ону тэҥэ, Бочуоттаах донорга сылга эбии 16 342 солкуобай төлөнөр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…
Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …